– Охуотскай бөһүөлэк Охуотскай муора биэрэгин кыйа сытар. Манна балыксыттар, булчуттар, табаһыттар олороллор. Муора итии тыына илгийэр буолан үүнэр маһа-ото ураты. Кыыла-көтөрө дэлэгэй, ордук чөкчөҥө бииһэ хас эмэ уонунан көрүҥнээх. Төрүт олохтоохтор эбэҥкилэр, уильталар, айналар, сахалар. Балык тириититтэн таҥас тигэллэр, омук сириттэн кытайдар аҕалан атыылыыр араас таҥастарын кэтэллэр, оҕуруоларынан киэргэнэллэр. Оҥочону тирэх мастан хаһан оҥороллор, онтукалара туонна таһаҕаһы уйар кыахтаах үһү, – диэн дьонугар кэпсии-ипсии истэ Бөтүрүүскэ, – биһиги да оннугу оҥостуохпутун сөп этэ. Маннааҕы олохтоох омуктар муораҕа киирэн бултууллар үһү да, үксүгэр хайалаах хапчааннарга, от-мас үрэхтэргэ табаны иитиинэн дьарыгыраллар, ордук элбэхтик кырсаны бултууллар. Сороҕор муораҕа дьону кытта куска киирэллэр, табылыннахтарына кыра кииттэри эмиэ бултаһаллар үһү. Балайда идэтийэн бултаатахтарына муорсаны, ниэрпэни, балыгы бултаһаллар. Саамай улахан тыылара бельбуот диэн 6—7 миэтэрэлээх оҥочо, түгэҕэр баалга түҥнэстибэтигэр аналлаах сис мастаах-кииллээх эбит. Ол сэптэрэ хайдахтаах да долгуҥҥа утары да, ойоҕоһунан да буоллаҕына түөрэ эргийбэт аналлаах үһү. Дьэ, дьикти!
Ньукулайдаах дьаарбаҥкаҕа тиийэннэр, араас атыыһыттар, баайдар, көннөрү да атыылаһааччылар мустан улахан мэнэйдэһии тэриллэн эрэрин бэлиэтии көрдүлэр. Онно чукча, юкагир, ламут, эбээн омуктар мустан кус-хаас тойугун түһэрэн эрэллэр эбит. Ол иһигэр тэрийээччилэр араас оонньууну-көрү, арыгыны-аһы, чэйи-табаҕы туох баарынан тардыбыттар. Үгүстэр кырса тириитин, араас суол балык аһы, көтөр булдун, быыһыгар мамонт аһыытын атыылыы сатаан улаханнык саҥара, далбаатана, дьон болҕомтотун тардаары хаһыытыы-ыһыытыы да тураллар. Ким эрэ атыылаһан үөрэр-көтөр, ким эрэ туохха да тиксибэккэ дьаарбаҥканы салгыы кэрийэр.
Ньукулай итини барытын элбэхтэ көрөн-истэн билбит дьыалата. Кини хаһан да иҥсэлээх-оботтоох атыыһыкка маарыннаабат буолара. Ол курдук табаардарын дьаарбаҥка сыанатыттан намыһах соҕус гына тутара, аны кини түүлээҕэ үксүгэр туруга үчүгэй буолан хамаҕатык барара. Өссө үгүс баайдар кини кэлбитин биллэхтэринэ, кэпсэтэн, дуогабардаһан табаарын куулунан ылаллара, онтон кэлин оҕонньор бүтэн барбытын кэннэ, лааппыга таһааран үрдүк сыанаҕа атыылыыллара. Ол ити дьаарбаҥкалар суруллубатах сокуоннара этэ. Икки өттүттэн көдьүүстээх эргинсии – эргиэн сүрүн быраабылата. Ньукулай атыылыырыгар мэлдьи кичээҥи, сэрэхтээх, аһара барыыта суох буолан, кимиэхэ да албыннаппат этэ.
Кырбаһааҥкыннаах уонтан тахса хонук дьаарбаҥкаҕа сылдьан, түүлээхтэрин үксүн батаран, сороҕун мэнэйдэһэн саа-сэп, буорах, бурдук, чэй, табах, таҥас, иннэ, чаанньык, о.д.а. тэриллэринэн байан, кэлбит соруктарын ситиһэн, ону-маны көрө сырыттылар. Дьон маҥнайгы күннэрдээҕэр быдан аҕыйаан, үксэ харчыта кыра, эбэтэр төрүт да суох, аҥаардас кырсаны эрэ тута сылдьар табаһыттар эрэ ордубуттар быһыылааҕа. Олор да ол-бу түгэннэргэ түбэһэн, иһэн- аһаан, сирэй-харах СКАЧАТЬ