Название: Кыргыс толоонугар көрсүһүү
Автор: Данил Макеев
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-6639-1
isbn:
Аармыйаҕа дьону хомуйуу сыыппаратыгар ыктаран олорор сүүмэрдиир хамыыһыйаҕа Мэхээчэ уҥуоҕунан ирдэниллэр кээмэйгэ хапсыбатын аахса барбатахтара, эгэ, ол утуйарын-утуйбатын токкоолоһуохтара дуо? Бэйэтэ кэпсиэҕин муҥкуга бэрдэ, утуйбат ыарыылаахпын да дии санаабат этэ, хайа уонна нууччалыы биир даҕаны тылы билбэтэ. Дьэ, онон бу сэриигэ баран иһэн Иркутскайга быстах тохтоон ааспыттарыгар нуктуу түһэн ылар санаалаах олорор дьүһүнэ этэ. Бу иннинэ адьас аанньа утуйбакка сылдьара…
…Сибилигин аҕай сибэккилээх хонууга үрүмэччилэр көтөн ирбинньиктэнэллэрин көрө турар курдук этэ да, аны ынах ханнын саҕа таастар үрүт-үрдүлэригэр күөрэлэнэн сытар, эргиччи туох да бэйэлээх ыттыа суоҕун курдук суорба хайалар суодаһан турар кыараҕас баҕайы сирдэригэр баар буолан хаалла. Тахсар сири көрдөөн ол таас эркини кыйа барыан баҕарар да, үктэнээри гыммыт тааһа барыта салыҥнаах балык курдук ньылбырхай буолан иһэр. Халтарыйда даҕаны атаҕын тосту түһүөх курдук. Онон охтумаары икки илиитин даллатан баран биэтэҥэлии туран уһуктан кэллэ. Маарыҥҥытынааҕар быдан сэргэхсийбит. Бастаан ханна баарын өйдөөбөккө тула көрүтэлээтэ. Онтон чугаһынан биир да билэр киһитэ суоҕун көрөн дьэ сүрэҕэ «парк» гына түстэ. Хотуомкатын көрдөөн тула холоруктаата да, утуйа олордоҕуна сойботон ылбыттара ырааппыт быһыылаах. Хараҕа хараҥара, кулгааҕа чуҥкунуу түһэргэ дылы гынна, сүрэҕэ айаҕар бүөлүү анньан кэбистэ. Олорор муннугуттан ойон туран икки аҥыы тэлэччи аһыллан турар аан диэки ыстанна. Таһырдьа тахсан уҥа-хаҥас сүүрэкэлээтэ, хаста да дьоҥҥо кэтиллитэлээн ылла, тулатын көрө сатаан моонньун уһата сатыы-сатыы уҥа-хаҥас мэлээриҥнээмэхтээтэ. Ол эрээри дьоно барбыттара ырааппыт быһыылаах, биир да билэр киһитэ көстүбэт.
«Иэдээн, хаалбыппын. Дэсэртиир аатырдаҕым» диэн санаа күлүм гынан ааста. Өлүү түбэлтэлээх, хаҥас илиилэригэр кыһыл бэбээскилээх, саалаах саллааттары батыһыннарбыт эписиэр чуо киниэхэ иһэрин көрөн, кутталыттан дөйөн хаалбыт курдук буолла. Дьоно киниэхэ эрэ кыһаммакка аттынан кэлэн ааһа турдулар. Сэриигэ ыҥырыллан баран эрэр киһи быһыытынан бастаан кинилэри кэннилэриттэн батыспахтаан иһэн, дьонуттан быстан хаалбытын нууччалыы хайдах да сатаан быһаарыа суоҕуттан саараан, хардыыта кыараатар-кыараан хаалан хаалла. Ити курдук төттөрү-таары мэскэйдэнэ, санаатыгар дьонун көрдүү сатыы сырыттаҕына, киэһэрэн барда. Боруҥуй буолуута эмиэ сэриигэ баран иһэр дьону тиэйбит поезд кэлэн, тимир ыллыктар ииччэх-бааччах курдук туора-маары тардыллыбыт сирдэрин нөҥүө өттүгэр балачча уһуннук тохтоон турда. Мэхээчэ, баҕар, сахалар бааллара буолаарай диэн онно баран СКАЧАТЬ