Название: Кыргыс толоонугар көрсүһүү
Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-6639-1
isbn:
– Доҕоор, куул түгэҕэр эмиэ хортуоппуй кутуохха баар эбит. Муннуктара харбыһан киһи хортуоппуй диэ суох. Аны уорбалаан тураайаллар, – дии-дии Миитэрэй пилоткатын кэтэҕин диэки сыҕайан баттаҕын тарбанна.
– Ити, кырдьык, сөпкө эттиҥ ээ, – диэн баран Мэхээлэ куул быатын сүөрбүтүнэн барда.
Хортуоппуйдарын сүөкээн, сороҕун куул түгэҕэр кутан, киһилэрин хаттаан уган, үрдүнэн хортуоппуйунан бүрүйэн бобо баайан баран тэйэн ыла-ыла көрдүлэр уонна дьэ астыммыттыы Мэхээлэ куулу сүгэн массыыналар кэлиэхтээх сирдэригэр бардылар. Ол иһэн Миитэрэй:
– Дьэ, Мэхээчэ, адьас туох да саҥаны-иҥэни таһаарыа суохтааххын. Тутулуннубут да бары бүтэбит, – диэн өссө төгүл тоһоҕолоон эттэ.
Мэхээчэ эрэйдээх куул иһигэр кумуллуоҕунан кумуллан иһэн, аны алҕас сөтөллөн дуу, ытырдан дуу кэбиһэн алдьархай буолара буолуо диэн куттанан, бэл, тыыммакка да иһээхтиирэ. Ол эрээри дойдутугар тиийэр баҕаттан кини тугу баҕарар тулуйар санаалаах этэ.
Бэрт өр аймалаһан, хаста да онно-манна олордон, көтөҕөн-сүгэн, кимниин эрэ мөккүһэн, үөхсэн син массыынаҕа тиэйдилэр быһыылаах. Куул иһигэр им-балай хараҥаҕа олорор киһи дьоно нууччалыы саҥардахтарына куоластарынан эрэ араарар. Ол быыһыгар эмиэ да сахалыы саҥа иһиллэн ааһар. Кэмниэ-кэнэҕэс массыына хоҥнон иҥнэл-таҥнал түһэн айаннаабытынан барда.
…Төһө өр айаннаабыттара буолла, Мэхээчэ утуктаан дуу, салгына тиийбэккэ туймааран дуу түлэй-балай баран истэҕинэ, Ылдьыын Мэхээлэ:
– Дьэ, онон аһынаммыт киһибитин илдьэ иһэбит. Бары даҕаны өлүүгэ сылдьыбыт дьон буоллахпыт дии, тыллаан биэрбэт инигит? – диирэ иһилиннэ уонна куул быатын сүөрбүтүнэн барда. Мэхээчэ, үрдүгэр кутуллубут хортуоппуйу бүрүйэ бырахпыт эргэ гимнастеркаларын ылааттарын кытта, сөп-сөрүүн сибиэһэй салгыны эҕирийэн мэйиитэ эргийбэхтээн ылла.
– Хайа, доҕоор, хайдаххыный? Ыл, таҕыс. Усть-Кутка хаһан тиийиэхпит биллибэт. Ол тухары маннык айаннаатаххына өлөр буоллаҕыҥ дии. Куттаныма, барыта бэйэ дьоно, – дии-дии Ылдьыын куул эҥээрдэрин аллара баттаталаата.
Мэхээчэ төбөтүн өндөтөн уонтан тахса киһи сүрдээхтик дьиибэргээбит сирэйдэрин көрө түстэ…
…Айаннаатахтарын үһүс күнүгэр Усть-Кутка тиийдилэр. Аара тохтобулга Мэхээчэ илдьиркэй таҥаһын устан, саллаат кубархай гимнастеркатын, ыстаанын, пилоткатын кэтэрдэн, баттаҕын кырыйан атыттартан улаханнык араарыллыбат да буолла. Ол эрээри борохуокка саалаах-сэптээх НКВД үлэһиттэрэ хас биирдии киһи докумуонун бэрэбиэркэлээн киллэрэллэр эбит. Өссө киһи элбэҕэ бэрт буолан икки бууттан ордук таһаҕаһы ылларбаттар үһү диэн буолла. Онон Мэхээчэни куулга сүгэн киллэрии хайдах да кыаллыбат буолан таҕыста. Киһилэрэ, ону истэн, адьас иэдэйбитин көрөн, Ылдьыын: «Чэ, наһаа санаарҕаама. Тугу эмэ тобулар инибит», – диир да улаханнык мунаарара сирэйигэр көстө сылдьар. Ол сылдьан сэрии инниттэн үчүгэйдик билсэр, СКАЧАТЬ