Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кыргыс толоонугар көрсүһүү - Данил Макеев страница 12

Название: Кыргыс толоонугар көрсүһүү

Автор: Данил Макеев

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6639-1

isbn:

СКАЧАТЬ «В атаку!» диэн хамаанда сатараата. Охонооһой, ол хамаанданы истэн, саатын ыбылы туппутунан өссө бүк түһэн кирийэ сатыырга дылы гынна. Эмискэ ким эрэ сүр күүскэ өттүккэ тэбэн баран, саҕатыттан харбаан ылан окуопа таһыгар бырахта. Түөрт атах буолан туран истэҕинэ, «Вперед! Быстрей!!!» диэн хаһыыны кытары аны ойоҕоско тэбэн саайдылар. Иһэ-үөһэ доргуйан тыына хаайтарарга дылы гынна, хараҕа ирим-дьирим буолбахтаата. Ол да буоллар иннин диэки сүүрэн бакаалаата.

      Тулатыгар биир кэм «Аа-а-а-аа!» диэн хаһыы иһиллэр. Эмискэ иннигэр, ойоҕоһугар миинэлэр түһэн эстэн бурҕаҥнастылар. Иһин түгэҕэр били, маарыын ойоҕоско тэппиттэрин курдук, туох эрэ күүскэ саайарга дылы гынна да, Охонооһой охтон түстэ. Өйдөнөн кэлбитэ: буордары, хаардары үлтү мэһиллибит сиргэ умса түһэн сытар. Төбөтүн өндөппүтэ: иннигэр маҥан кириэс ойуулаах тааҥка адьас кинини көрбүтүнэн тимир тиһиликтэрэ килэбэчиһэн хаары, буору өрө ытыйан лиһигирэйэн иһэр эбит. Охонооһой ити амырыын сэпкэ үлтү мэһийтэримээри туора сыылла сатаата. Тааҥка адьас субу лиһигирэйэн кэллэ. Охонооһой тааҥка куйаҕар түспүт хаар күдэригэ тута ууллан ньалҕарыйарын кытары бу баардыы көрдө. Онтон хоонньугар уматыктаах бытыылкалааҕын өйдөөн, илиитин иминэн булан, оруу тардан ылан ааһа лиһигирэйэн эрэр тааҥка диэки элиттэ. Бытыылка тааҥка куйаҕар тиийэн үлтү ыстанарын, уматык халыс гынарын уонна чочумча буолаат, кыһыл төлөн өрө күүдэпчилэнэрин көрө сытан, уматыктаах бытыылкатын көрдөөн харбыалаһарыгар иһин түгэҕэр туох эрэ сымнаҕас, сылаас баарын дьиибэргээн тиэрэ эргийэн иһин түгэҕин өҥөйөн көрбүтэ: оһоҕоһо бүтүннүү буор-сыыс, хаар- сиир буолан субулла сытар эбит. Сыыллыбыт сирэ барыта кыа хаан буолбут. Икки илиитинэн оһоҕоһун хомуйуохтуу харбыалаһа сытан, мэйиитэ эргийэн тулата кулахачыҥнаан иһэн хабыс-хараҥаҕа тимис гынан хаалла…

* * *

      … Уонча хонугунан Мэхээчэ аччыктаан, ыран-дьүдэйэн, эбиитин ханнык эрэ урдустар быһыта сынньан баран, били, маа бэйэлээх саппыкытын устан ыланнар атах сыгынньах хаалла, сирэйэ-хараҕа көҕөрөн адьас умнаһыт оҕонньор курдук буолла. Бэйэтэ да кырата-харата бэрт буолан, сэриигэ ыҥырыллан баран иһэн быстан хаалбыт киһи диэбэккэ, бүрээт умнаһыт оҕонньоро сылдьар дии саныыллар быһыылаах.

      Тимир суол вокзалыгар кэлии-барыы түүнүн эрэ кыратык аҕырымныы түһэр. Арҕааттан сотору-сотору бааһырбыттары аҕалаллар, араас тэриллэри, станоктары тиэммит поезтар кэлитэлииллэр. Түүннэри-күннэри сэриигэ баран иһээччилэри тиэммит эшелоннар кэлэн ааһыталыыллар. Ол тухары Мэхээчэ биир да саха киһитин көрсүбэтэ, кыһалҕатын быһаартарбата, кимниин да айах атан кэпсэппэтэ. Хоргуйан өлбөт туһуттан наар аан таһыгар ытыһын тоһуйан баран олорор. Кэлэр-барар дьоҥҥо ас-таҥас сыыһын атыылыыр эмээхситтэр сороҕор аһынан ытыһыгар килиэп хоруоскатын, хахтары буспут хортуосканы ууран ааһаллар. Хантан эрэ балачча обургу кэнсиэрбэ бааҥкатын булан айанньыттар оргуйбут уу ылар кырааннарыттан сылбархай ууну сүүрдэн айаҕын сиэтэ-сиэтэ сыпсырыйар. Итинник муҥнана сырыттаҕына, халлаан СКАЧАТЬ