Название: Кыргыс толоонугар көрсүһүү
Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-6639-1
isbn:
– Оо, бу оҕо атаҕа көһүйэн хаалбыт дуу? – диэн баран Лэпсэй хонноҕун анныттан ылан өрө тардыбытыгар туран сирэйин хоту тоҥуу хаары оймообутунан барбыта. Сэниэтэ эстэн тыын ылаары тохтоон кэннин хайыһан көрбүтэ: ойбонноруттан дуоннааҕы тэйбэтэх этэ. Охонооһой анньыыларын, куйуурдарын сүгэн, Лэпсэй сүүрдэрин тутан, салааскаларын соһон кини суолун батан иһэллэрэ. Ньукуус өссө барбахтыы түһэн баран тохтообута. «Манан!» дии санаат, атаҕынан хаары хаһыйа сатаабыта. Оҕонньотторо аҕылаһан кэлбиттэрэ. Тыын ылан тура түһэн баран, ойбон алларар сирдэрин хаарын ыраастаабыттара. Охонооһой эмиэ сонун устан анньыыны илиитигэр ылбыта. Солбуһа-солбуһа көйөн, муустарын баһан ойбоннорун балачча дириҥэппиттэрэ. Бары да сэниэлэрэ эстибитэ. Оҕонньоттор бырдылара быстан эмиэ салааскаларын хаар хайыҥар ууран кэккэлэһэ олорон сынньаммыттара. Ньукуус бу сырыыга ойбон таһыгар чохчойон олорбута, сэниэтэ букатын эстибитэ, мэктиэтигэр илиитэ-атаҕа салыбырыырга дылы гынара.
– Тоойуом, кэл, манна олор. Итинник олордоххуна атаҕыҥ көһүйэн хаалыа, – дии-дии Охонооһой эмиэ сонун суулуу тутан эһиллибит муус үрдүгэр уурбута. Ньукуус нэһиилэ туран онно тиийэн олорбута, кырдьык, атаҕа көһүйэ сыспыт этэ. Күн уота сып-сылааһынан көхсүн угуттуура. Ол олорон утуктаан тоҥхоҥноон барбыта. Маннык тугу да гыммакка уу нуһараҥнык олоруон олус баҕарбыта. Ол эрээри хараҕар балтын Ааныска кубархай мөссүөнэ көстөн кэлэн, хонос гына түспүтэ. Оҕонньоттор эмиэ утуктаан тоҥхоҥноһо олороллоро. Ньукуус муус тоорохойун ылан ыстаан күчүгүрэппитэ. Тыбыс-тымныы муус бэлэһин хаарыйан сөтөллөн ылбыта. Охонооһой утуктуу олорон төбөтүн өндөппүтэ:
– Һуу, утуйан бараары гынныбыт дии. Лэпсээй, туран көрөрбүт дуу? – диэбитэ уонна ньилбэгиттэн тайанан умса нөрүйэн иккитэ-үстэ өрүтэ үөмэлээн турбута. Анньыыны ылан оргууй көйбүтүнэн барбыта. Эмиэ солбуһа сылдьан ойбоннорун алларбыттара. Сыралара-сылбалара быстыбытын кэннэ, кэмниэ кэнэҕэс ойбонноро ап-араҕас уунан өрө бидилийбитэ. Онтон ойбон түгэҕин кэҥэтэ сатаан балачча өр букунаспыттара. Ньукуус сүүрүнэн мууһу баһан испитэ. Бүтэһик сырыытыгар бэркэ кыһаллан холбуйан ылан номнуо кыра бугул саҕа буолбут муус үрдүгэр сүөкээбитигэр, муус быыһыттан ылгын чыҥыйа саҕа мунду түһэн өрүтэ тэйиэккэлии түспүтэ.
– Балык! Балык! Мунду! – диэн саҥа аллайа түспүтэ уонна сүүрүн ыһыктаат, саба харбаан ылбыта.
– Хор эрэ! Бээ-бээ, саҥарбаҥ,– дии-дии Охонооһой куйуур угар Лэпсэй уунан биэрбит түөрэйин кэтэрпитэ.
Куйуурун ойбоҥҥо уган, хаҥас атаҕынан түөрэйин үктээн туран эргитэн куоҕаҥнаан барбыта. Балачча эргитэн баран куйуурун таһаарбытыгар, сүүрбэччэ мундуну кытары биир быччыкы кэлбитэ. Ону сүөкээт, куйуурун эмиэ ойбоҥҥо батары биэрбитэ. Ньукуус, балыктарын хомуйан, Лэпсэй салааскаҕа түүрэ баайбыт куулларын сүөрэн тоһуйан биэрбитигэр СКАЧАТЬ