Атыыһыт Кырбаһааҥкын. Дабаччыма
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Атыыһыт Кырбаһааҥкын - Дабаччыма страница 12

Название: Атыыһыт Кырбаһааҥкын

Автор: Дабаччыма

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6122-8

isbn:

СКАЧАТЬ курдук өҥнөөх тааһы хомуйан, күнү быһа тоҥхоҥноһон, ону тыыга хаалаан, хаста да кырынан ыкса киэһэ дьиэлэрин буллулар:

      – Дьэ, тукаам, Өллүөт, бүгүн син балайда тааһы хаһаанныбыт, онон аны күһүн от-мас үмүрүйбүтүн, балаҕаҥҥа киирбит кэннэ тимирбитин уһаарыахпыт. Сүрүн күүстээх үлэбит эмиэ онно.

      – Ээ, сөп-сөп, аҕаа, онтон уруккубут курдук маспытын тэйиччи куруҥ тыаттан таһынарбыт буолуо дии?! Элбэх мас наада.

      – Оннук-оннук. Тиит мас хаппытыттан чох ордук тахсар, ол гынан баран биһиэхэ тирэх, тэтиҥ да мастар булкуһан умайыахтарын сөп, онон хайа баҕарар мас барсар. Көрүөхпүт.

      – Ээ, оннук эбит дии, – уол тимир уһаарыытын балайда билэр буолла эрээри өрүү чопчулаһар, мээрилэһэр идэлээх.

      Оттон Муттук Уус уола ону-маны мындырдаан билэ-көрө, өйдүү сатыырын хайҕаан, иһигэр үөрэ саныыр: «Кэлин баҕар мин туйахпын хатарыан сөп, биэс оҕобуттан соҕотох уол ээ».

      Сотору ийэлэрэ Дэбдэ дьонун аһылыкка ыҥырда. Күнү быһа үлэлээн сылайбыт эр дьон эмис эттээх миини тыастаахтык иһэн сыпсырыйдылар, сытыы быһахтарынан эттэрин элийэн ыла-ыла сиэн тэллэҥнэттилэр.

      – Хайа, доҕоор, төһө тааһы буллугут, хайа диэкинэн сылдьан кэллигит? – хотуна дьэс чаанньыктан чэй кута-кута ыйыталаһар.

      – Ээ, өр көрдөөтүбүт, Алаас Хайатыгар аҕыйах эбит, ол иһин Төрүт Хайатыгар тиийбиппит, хата онно син баар соҕус, ону хомуйан тыынан таҥнары уһуннаран аҕаллыбыт уонна уһаарар оһох таґыгар таһааран чөмөхтөөн кэбистибит, – Муттук сылаас алаадьыны ууллубут арыыга уган ыла-ыла минньигэстик быллаҥнатар.

      – Хата син булбуккут, мэлийбэтэххит, аны кыһын үлэлииргэр болгуоҥ баар буолбут, дьон үлэһиитэ элбэх, үгүстэр анньыы наада дии-дии ыксаталлар. Бэйи, анньыыта суох күһүн муус да ылыммаккын, ойбоҥҥун да тэспэт буоллаҕыҥ. Оччоҕо хайдах туспа ыал буолан, сүөһү ииттэн олоруоххунуй? Дьэ, накаас.

      – Оннук. Бүгүн күүстээх-уохтаах уол Өллµіт көмөлөһөн абыраата, эрдиигэ олус дьоҕурдаах оҕо эбит, кини баар буолан үлэбит үмүрүйдэ, – оҕонньор туран хамсатыгар чох уурунаары эҥэр оһоҕор чугаһаата. Сотору сылайбыт дьон уулара кэлэн утуйардыы оҥоһуннулар. Таһырдьа хараҥа халлааҥҥа аата-ахсаана биллибэт бачымах курдук сулустар чыпчыҥнастылар. Хотуттан тымныы тыал үрбүт.

      Күһүн кыстык хаар түспүтүн кэннэ Муттуктаах өрүс тэҥкэтигэр мас мастыы таҕыстылар. Бу хойуу мастаах сискэ кубарыччы хаппыт куруҥах тииттэри охтортоон уот оттон күөдэпчилээтилэр, сорохтор чугастааҕы кур тирэхтэри эбэн уматтылар. Көмөрү оҥорууга сүрдээх элбэх мас наада буолар, онон сүүрбэччэ сыарҕа мастан көмөр мустулар. Ону сойбутун кэннэ хаптаһын хоппоҕо кута-кута уһанар дьиэ таһыгар тастылар. Ол кэннигэр уус дьиэтин күн диэки өттүгэр тилийэ, хордоҕой эниэтигэр кэтит турбалаах, киһи үрдүгүн саҕа төгүрүк моһуоннаах улахан оһох турар. Бу уус дьиэтиттэн күөттэнэр тимири уһаарар оһох. Кини эниэ сирэйин диэки өттүгэр саамай аллара сиксигинэн дьөлөҕөстөөх, СКАЧАТЬ