Били хордоҕой эниэтинээҕи баар оһох бүөлэммит айаҕын хойгуонан үлтү сынньан арыйаллар. Ол аллараатынан луомунан сууралаан-сууралаан хоҥуннаран, били ууллубут тимир болгуоларын тимир тордуоҕунан оҕуурдаан хаһыа да буолан нэһииччэ тардан таһаараллар. Онтукалара уонча киилэлээх көһөҥө тимир болгуо буолан тахсар. Онуоха оҕонньордоро алгыһын-тойугунан саҕалыыр:
Оо, дьэ, доҕоттоор, дьээ-буо,
Бүгүҥҥү үөрүүлээх күммүт
Үтүөтэ үүммүтүнэн алҕаатаҕым буоллун.
Сарсыҥҥы саргылаах олохпут
Саҕаламмытын туһугар туойдаҕым буоллун!.. —
диэн баран, Муттук кылыһахтаах куолаһынан Айыы Аар тойонтон көрдөһөн-ааттаһан дьоллоох-соргулаах олоҕу бар дьонугар баҕаран ыллаан кигинэйэ турбута: «Дьээ-буо», «дьээ-буо»… Ол быыһыгар тахсан болгуоларын көрөн киирэр, уотун аһатар.
Сарсыныгар болгуо таһыгар туруоруллубут улахан кыһаҕа күөттээн аны ол тимирдэрин кырбастыыллар. Болгуону аҥаар өттүттэн кырбастаан уонча кырбаһы таһаараллар, онтукалара араас-араас кээмэйдэнэн инникитин туох оҥоһуллуохтааҕар туһаайыллар. Аны туран итийбит болгуону сойо илигинэ балтанан ньаҕаччы охсон тохтоло суох үлэлииллэр. Ону уус уола күүстээх-уохтаах Өллүөт ордук кыайа-хото тутарын дьон сөҕөллөр, сатабыллаахтык туттарын ымсыыра, кэрэхсии көрөллөр.
Муттук Уус уһаарар тимирин үс көрүҥҥэ арааска араартыыр: «атыыр тимир», «тыһы тимир», «көннөрү тимир» диэн уонна ону үлэлии сылдьан быһааран дьонугар кэпсиир:
– Дьэ, уолаттаар, бу биһиги тимирбитин ыллыбыт уонна үс арааска араардыбыт. Көрүҥ эрэ, бу тимир «тыһы тимиргэ» киирсэр уонна барыларыттан саамай табыгастаахтара, үчүгэйдэрэ. Маннык тимиртэн оҥоһулубут хотуур эбэтэр кылыс токурутан баран ыытан кэбистэххэ чиккэс гына көнө түһэр. Ону сахалар эрэ сатаан уһааран, охсон, былыр кыргыс үйэтин саҕана саба түһүүлэртэн кыайыы-хотуу эҥээрдэспиттэрэ эбитэ үһү. Атыыр тимиртэн ыһыыны, үттэни, сүгэни, быһаҕы, анньыыны оҥороллор. Тимир хатыыта халлаан уларыйыытыттан эмиэ тутулуктаах. Ыраас күҥҥэ, киэһэ, сарсыарда, күнүс уонна былыттаах күҥҥэ тимир хатыытын өҥө-туруга араас буолар. Ону өр сылларга хараххынан көрөн үөрэнэн, ымпыктаан-чымпыктаан быһаараҕын, ол ньыма уустар көлүөнэлэрин устун салҕанан бара турар.
– Оо, тоҕо бэрдэй, дьэ былыргылар мындыр да дьон эбиттэр! – ким эрэ саҥа аллайар. – Ол иһин да боотурдар диэн аатырдахтара.
– Кырдьык, оннук мындыр дьон эбиттэр. Ордук киэҥник биһиги төрүттэрбит Хаҥаластар аатыраллара үһү. Онно Сата уустара диэн Ньурбаҕа тиийэн бүтүн аҕа ууһунан дьарыгырбыттара дииллэр, кинилэртэн Сыраан, Маачах, Омтоон уустара сураҕырбыттар. Аны онуоха сөптөөх күүстээх-уохтаах, сатабыллаах балтаһыттар бааллара дииллэр. Ол курдук Сыраан Уус уолаттара Халыына, Омтоон, Суппуунай, Чаачаҥ курдук дьон төрөөн-үөскээн ааспыттар. Дьэ, итинник барыта, кылгастык кэпсээтэххэ.
– Дьэ, аҕабыт барахсан, СКАЧАТЬ