Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кыргыс толоонугар көрсүһүү - Данил Макеев страница 18

Название: Кыргыс толоонугар көрсүһүү

Автор: Данил Макеев

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6639-1

isbn:

СКАЧАТЬ style="font-size:15px;">      Ынаҕын ыат, уоһахтаах биэдэрэтин Лаанаҕа туттаран баран ньирэйин быатын сүөрэ туран:

      – Бэйи, бу ньирэй тоҕо хараҕын көрбөтүй? – диэн баран, хараҕын быһа симэ сылдьар ньирэй халтаһатын арыйан көрөөт, уолуйан уһуутуу түстэ: – Тыый!!! Хараҕа суох эбит дии…

      Лаана эмиэ соһуйан:

      – Уо-аай! – диэт уолугун бобо харбанна.

      – Эрэйдээх, сүөһү буолар эрэ, суох эрэ… Сарсын бэтэринээрдэр көрөллөр ини, – дии-дии Мааппыс ньирэйин көтөҕөн ылан кэлиргэ нөҥүө түһэрдэ, онтон саҥа төрөөбүт ньирэйдэргэ аналлаах чуолаҕас-чуолаҕас курдук, иһигэр күөгэччи от тэлгэммит хаптаһын уйаҕа илдьэн укта. Өрүөстээх, оҕотун ылан барбыттарыгар, миэстэтигэр тэпсэҥэлии-тэпсэҥэлии ыҥырана хаалла…

* * *

      Хараҕа суох ньирэй сарсыҥҥытыгар ийэтин эмэригэр атаҕар бигэтик турар буолбута. Ийэтин ыҥыранарынан, хатыылаах тылынан салыырынан, сып-сымнаҕас эмиийинэн, минньигэс да минньигэс үүтүнэн, сытынан-сымарынан билэрэ. Мааппыс саҥатын, сытын эмиэ эндэппэккэ билэр буолбута. Сарсыарда эмиэ көтөҕө былаан илдьэн ийэтин эмтэрэн баран уйатыгар аҕалан укпута. Онон Мааппыс сыта, саҥата уонна ийэтэ ыҥырынара, салыыра, минньигэс үүтэ киниэхэ биир ситимнээх өйдөбүл буолбуттара. Уйатыгар укпутун да кэннэ, Мааппыс саҥата ыраата-ыраата чугаһаан кэлэрин иһиллээн, төбөтүн хантаҥната-хантаҥната кулгаахтарын эр-биир даллаҥната сыппыта.

      Биир кэмҥэ ийэтин минньигэс үүтүн кытары ситимнээх, бу күн сиригэр кэлээт аан бастаан истибит түргэн-түргэнник тылыбыраабыт саҥаны кытары атын саҥалар ньамалаһаллара иһиллибитэ. Ньирэй кулгаахтарын даллатан, төбөтүн чолоччу туттан ол саҥалары истэ сыттаҕына, адьас субу чугаһаан кэлбиттэрэ. Ийэтин эмтэрэ илдьэринэн билэр саҥата:

      – Хараҕын уута да суох. Чэ, бэйэҕит көрүҥ, – дии-дии уйатын аанын арыйан, тураары өгдөҥөлөөн эрдэҕинэ, моонньугар баайбыт быатыттан туруору тардан уйаттан таһырдьа соһон таһаарбыта.

      – Ньирэй-ньирэй курдук эбит ээ. Үчүгэй баҕайы көрүҥнээх, – диэн бэрт наҕыл саҥа иһиллибитэ.

      – Оннук эбит дии, – диэн атын саҥа иһиллибитэ.

      Ол саҥалар диэки мылаарыҥнаабыта, муннугар туох эрэ хабархай сыт саба биэрбитэ. Ийэтин эмтэрэ илдьээччиттэн адьас атын саҥалаах, сыттаах-сымардаах дьон олбу-солбу харахтарын халтаһатын арыйталаан, сиһин, ойоҕоһун, атаҕын имэрийтэлээн, туппахтаан көрбүттэрэ.

      – Хараҕын уута төрүт суох, халтаһаларын анна кып-кыһыл эт. Атына барыта үчүгэй эбит ээ, туох да итэҕэһэ суох. Битэмиинэ тиийбэтиттэн хараҕа суох буолаахтаабыт. Битэмиин укуоллуохпут уонна ийэтин саатар биир ый эмтэҕинэ табыллар, үчүгэйдик аһыан наада.

      – Ийэтин саатар биир ый эмиэн наада даа? Ону ким көрөр? Миигинньик киһи бэҕэһээ, бүгүн хараҕа суох ньирэйи ийэтин эмтэрээри көтөҕөлүүрбэр сиһим быһынна. Хайа уонна ынахпын ньирэйгэ быһа эмтэрдэхпинэ, үүтүм намтыыр буоллаҕа дии. Оччоҕо ийэлэри, ньирэйдэри миигиттэн ылыҥ, атын кимиэхэ эрэ көрдөрүҥ. Айака, мин көрбөппүн, – диэн Мааппыс СКАЧАТЬ