Син биир күүтэр эбиппин…. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Син биир күүтэр эбиппин… - Галина Нельбисова страница 14

Название: Син биир күүтэр эбиппин…

Автор: Галина Нельбисова

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия: Билиҥҥи кэм прозата

isbn: 978-5-7696-3406-2

isbn:

СКАЧАТЬ түүн илин эҥээртэн, хотой кыыл курдук, сабырыйа, күөтүү көтөн кэллэ. Үөһээ өндөл халлаан мөһүүрэлии тохтор мөлүйүөн сулус ойуулаах күөх кууппал бэргэһэтин тимир кытаҕы саба уурбут курдук кэтэн, Уот Уйбаан оҕонньор ыал буолбут алааһын, Күҥкүрү, кыаҕар ылан, көй-хара күүлэтигэр хаайан, түүппэҕинэн бүрүйэн турар этэ.

      Ырыых-ыраах илин диэки икки көстөөх Кириэс Тумул диэн сир таҥаратын дьиэтин ийэ куолакалын тыаһа ньирилээн иһиллэрэ. Ону истэ-истэ, алаас ыала, илин диэки хайыһан туран, кириэстэнэн сапсыналлара.

      Бу аата көҕөрө күлүмнүүр чүмэчи сулус харахтаах Ороһустуба түүн Саха сиригэр тэнийэн кэлбитэ.

      Алаас хоту өттүгэр, куобах суорҕанынан үллүммүккэ дылы, борокуот курдук ньолбоҕор, хаптаҕай балаҕантан икки сиртэн түүтэх-түүтэх саҕа кыым кыынньа, кытыаста оргуйар.

      Ол эрээри биирдэрэ бэрт мөлтөх, кыыма хайдах эрэ соҥуйбут курдук көтөн тахса-тахса, тулаайах оҕо кэриэтэ муккуктук, тэттик-муттук дьиримнээн баран хараҥаҕа өһөн, умуллан хаалар. Оттон биирдэрэ тоҕо эрэ күүстээх, омуннаах: халлааны бүтүннүү китиэркэттэрбин диэххэ айылаах, күүгүнүү-күүгүнүү өрө оргуйар. Бу уот туһунан чыпчылыйбакка, бэйи, ол туох быгаары гынна диэн муҥунан көрбүт курдук, түөрт муус түннүк дьэҥкэрэн көстөр. Оттон биирдэригэр соҕотох түннүк, утуктаабыт киһи оргууй хараҕын сабан баран эмиэ көрөн кэлэрин кэриэтэ сүтэн хаала-хаала, кылаҥнаан, көстөн кэлэр.

      Саалалаах, чуулааннаах үрүҥ дьиэҕэ ханаҕар диэн бэйэлээх, кытара буспут былтаҕар иэдэстээх хотун дьахтар оһох чанчыгар курупчаакы бурдугунан алаадьылаан бачыгырата олордо. Саалаҕа нэс соҕус сирэйдээх-харахтаах, хара бытыктаах, кыра үөрэхтээх тойон киһи, Уот Уйбаан уола Мөлөкүүрэп, мөгүрүллүбүт хаһатын имэринэн кээһэ сытта. Кини аттыгар бүрүөлээх остуолга үрүмэччи бэйэлээх Настя диэн үөрэнэр кыыстара альбом кинигэтин ойуулуу олордо. Суол аанын диэки 12-лээх кэриҥэ Уйбаанчык диэн уоллара биир килээр-малаар көрбүт Макаар диэн кэргэн киһилиин атыыр оҕус баһын сүлэн биликтии олордулар. Уонна хаҥас диэки биир дыгдалыйбыт, дьэлтэлдьийбит сирэйдээх-харахтаах эдэр кэргэн дьахтар сэлиэһинэй бурдугунан тиэстэ охсон либиргэтэ турда.

      Дьиэ иһэ тип-тигинэс, тап-таҕынас, сып-сырдык.

      Кирпииччэ оһох күндүл чаҕаан көмүс өргөн кытыастар уота кураанах маһы өрө лаҥкынатан, киэҥ дьиэҕэ китиэккээбит-киһиргээбит курдук таһыгырыы-таһыгырыы, тычыргыы-чачыргыы, илэ-бааччы күлэ-сала күлүбүрүү турар. Дьиэ иһэ, холлоҕостуун умайыахха айылаах, алтанныы кыыһа-хамсыы тыынна. Ол аайы эмис киһи тиритэн, ньалҕарыйан баран, өттүк баттанан ымаҥныы турарын курдук, моччоруспут муус түннүктэр күлэн дьэлтэрэҥнэһэллэр.

      Оттон биир уоппут эҥээрэ атын буолла.

      Бии сааһын тухары күлэр-алларастыыр, өргөннөнөн күлүбүрүүр бэйэтэ хараҕа өспүт, омуна умуллан, ытаан-соҥоон эрэр курдук үдүк-бадык, имик-самык.

      Бастаан көрдөххө, көннөрү санаарҕаабыт, туох эрэ ыарахан аһыыга ылларбыт курдук ылы-чып, борук-сорук…

      Оттон өр буоллахха, барыта тымныйан, тыйыһыран, ынчыктыахха дылы буолан барар. Киһи куйахата дырдыргыыр, СКАЧАТЬ