Үтүө Даарыйа күүлэйэ
Ытык Өймөкөөн сиригэр самаан сайын эргиллэн, окко киирии чугаһаабыта. Чээл күөх хатыҥнар чэчир курдук тэҥҥэ кэккэлэһэн, тугу эрэ сипсиһэр, суугунаһар кэмнэрэ үүммүтэ. Сайылыктарга ынахтар маҕырыһаллар, сыһыы аайы сылгылар сипсиһэллэр. Күп-күөҕүнэн чэлгийэ үүммүт сир симэхтэрин быыһынан сэрэммиттии дугунан сарыы этэрбэстээх кыргыттар күөх оту тосту үктүө суох курдук күөгэһэ хааман, ырыа ыллыы-ыллыы, күлсэ-салса ынах хомуйа сырсаллар. Онтон хойуу оттоох ходуһаларга сытыы кылыс хотуурдаах эрдэлээн киирбит кунайдар от охсон тэлэкэлииллэр, эттэрин «үөрэтэллэр», эрчиллэллэр.
Өймөкөөҥҥө быйыл быйаҥнаах сайын кэлэн иһэр сибикитэ эрдэттэн биллибитэ. Ол курдук кураан сайыҥҥа от намыһах сыһыыларга, өрүстэр хочолоругар, арыыларыгар, үрэхтэр сүнньүлэринэн эрэ үүнэр буоллаҕына, быйыл ньаассын кµөх от этэргэ дылы «маска эрэ үүммэтэх» чинчилээҕэ. Онон дьон-сэргэ улаханнык саҥарбакка, быйыл этэҥҥэ буолар инибит дэһэн сипсиһэллэрэ уонна сөп буола-буола оттуур ходуһаларын тиийэн көрөн-истэн, төһө от тахсыахтааҕын чинчилээн кэлэллэрэ. Бу ытык Өймөкөөн сиригэр сахалар хаһан кэлэн олохсуйбуттарын чуолкайын үгүстэр билбэттэр. Ол гынан баран бу муус-хаар дойдуга киин соҕуруу сирдэртэн көһөн кэлбиттэрин араас үһүйээннэртэн, кэпсээннэртэн удумаҕалаталлар. Бука мындыр, сытыы өйдөөх дьон кэлэн бу уустук айылҕаҕа олорон ууһаан-тэнийэн бардахтара…
Дьэ ол туһунан бүгүн Ньукулай атыыһыт доҕорун, сүбэһитин, суруксутун Үстүүн Атылааһаптыын олох-дьаһах уонна быйылгы оттооһуҥҥа күүлэйи тэрийии туһунан сүбэлэһэллэр.
Маҥнай кэпсэтиилэрэ дьиэ-уот тутуутун кыһалҕаларын диэки иэҕилиннэ.
– Дьэ, Үстүүн, үөлээннээҕим, бу тус хоту олохтоох омуктар ити хантан билэннэр балаҕаннарын үрэх, сыһыы халдьаайытыгар, күн үчүгэйдик көрөр өттүгэр туталлара буолуой? Аны балаҕаннарын арҕаа өттүгэр оІостоллор, үүт уурар умуһаҕы хаҥас диэкинэн, дьиэ күлүк өттµнэн тахсарын курдук хаһыналлар, – Ньукулай киһитин диэки хайыһар.
– Адьас сөпкө этэҕин, арааһа итинник мындырдаан оҥоһууну биґиги өбµгэлэрбит соҕуруу эҥээртэн кэлэллэригэр илдьэ кэлбит буолуохтарын сөп, – Үстүүн аҕыйах сµµмэх бытыгын тарбаҕын төбөтµнэн имэрийтэлиир, – итинник дьаһаныы дьаҥ-дьаһах, ордук сэллик СКАЧАТЬ