Син биир күүтэр эбиппин…. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Син биир күүтэр эбиппин… - Галина Нельбисова страница 11

Название: Син биир күүтэр эбиппин…

Автор: Галина Нельбисова

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия: Билиҥҥи кэм прозата

isbn: 978-5-7696-3406-2

isbn:

СКАЧАТЬ сырыыга арыылыахпыт, бу өттүнэн эргий. Ол төҥүргэһи аттынан, ол суоруулаах тиити көрдө көрбүтүнэн бар, – диэн ыйда. Аҕыйахтык хаамтараат, сонуок бүүрүгэр тиийэн: – Нохоо, тохтот, тохтот! Аны бу сэппит тобулу киирэн барда, – дии-дии, оҕонньор сухатын түөрүтэ баттыалаата… – һук! Хайа, аны хаптаһыммыт босхо тиийэн кэллэ… Чэ ити курдук, быата быстыбыт. Дьэ үчүгэй да өлүүтэ, доҕор! Бүгүн сатаан үлэлээбэт дьон буоллубут… Туох да буоссалааҕы оҥоппотубут. Мантыкабытын аны туохпутунан баайарбытый? Бэйи, хата этэрбэһим быалаах эбит ээ, – диэн, онуоха үөрбүт курдук, дабдас гына түһэн, тииһинэн түһэ-түһэ, баайда. Бүтэрэн хоҥуннулар.

      Бэрт кылгас сири бардылар да, били төҥүргэс аттыгар тиийэн оҕонньор:

      – Тохтот-тохтот! – диэн улаханнык хаһыытаата, сухатын, тардыалыы-тардыалыы, төлүтэ баттыалаата.

      Уол тохтоото, оҕус, хаһыыттан куттанан, тохтообото, умса дьулуруйда. Инньэ гынарын кытта тыас тыаһа хачыгыр гына түстэ да, суха буортан мүччү ыстанан тиийэн кэллэ. Онуоха оҕонньор өрүһүспүт курдук хап-сабар олордо охсон, иккитэ-үстэ баттыалаан баран өйдөөн көрөн:

      – Бай! Сухабыт тимирэ хаалбыт дии! Тууй-сиэ, дьаат! Дьэ букатын үрэлиннэ. Үчүгэй да хара сордоох сэп буолар эбит, – дии-дии, ыадар-ыадар хааман тиийэн көөртө, сухатын тимирэ туура баран, иҥнибит сиригэр туһунан сытар эбит.

      Хаампый оҕонньор маннык сордоох сэбинэн үлэлээн, үрүҥ-хара көлөһүнүн үйэтин тухары үгүһү тохпута…

      1927

      Куоттарбыттар

      Дьиэ таһа хабыс-хараҥа. Салгын бүтүннүү сып-сыыгынас ыыс-будулҕан туман. Тыа, толоон олорчу тоҥ хаарынан саба көмүллэн сыталлар.

      Балаҕан иһэ, холлоҕосторо күлүгүрэн, муннуктара харааран, суол аана чэҥирэн, түүл-бит курдук буолан, ыараан, ынчыктыы сытарга дылы. Кини ынчыктыыра, өрө уһуутуура үөлэс устун иһиирэн тахсан, тыал буолан улуйар курдук.

      Оһох уота, утуйан эрэрдии, хараҕын быһа симмэхтии-симмэхтии, имик-самык умайар. Өтөр буола-буола күлүм гынан сырдаан ылар, оччоҕо, көрбөт буолбут киһи ытаан хараҕыттан уу-хаар баспытын курдук, муус түннүк оҥоҥноон ааһар.

      Сыбах оһоххо саннын өйөөн, ырбаахыта суох, атах сыгынньах, торбос ыстааннаах оҕо тымтыгы туппутунан утуктуу олорор. Сэрбэйбит баттаҕын уот мөлтөх соҕустук сырдатар, төбөтүн күлүгэ биир эркиҥҥэ түһэн харааран турар.

      Модьоҕо иннигэр ийэтэ эмээхсин кини этэрбэһин тигэн кыҥастаһар. Ийэ сотору-сотору туой үөһэ тыынар уонна уолун сүрдээх уйан баҕайытык көрөн кээһэр. Көхсүн иһигэр санаата баппат, туой куһаҕан санаалар, хараҥа былыт курдук, сабардаан кэлэ тураллар.

      Түөрт нэдиэлэ буолла куоракка үөрэнэ сылдьар бастыҥ оҕото Ороһустубаҕа хайаан да тахсыам диэн сурук ыыппыта. Онтон бэттэх туох да сураҕы, арай куоракка дьаҥ баар диэнтэн атыны, истэ илик.

      Тоҕо эрэ түүн аанньа утуйбат, куһаҕаннык түһүүр, сүрэҕэ мөхсөр буолла.

      «Оҕом сыыһа, күннээтэр күнүм, ыйдаатар ыйым, чыычааҕым, сүрэҕим хайдах буоллаҕай? Огдоомо хаалтым уонча сыл буолла, ол тухары түүннэри-күннэри, сайыннары-кыһыннары кэтэһэрим-манаһарым кини этэ. СКАЧАТЬ