Атыыһыт Кырбаһааҥкын. Дабаччыма
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Атыыһыт Кырбаһааҥкын - Дабаччыма страница 8

Название: Атыыһыт Кырбаһааҥкын

Автор: Дабаччыма

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6122-8

isbn:

СКАЧАТЬ Куйдуһун ити курдук кыыл-сүөл таптаан үөскүүр, киһи-сүөһү олохсуйбут сирэ. Сотору айанньыттар уруккуттан хонон ааһар балыксыттар үүтээннэригэр тиийэн, бэлэм сылаас дьиэҕэ-уокка киирэн аһыы охсон утуйардыы оҥоһуннулар. Бу манна сайын бырааттыы Мөлөкүүрэптэр балыктаан сайылыыр сирдэрэ, таарыйа аҕыйах сылгыларыгар, сүөһүлэригэр оттууллар. Уолаттар табаларын ыытан баран утуйуохтарын иннинэ ону-маны сэһэргэһэллэр.

      – Оо, дьэ, былыр-былыргыттан манан төһөлөөх айанньыт илин, соҕуруу субуспута буолуой? – диир Массакы аан аттыгар сытан, – күндү түүлээҕи сонордооччулар барахсаттар хонон-өрөөн аастахтара.

      – Дьэ, кырдьык, балай да байанайдаах дойду, ордук эриэхэлээх сылга саарба уонна тииҥ дэлэйээччи, оччоҕо булчуттар күннүүллэр, – оҕонньор улаҕаттан хардарар.

      – Ньукулаай, дьиҥинэн, булчут үлэтэ наһаа ыарахан ээ. Кини кыһыҥҥы хаар куйаарга, хабараан буурҕаҕа тоҥору-аччыктыыры аахсыбакка туран сыралаһар. Онон кинилэр түүлээхтэрин үрдүк сыанаҕа тутан, төлөбүрүгэр араас сэби-сэбиргэли, аһы-таҥаһы үгүөрү аҕаларгын истэн үөрэбит, – Бүөтүччэ сөҥ саҥата иһиллэр, – онон сордоҥноохтор да, µчүгэйдэр да абыраналлар.

      – Ээ, булчут эрэйин сыаналыы сатыыбыт, сөптөөҕүнэн көрөн мэнэйдэһэбит, билиҥҥитэ ол дьон баттаммыт курдук санамматтар.

      – Ол кырдьык.

      – Аны кинилэргэ биир кыһалҕа баар, ыты эбэтэр табаны булка сырытыннарааччылар. Онтулара итэҕэстээх буолааччы. Ыт көлө биир үчүгэйдээх, бэйэҕиттэн хаһан да араарбаккын, хонук сиргэр аҕаллаххына баайан кэбиһэҕин, сарсыарда ыллыҥ да айанныыгын. Ол гынан баран ыт айаҕа олус киэҥ, сууккаҕа икки киилэ балыгы сиир, оччотугар уонча ыттаах буоллаххына сүүрбэччэ киилэ балык наада. Көстөрүн курдук ороскуота элбэх, онон биһиги Өймөкөөн курдук дойдуга ити барбат ньыма.

      – Сөпкө этэҕин, ол иһин биһиэхэ табанан бултуур быдан ордук буоллаҕа дии, – Массакы быһа түһэр.

      – Кырдьык таба биирдэ санаатахха барыстаах курдук гынан баран, онтугун сарсыарда аайы сылгылыыргар бириэмэҥ барар. Аны сороҕор бөрө кыйдаан кэбистэҕинэ, олох да мэлийиэххин сөп. Эбэтэр буурҕа түстэҕинэ, таба наар тыалы утары барар үгэстээх, онон ыраатан сылайан хаалар. Ол да гыннар, биһиэхэ табаны булка илдьэ сылдьарга көдьүүстээх, – Сэмэнньэ мындыр табаһыт бигэргэтэр.

      – Онуоха эбии булт сэбэ-сэбиргэлэ кыратык да буоллар тубуста ээ.

      – Оннук буолуон сөп. Кэлин сылларга хапкаанынан бултааһын син балайда тэнийдэ дии. Урут мас чааркаанынан төһө өнүйүөҥүй? Хата Охуотскайтан аҕалбыт хапкааннарбыт син балайда көдьүүстээхтэрин көрдөрдүлэр, мас чааркааннар алдьанар буолан үйэлэрэ кылгас.

      – Дьэ кырдьык, хапкаан обургу абыраата, – Бүөтүччэ булчут киһи сиэринэн астынар.

      – Үс сыллааҕыта биэс сүүс хапкааны аҕалан тарҕаппыппыт. Быйыл табылыннаҕына биир тыһыынчаны аҕалыахтаахпыт. Оччоҕо кырсаҕа, саһылга тииһиниэх этибит. Тимир хапкаан таһаҕаһыгар аҕаларга ыарахан буолааччы. Аны онно эбии саахарбыт, тууспут, кэнсиэрбэлэрбит, саа-сэбэ сэбиргэлэ, чүмэчи, таҥас сап СКАЧАТЬ