Атыыһыт Кырбаһааҥкын. Дабаччыма
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Атыыһыт Кырбаһааҥкын - Дабаччыма страница 18

Название: Атыыһыт Кырбаһааҥкын

Автор: Дабаччыма

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6122-8

isbn:

СКАЧАТЬ эрэр, – диэтэ маҥан былаатынан төбөтүн тууна бааммыт, сирэйин күн уота быһыта сиэбит аарыма кырдьаҕас Түмэппий оҕонньор бырдахтан дэйбииринэн сапсына олорон.

      – Ээ, буолуо, от үүнүүтэ ханна да куhаҕана суохха дылы. Онтон дьыл кэлиитэ хайдах буолуой?

      – Хата ол оннугар күhүн саҕаланыыта ардаҕа суох буолуоҕа, эрдэ соҕус хаhыҥныан сөп, оччотугар от-мас эрдэ хагдарыйыа. Онтон балаҕан ыйын ортотугар хаардаан кэбиhиэн сөп, онтубут сыыйа урукку сыллар курдук ууллубакка салгыы кыстык хаарынан солбуллуон сөп, оччотугар кыстыкпытыгар эрдэ бэлэмнэниэхпитин наада.

      Дьэ бары бэлэмнэнии үмүрµйбүтүн, дьон-сэргэ балачча кэлбитин кэннэ, СордоІноохтон сылдьар алгысчыт Атастыырап былыргы сиэри-туому толорон, үгэс быhыытынан аал уоту, дойду, от-мас иччилэрин аhатан, үөрµйэх тылынан алҕаан баран уhун уктаах удьаа хамыйаҕынан арыылаах кымыhы баhан ыла-ыла: «Улуу тунах, уруй-айхал!» – дии-дии халлааҥҥа кириэстии ыhан күндээриппитэ. Онтон ыhыах көрө-оонньуута саҕаланан, быhыйдар сырсан, бөҕөстөр тустан көр-нар бөҕөтө буолар. Этэргэ дылы, Айыы чалбараІ быстар сыа, бастар арыы түhүлгэлээх оонньуу көҕүтүhүүлээҕэ буолар.

      Ити кэмҥэ оонньууну-көҕү тэрийээччи эрдэ бэлэмнээбит үс үөстээх доро кыл көнтөhү туппутунан түhүлгэни эргийэ хаамар.

      – Хайа, доҕоттоор, быа тардыhыытын күрэхтэhиитин саҕалыыбыт, онон нэhилиэктэринэн кыахтаах, эрчимнээх бөҕөстөргүтүн сүүмэрдээҥҥит чугаhатыҥ. Билиҥҥитинэн алта быа тардыhааччы аата-суола билиннэ. Өссө эбии дьону сүүмэрдиибит. Бэлэхпит үчүгэй буолуоҕа.

      – Оо, дьэ, биhиги µчүгэйдэртэн икки уолу эбии киллэрэбит, – Күүстээх Куруомап уонна Дайыыла Мөлөкүүрэп диэннэр, – ким эрэ үөгүлээн биллэрэр.

      – Сөп-сөп, өссө Биэрэк Үрдүттэн саатар биир-икки киhи наада. Биэрэктэр урукку өттүгэр өрүү көхтөөх буолааччылар.

      – Чэ, оччоҕо бырааттыы Сиипсэптэри суруйуҥ, киирсиэхтэрэ.

      – Оттон іймөкөөннөртөн Өндөрөй Дьөгүөрэби киллэриҥ, – хайа эрэ торуоскалаах доҕолоҥ оҕонньор тэрийээччилэргэ чугаhыыр, сүбэлэhэр.

      – Оо, дьэ бэрт, уопсайа уон икки киhи киирсэр буолла. Сөп буолуо. Сотору күрэхпитин саҕалыыбыт, билигин сэрэбиэй оонньотобут.

      – Дьэ, доҕоттоор, чугаhааҥ эрэ. Бастакынан сэрэбиэй тардыытын быhыытынан Күүстээх Дьөгүөссэ уонна Хаамыска Бүөтүр хапсыhаллар.

      Онуоха Күүстээх Дьөгүөссэ ыІыралларын кэтэспэккэ хааман түөhүллэҥнээн кэлэн лаглас гына олоро түhэр. Анараа киhи тутан олорор быатын хаба тардан ылан баран эрчимнээх илиитинэн эрийэ тутар уонна чинэрис гынан түллэн ылар. Утарылаhааччыта Хаамыска икки илиитин холбуурун кытта тэрийээччи киhи «чэ» диэн хамаанда биэрэр. Сонно тута икки өттүттэн кытаанах чиччигинэhии буолар, иҥиир тыаһа лаґыгырыыр. Көрөн турааччылар маҥнай суугунаhыах курдук буолан иhэн ах бараллар, ким эрэ «кытаат-кытаат», «тулуй-тулуй» диэн истэриттэн ыган таhаараллар. Тэбинэр мастара икки күүстээхтэр бүгүллэҥнээн хамсааhыннарыттан СКАЧАТЬ