.
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу - страница 16

Название:

Автор:

Издательство:

Жанр:

Серия:

isbn:

isbn:

СКАЧАТЬ күрэс күрдьүөттэһэриттэн былчыҥ-былчыҥнара быыппаста күүрбүтүн чараас ырбаахыта таһыгар билиннэрбэт этэ. Арай сирэйэ-хараҕа тыҥаабытын сирийэн көрдөххө быһаарыахха сөп курдуга.

      – Оо, дьэ, Дьарааһын обургу эмиэ бастаата, арааһа, кыайарга анаан оҥостон кэлбит быһыылаах, – диэн хатыҥ анныгар күлүккэ туран Ньукулай атыыһыт бүтэйдии мүчүйэн ылла.

      – Кырдьык оннук буолуон сөп. Төһө да биэс уончатын аастар, оҕонньор чахчы кулун атаҕа киирбит курдук, хотуурун иэнэ күн уотугар килбэҥнээн олорор, дьэ киһи чахчы охсооччулаахпын диир киһитэ. Көрүҥ-көрүҥ, – аастыйбыт баттахтаах оҕонньор талах тайаҕынан ыйан көрдөрөр, сыҥааҕын ньолос гынан онтун бигэргэтэр.

      – Барахсан, барыылардаах уол оҕото буоллаҕа. Иэмэх курдук эриллэҥнээн дайбыырын оҕоккото, оо, дьэ кунай да кунаай, – үөһэ халдьаайы быарыгар турааччылар саҥа аллайаллар.

      – Бэйи-бэйи, көрүөхпүт, күн да уһун, былыргы киһи киэһэнэн хонноҕо аһыллааччы. Олус хайҕаамаҥ эрэ, киһигит эстэн хаалаарай, һэ-һэ.

      Ыраахтан көрдөххө бэҕэһээҥҥэ диэри иһийэн турбут Булуустаах ходуһатыгар киһи-сүөһү бөҕө тоҕуоруспут. Чугас баар элгээнтэн хойуу күөх буруо унаарыйар. Онно бүгүн сарсыарда аҕалан тиэрэ биэрбит байтаһын ынахтарын олгуйдарга буһан эрэр эмис этин асчыт эргитэлээн биэрэр, талах маһынан ураннаан оҥоһуллубут былаайаҕынан хостоон ылан көрөн баран: «Өссө да ситэ буһа илик», – диэн ботугуруур, оргуйа турар мииҥҥэ салгыы түһэрэр. Кини аттыгар өссө икки-үс дьахтар көмөлөһөн кэлэ-бара сүпсүгүрэґэллэр. Бэтэрээ кулуһуҥҥа саламаат буһан кулдьугуруу турар. Арыый хады күөх сэбирдэххэ үөлүллүбүт мунду кэккэлэччи ууруллубута кэчигирээн көстөр.

      Ити икки ардыгар оттоох ходуһаны уһаты-туора солоон, сэрбэйбити барытын тэлэкэлээн куоталаһааччылар бэтэрээ диэки эргиллэн төннөн иһэллэрэ көһүннэ.

      – Оо, дьэ, дьоммут сүрдэммиттэр. Мааҕыҥҥыттан тэтимнэрэ өссө эбиллибиккэ дылы, тоҕо сүрэй… – ким эрэ саллан баһын быһа илгистэр.

      – Буолуо-буолуо, оннооҕор бу мин нэһииччэ борутар киһи «көрдөхпүнэ», күүдэпчилэнэн дьэ сүрдээхтэр, – хараҕа бэрэбээскилээх оҕонньор кыыкынаан саҥарара иһиллэр.

      – Ээ, арба омурҕаммыт да чугаһаатаҕа. Ол иһин тэрийээччилэр итинник эргиттэхтэрэ. Үһүс эргиирдэрэ буола оҕустаҕа. Дьэ хата бу үлүгэрдээх киэҥ дуолу тулутуохтара суох. Кырбаһааҥкыммыт адьас сөпкө дьаһайбыт, ходуһатын киэҥ көхсүн бүтэртэрэн кэбистэҕинэ, отун сүрүн үлэтин түмүктүүһү…

      Омурҕаҥҥа тахсыбыттара, сыалаах эт дэлэччи тардыллан күөх окко тэлгэтиллибит. Арыылаах саламаат көһүйэлэргэ сойутуллан турарын отчут дьон хамыйаҕынан ылан сиэн тунахтаан бардылар, ол кэнниттэн дьон сыалаах эти тэллэччи быһа-быһа ыстаан ыллаҥнаттылар.

      – Оо, хата, бу эппит сымнаҕас баҕайы эбит! – дии-дии Кырыы Дьарааһын эти минньигэстик ыстаталаан дьүккүк гынан ыйыста олордо.

      – Дьэ, үлэһит киһи аһастаах буолар баҕайыта, бу Дьарааһын биир күүлэйгэ сап-саһархай сыалаах сылгы үс ойоҕоһун биирдэ тиниктээн СКАЧАТЬ