Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кыргыс толоонугар көрсүһүү - Данил Макеев страница 16

Название: Кыргыс толоонугар көрсүһүү

Автор: Данил Макеев

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6639-1

isbn:

СКАЧАТЬ суох чоҕу дьөлө хаһан киирэн кирийэн хаалла.

      Хонтуруоллааччылар саанан үөһэ ытыалаан, маатыра-куутура бөҕөнөн палубаҕа тоҕо анньан киирбит дьону төттөрү үүрэн таһаартаан балачча өр мучумааннастылар. Кэмниэ-кэнэҕэс бэрээдэги олохтоон салгыы докумуоннары бэрэбиэркэлээн бардылар.

      Мэхээчэ санаатыгар өр да өр буолан баран, борохуот тохтуу-тохтуу үс төгүл үөгүлээн ылла уонна бүтүн бэйэтинэн дьигис гынан ыла-ыла устан барда…

* * *

      …Өлөр-тиллэр кыргыһыылартан ордон ахтылҕаннаах дойдуларыгар эргиллэн иһэр дьон дэлби өрүкүйэн, бэрт өр өрө-таҥнары саамылаһан оннуларын булууларын саҕана, Мэхээлэ трюмҥа дьылыс гынна. Киһи тыынын хаайыах чох сытынан күҥкүйбүт хабыс-хараҥа, кыараҕас трюмҥа чохчойон олорон:

      – Мэхээчэ, Мэхээчэ. Бу мин, Мэхээлэбин. Ханна бааргыный? Таҕыс, – диэн көрдө даҕаны, уу чуумпу.

      Хаста да ыҥырбытын кэннэ биирдэ муннук диэки чох өрө сүгүллэн курулуура иһилиннэ. Дьэ, доҕоор, онтон киһитэ бүтүннүү чох быылын бүрүммүтүнэн тахсан кэллэ ээ. Мэхээлэ киһитин таҥаһын тэбээн бурҕаҥнаппыта буолла, онтон трюмтан быган тула өттүн чуҥнаан баран бастаан таҕыста. Кэнниттэн киһитэ тахсыбытын батыһыннаран палуба түгэҕэр тиийдэ. Таҥаһын быраатынаан солбуһа сылдьан тэбии сатаатылар да туһа суох буолла. Сирэйэ-хараҕа, моонньо эмиэ бүтүннүү хара хоруо буолбут. Онон биэдэрэ булан, уу баһан, мыылалыы-мыылалыы сууннардылар, таҥаһын-сабын эмиэ кимиэхэ туох баарынан уларыттылар. Мэхээчэ, суунан-тараанан, ыраас таҥас кэтэн уонна дойдутугар тиийэр кыахтаммытыттан үөрэн адьас атын киһи буолан чэмэлийэ түстэ…

* * *

      …Дойдуларыгар чугаһаан истэхтэрин ахсын үгүстэр утуйар уулара көттө. Мэхээчэ эмиэ олорон эрэ сылайан, хамсалаах табах быстыҥа утуйан ыларын быыһыгар түүннэри-күннэри Өлүөнэ биэрэгин көрөн тахсар. Өрүс кытыла били кини түүлүгэр көрөрүн курдук күөх нуолур солкоҕо сууланан муҥутаан аҕай турар. Кырдьыга даҕаны, киһи хараҕын араарыа суох кэрэ көстүүтэ.

      Кэмниэ кэнэҕэс дойдуларыгар кэлэн, билэр сирдэрэ көстүтэлээн бардылар. Борохуот айгыстан-аарыгыран кытылга чугаһаата. Мэхээчэ кэтэспит санаатыгар бэрт өр тарыбыайданан, тыраап быраҕан кинилэри түһэрээт, оргууй күллүргэччи эрдэн кытылтан тэйэн барда. Дьоно, борохуокка баар табаарыстарынаан быраһаайдаһан, өргө диэри бэргэһэлэринэн далбаатыы турдулар. Оттон Мэхээчэ, төрөөбүт кытылыгар үктэнээт, сүһүөҕэ уйбакка бокус гынан күөх окко тобуктуу түстэ. Икки хараҕын уута бычалыйан таҕыста, күөмэйин туох эрэ бүөлүү анньан кэбистэ. Оргууй умса түһэн күөх оттоох кырыһы сыллыы-сыллыы ытаан санна илибирээн барда. Дьоно ону көрөн арыый тэйэн биэрдилэр уонна күөх окко олорон табах эриммитинэн бардылар. Мэхээчэ, бэрт өр дуоһуйа ытаан, хайдах эрэ чэпчээбит курдук буолла.

      Дьонугар тиийбитигэр, Мэхээлэ:

      – Дьэ, Мэхээчэ, дойдубутун буллубут. Ол эрээри билигин даҕаны эрэйиҥ бүтэ илик. Аны саамай уустуга – нэһилиэк сэбиэтигэр испииһэккэ СКАЧАТЬ