Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кыргыс толоонугар көрсүһүү - Данил Макеев страница 9

Название: Кыргыс толоонугар көрсүһүү

Автор: Данил Макеев

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6639-1

isbn:

СКАЧАТЬ пальык сиэбэппит дуо-аа-а? – диэбитигэр, ийэтэ Татыйаас ытамньыйа сыһа-сыһа:

      – Суох-суох. Балыгы эһиги сиэбэккит… Куйуурдьуттар сиэхтэрэ, – дии-дии оронугар көтөҕөн илпитэ.

      Ньукуус ону истэн дөйбүт курдук буолбута. Эмискэ балта Ааныска кини диэки диэличчи көрөн турарын көрө түспүтэ, аһынан хараҕын уута бычалыйан тахсан бокуойа суох симириктээн ылбыта. Ол икки ардыгар дьахталлар үс кытыйаҕа илдьи буспут, буруолуу сылдьар мундуну кутан остуолга уурбуттара, хамыйах аҕалбыттара. Ньукуус даҕаны, оҕонньоттор даҕаны оннуларыттан хамсаабакка дьиппиниһэн олорбуттара. Чочумча киһини хам баттыыр, кутун-сүрүн тууйар ыар, нүһэр чуумпу сатыылаабыта. Ити ынырык чуумпуну Өрүүнэ кэһиэхтээх саҥата аймаабыта.

      – Охонооһой, Лэпсэй, Ньукуус… Ити балыгы бары сиэммит өллөммөппүт. Таах иҥсэбитин эрэ көбүтүөхпүт. Ол оннугар эһиги сиэҥҥит сэниэ киллэриннэххитинэ, сарсын, баҕар, балык баар сирин таба тайаныаххыт. Онон аһааҥ, эрэлбит эрэ эһиги, – диэбитэ. Оттон атын дьахталлар туох да саҥата суох орон ороннорунан тарҕаһан, иҥэн-сүтэн хаалбыттара. Тулламыкы сонун кэтэн таһырдьа тахсыбыта.

      Охонооһойдоох Лэпсэй сирэй сирэйдэрин көрсөн баран, оргууй остуолга тиийэн оҕолор диэки көхсүлэринэн буолан олорбуттара. Ньукуус олорор сиригэр хам хараҕаланан хаалбыт курдуга. Ол олордоҕуна, ийэтэ кэлэн окумалыттан ылан остуолга дэллэритэн илпитэ. Ньукуус куҥ курдук буолан хаалбыт илиилэрин ньилбэгэр ууран мундулаах кытыйаны супту одуулаабытынан таас төрөөн олордоҕуна, Охонооһой уҥа илиитин ылан остуол үрдүгэр уурбута уонна хамыйах туттаран кэбиспитэ. Онтон умса туттан, туора көрөн олорон бүтэҥитик:

      – Аһаа, тоойуом. Сэниэ киирдэҕинэ табыллар, – диэбитэ.

      Ньукуус илиитэ-атаҕа бааллан хаалбыт курдуга. Ийэтэ кэлэн санныттан илигирэтэ-илигирэтэ:

      – Ньукуус, аһаа. Биһиги… Ааныска уонна мин туспутугар, – диэбитигэр биирдэ хамыйаҕар мундуну баһан ылан айаҕар укпута. Онтон балыгын миинигэр хараҕын уута чоккуруу-чоккуруу амтанын да билбэккэ барытын сиэн кэбиспитэ уонна итирик киһи курдук балааскайдаан, хараҕын уутугар муна-муна оронугар тиийэн умса түспүтэ.

      Сарсыарда халлаан сырдаатын кытта аччык оҕолортон, дьахталлартан куотар курдук күөллэригэр харбыаласпыттара. Туох да саҥата-иҥэтэ суох бэҕэһээ Ньукуус түспүт ойбонуттан өссө үөс диэки ойбон алларан аччарыспыттара. Бары, кырдьык, биллэ сэниэлэммит курдуктара. Өр-өтөр буолбатаҕа, ойбон түгэҕэр уу бычыгыраабыта. Охонооһой, ытыһыгар силлээмэхтээн баран суптурута түһүөлээбитигэр, уу өрө булдьугуруу түспүтэ. Ону кытары үс-түөрт ыыс араҕас собо өрөҕөтө кылбаҥнаабыта. Лэпсэй сүүрүн тутан туран:

      – Оо, эбэбит барахсан! – диэн баран, накыйдар-накыйан мууска тобуктуу түспүтэ. Оттон Ньукуус, ойбоҥҥо собо арҕаһа хараарарын, өрөҕөтө кылбаҥныырын көрөн туран, айаҕар хабархай амтан биллибитигэр биирдэ саҥата суох ытыы турарын өйдөөбүтэ.

* * *

СКАЧАТЬ