Атыыһыт Кырбаһааҥкын. Дабаччыма
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Атыыһыт Кырбаһааҥкын - Дабаччыма страница 15

Название: Атыыһыт Кырбаһааҥкын

Автор: Дабаччыма

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6122-8

isbn:

СКАЧАТЬ үчүгэй, ити эппит кунайдаргыттан Кырыы Дьарааһын арааһа саамай хоннохтоохторо быһыылааҕа. Чахчы кылбаһытан, тэлэҥнэтэн охсор ыччат этэ, аны түргэнэ хара сор, ыллар хаамыынан айаннатара. Мин ону кэрэхсээн акка олоро сылдьан кэтээн көрбүтүм ээ, бастакы тыырыыны тахсан баран, көр, аҕылаан, тиритэн да көрбөтөҕө.

      – Кырдьык, ону мин эмиэ көрөн, итэҕэйэн, саллан турардаахпын.

      – Доҕоор, аны аспытын-үөлбүтүн уруккубут курдук дэлэччи тардыахпытын наада. Күүлэйбитин бу сырыыга Өймөкөөн биир саамай аатырбыт киэҥ сыһыытыгар Булуустаахха оІоруохпут этэ. Сураҕа ол дойду быйыл ото сытар гына үүммүт үһү. УІуор-маІаар өттүлэрэ нэлэһийэн көстөр ходуһаҕа дьон-сэргэ көрөллөрүгэр да үчүгэй буолуо.

      – Сөптөөх этии. Ол ходуһаҕа былыр-былыргыттан күүлэйдэр ыытыллаллара эбитэ үһү да, бу кэлин ол үгэс умнулла быһыытыйда дэһэллэр, – Үстүүн тэтэрээккэ тугу эрэ бэлиэтэнэ-бэлиэтэнэ кэпсэтэ олордо.

      – Чэ, итини барытын эн сурукка тиһэн ис. Суотун сөпкө ааҕар наада.

      – Сөп-сөп, бэлиэтэнэн баран дьиэбэр тиийэн түмүгүн таһаарыам.

      Аны аһы-үөлү харыстаабакка хатаҕалыыр наада. Онуоха мин кэтэх хотоммор турар байтаһын ынахпын тиэрэ бэрдэрэр санаалаахпын. Биэ кымыһын Дьаарыйа эмээхсиҥҥэ дэлэччи бэлэмнэтиэххэ наада. Үчүгэйдик аһатар эмиэ икки өттүлээх. Сорох кыттааччылар бастаабаттарын биллэллэр да, эмис этинэн эмсэхтэнээри, кыынньар кымыһынан кэҕэрдээри кэлэллэрэ баар суол, аны төттөрү айанныылларыгар өйүө-тайаа оҥорорбутун дьон бары биһирээбит сурахтарын истээччибин, – Ньукулай кэпсэтии түмүктэнэн эрэрин биллэрэн олбоҕуттан туран эҥээр оһох диэки хаамыталаата, сөҕүрүйэн эрэр чоххо мас чугаһатта уонна алтан чаанньыгын үөс диэки сыҕарыта аста, – чэйдии түһүөхпүт этэ.

      Ити икки ардыгар сайыҥҥы сүүрбэччэ хонук элэҥнээн ааһа оҕуста. Эрдэ биллэриллибитин курдук күүлэйгэ кытта кэлбит от охсооччулар үүнүүлээх ходуһа диэки субурустулар. Хотуурдаахтары Булуустаах киэҥ нэлэмэн ходуһата өлгөм отунан долгулдьуйа көрүстэ.

      Ким эрэ охсооччулартан: «Оо, дьэ, аатырыан аатырбыт эбит, Булуустаах эбэ, нөрүөн-нөргүй буоллун! Эн киэҥ көхсүгэр бу бүгүн дууһабыт иэйиитинэн сирдэтинэн ааттаахтары кытта алтыһаары, бэртэри кытары бэһиэллэхтэһээри, иҥиирдээхтэри кытта иилэҥкэйдэһээри кэллибит. Атыҥырыы көрсүмэ, бэртэх буолан мичилий!» – диэн саҥаран субурутан баран былаҕастабыы охсунна уонна хотуурун таҥас сабыытын сүөрэн иирэ талах төрдүгэр тиийэн өйөннөрү уурда.

      Сотору күүлэй дьоно бары мустубуттарын кэннэ, Ньукулай атыыһыт кэргэнэ Үтүө Даарыйалыын кэккэлэһэ туран охсооччуларга туһаайан:

      – Дьэ, доҕоттоор, өр күүтүүлээх күүлэйи тэрийэр кэммит тиийэн кэллэ. Халлаан да анаабыт курдук күнү бэлэхтээтэ, кыттааччылар да кэлэ сатаатылар. Билиҥҥи туругунан 42 охсооччу ходуһаҕа илин-кэлин түсүһүөҕэ. Бириистэрбит да куһаҕана суохтар. Өссө саас Аллараа Новгородтааҕы киэҥ Арассыыйа атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар кытта сылдьан от охсооччуга аналлаах сэби-сэбиргэли аҕалбытым, СКАЧАТЬ