Название: Син биир күүтэр эбиппин…
Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Бичик
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
isbn: 978-5-7696-3406-2
isbn:
– Ханна буолуой, быраабаҕа буоллаҕа дии, эйигин волревком бэрэссэдээтэлинэн талаары гыналлар, – диэтэ били бирикээстиир киириэхсит.
Онуоха Охоноон хайыһан көрбүтэ, били кини сэбиэскэй былааһы киртиппитин иһин боротокуоллаабыт Өлөксөйө баҕайы дьаабылана турар эбит. Кэлэйбит курдук, төттөрү хайыһан баран, Охоноон:
– Бэйи, саатар аһылыкпын ситэ аһатыҥ, – диэтэ.
– Ноо! Майаачылаама даҕаны! Урут да аһаабытыҥ-сиэбитиҥ сөп буолуо! – диэн баран, бандьыыт ыстыык кырыытынан Охоноону ойоҕоско оҕуста.
Охоноон, кыһыыта-аһыыта оргуйан кэллэ гынан баран, нэһиилэ туттунна. Ситэ аһаабакка турда. Туран: «Сыччыыйдаар, бу эти сиэҥ», – диэн, өлүү этин оҕолоругар түҥэттэ. Уонна, хараҕын уутун кистээн сотто-сотто, үс оҕотун биирдиитэ сыллаата. Кыра уолчаанын: «Чыычаахпын да», – дии-дии, сүрэҕэр ыга туппахтаан ылла. Онтон ынчыктыы, ытыы сытар ойоҕор: «Доҕоор, чэ, күн-хаан кэллэ… быраһаай!» – диэн бырастыыласта…
Киириэхситтэр Охоноону иннилэригэр уктан илдьэ таҕыстылар.
Дьиэ иһэ кураанахтанна. Үстээх оҕо: «Аҕаа!» – дии-дии, илиитин ууммутунан ытыы хаалла. Суох, аҕата төннүбэтэ, арай тиэрэ кэбиллэн аһаҕас хаалбыт аан устун тымныы туман эрэ өрө оргуйан киирдэ…
III
Түүн үөһүн саҕана. Хабыс-хараҥа хаайыы хоһо иин иһин курдук дьиппиэрэн турда. Түгэх диэки муннугар киһи ынчыга иһиллэр. Онон сабаҕалаатахха, биир киһи нэһиилэ олоруох курдук буолан иһэн, тайаммыт илиитэ уйбакка, «лис» гына түһэн, эмиэ им-дьим баран хаалла.
Онтон сотору соҕус тыын киллэрэн, истиэнэҕэ кэлтэгэйдии нэһиилэ өйөнөн олорон, ким бааргын, өрүһүй диэххэ айылаахтык, уҥуох илиитинэн салгыны харбыалаата. Суох, кими да булбата, арай муннук тымныы чэҥин харбаан көрдө. Онтон арыый көнөн, чэҥнээх эркиҥҥэ көхсүнэн өйөннө уонна «хар» гына хаанынан силлээтэ.
– Хара дьайдар!.. Бүтүн Арассыыйаны син биир кыайбакка саатыаххыт ээ. Абам эбит, бу кэриэтин биирдэскитин эмэ анныбар баттаан баран өлбүтүм буоллар! – диэн баран, бөтөн, сымыһаҕын быһа ытырда.
Бу олордоҕуна эмискэ күлүүс тыаһа халыгырыы түстэ. Хаайыы тимирдээх халҕана күлүр гына аһылынна, түөрт саалаах киһи ааҥҥа адаарыстылар.
Таһырдьа дьиэ ааныгар моойторуктаах хара ыт, тоҥнохпун даа, хаһан тахсаҕын диэх курдук, муннун хамсата-хамсата, хас киирэр-тахсар киһини сытырҕалыы олордо. Кэлин уһугар тиийэн ыксаата быһыылаах, бүрүөлээх халҕаны тарбаан тардырҕатта. Ол олордоҕуна арай эмискэ дьиэ аана тэлэс гына түстэ уонна биир саалаах киһи: «Чэт, бу туох ыта булла!» – диэт, ыстыыгынан өтөрү түстэ да, сыыһа анньан кэбистэ. Ол да буоллар ыт тахсыбыт дьону, тоҕо эрэ кулгааҕын ньылаччы туттан, хараҕын күлбүт курдук көрөн, батыста.
Түүн күтүр тымныыта, хараҥата олус хойдубут, бэл диэтэр сулустар тоҥон кыччыырга дылы гыммыттар. Халлаан буоллаҕына үрдүк бэйэтэ намтаан, симилиэс курдук СКАЧАТЬ