Атыыһыт Кырбаһааҥкын. Дабаччыма
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Атыыһыт Кырбаһааҥкын - Дабаччыма страница 17

Название: Атыыһыт Кырбаһааҥкын

Автор: Дабаччыма

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6122-8

isbn:

СКАЧАТЬ киһи буолан биир хотоҕос курдук субуруспуттарын кубулуппакка түһэ тураллар. Кинилэр кэнниллэриттэн кыра соҕус арыттаах Хоточчу Хотуоһаптаах айаннаабыттар, бу бөлөххө арыый эдэр охсооччулар мустубуттар. Иккис омурҕаҥҥа балабыай түһэннэр, бастакылары эккирэтиһэннэр сэниэ-сылба эстэн эрэрэ биллэ быһыытыйбыта. Оннооҕор Хоточчуларын көхсүн тыаһа күрдүргээбитэ, күн уотугар уоттуйбут көлөһүннээх ырбаахыта көхсүгэр хам сыстыбыта, сотору-сотору хотуурун кылааннаары тохтуура элбээбитэ. Онто илистибит этин-сиинин чөлүгэр түһэриэхтээҕин оннугар сүһүөхтэрин нукаай курдук оҥортуурун дьиибэргии иһэр.

      Кэмниэ-кэнэҕэс эмиэ үһүс бүтэһик эргиирдэригэр тиийэллэр. Бары да сылаалара киирбитэ таайан, бытаан соҕустук дайбаҥнаһан дьэ бэтэрээ саҕаны булаллар: «һуу-һуу», «оо, дьэ, сындалҕаннаах күн ааста», «хотуурум быйыл хайдах эрэ биитин мөлтөппүт кэриҥнээх», – дэһэ-дэһэ күрэхтэһээччилэр биэтэккэ утум-ситим тахсаллар. Онуоха сөрүүн умуһахха турбут симиирдээх кымыһы таһааран түһүлгэҕэ олордоллор: «Ким төһө кыайарынан иһэн иһиІ», –    диэн ыҥыраллар.

      Түмүк таһаарыытынан Кырыы Дьарааһын, Уус Миитэрэй, Уйбары Уйбаан, Силип Сэмэн – барыта уонтан тахса киһи килбэлдьигэс эркиннээх, кылыс курдук кылааннаах буускап хотуурунан, сорохтор тууйастаах арыынан, сатыын таҥаһынан, ыраахтан кэлбиттэр тымтайга угуллубут сыалаах этинэн күндүлэнэллэр. Маны барытын Атыыһыт Кырбаһааҥкын бэйэтинэн алҕаан, тыл этэн, сорохторун үлэҕэ ыҥыран, атыттары аар тайҕаҕа тахсыахтаахтарга байанайы баҕаран, түүлээхтэрин сөбүгэр, баттаабат сыанаҕа тутуох буолан илии тутуһан истиҥник алҕаан атаарталыыр. Сотору киэһээҥҥи үрүҥ туман түһүүтэ, ыраах олорооччулар күнүс мэччийэн топпут аттарга олорон дьиэлэрин диэки тэптэрэн иҥэн-сүтэн, аҕыйаан истилэр.

      Ити итинэн ааспыта. Күүлэйи онтон ыла соччо-бачча ыыппатахтара. Арай кэлин оҕонньор кырдьыбытын кэннэ, бэрт сытыы ойоҕо Үтүө Даарыйа Күүлэйи тэрийэрэ. Төрүттэн икки көстөөх Күөл диэн учаастакка киэҥ-куоҥ ходуһаҕа, ас бөҕөнү астатан, охсооччулары күрэхтэһиннэрэрэ. Бастаабыт охсооччуларга мүһэ, атыттар эмис эт ылаллара. Аан бастаан ходуһаны туораан баран төттөрү эргийэн кэлбит киһиэхэ ураҕаска кыбытыллан турар харчы тиксэрэ. Ону кэлин «Даарыйа күүлэйэ» диэн суолталаан ааттаабыттара.

      ӨймӨкөөҥҥө үрүҥ тунах ыһыах

      1890 сыл бэс ыйын ортотугар Өймөкөөҥҥө нэhилиэктэр ыҥырыылаах Үрүҥ тунах ыhыллыбыта. Онуоха сүрүн тэрийээччилэринэн улуус кулубата Доропуун Ностуруойап, олохтоох I Бороҕон нэhилиэгин кинээhэ Уйбаан Хотуоhап уонна атыыhыт Ньукулай Кырбаhааҥкын этилэр. Ыhыах тэрээhин үлэтигэр балай да сыра барбыта, ону үксүн Ньукулай дьиэ ис-тас үлэhиттэрэ толорбуттара. Элбэх биэни анал хааччахтарга хаайан ыйтан ордук кэмІэ ыан уохтаах кымыс бөҕөнµ бэлэмнээбиттэрэ. Маныаха оҕонньор кымыс бэлэмниир дьахталлара күнүстэри-түүннэри түбүгүрбүттэрэ, кинилэр биэ үүтүн ыан киллэрээт, сылааhына симииргэ толору куталлара, онтулара көөнньөрүгэр сүөhү бэстээх иҥиирин бүтүннүүтүн уган баран тыын тахсыбат гына сабан, ичигэс сиргэ туруораллара. Онтукаларын сөп буола-буола СКАЧАТЬ