Название: Син биир күүтэр эбиппин…
Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Бичик
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
isbn: 978-5-7696-3406-2
isbn:
Ол курдук саҥата суох олорбохтоотулар.
Онтон Өкүлүүн: «Хабырыыс, сатаатар биирдэ эмэ таарыйбат буолаҥҥын. Миигин ахтара буолуо диэн сүрэҕиҥ таайбат бэйэккэтэ дуу?» – диэтэ.
Хабырыыс хортууһун устан күөх дулҕа төбөтүгэр уурда уонна, сүүһүн көлөһүнүн сотто-сотто, эттэ:
– Ол тоҕо таарыйыамый? Туох да наадам суох. Ол бииргэ олоруохпут этэ диэхтиигин да, эн хараҥа муннуккар олорон миэхэ туох туһата кэлиэй. Туох эмэ үчүгэй астаах, хойуу чэйдээх буолан, киһини астыннарыаҥ дуу! Бэйэҥ билэҕин, мин син мааны буолбут киһибин, миэхэ үчүгэй ас, түс-бас кэпсээн-ипсээн, ыраас таҥас-сап наада. Мин оннуга суох биир да хонугу сатаан тэһийэн хонорум биллибэт…
– Билигин Кириһээн оҕонньорго бааргын дуу? Онно тугу гынаҕын?
– Онно баарбын. Сылгыһыт уол буолан, үрүҥ-хара түүлээҕин мин бөрүөрэбин, – диэн баран, Хабырыыс, сэргэх киһи быһыытынан, титирик мутукчатын тоһутан ылан көрө олордо.
– Бөрүөрэбин буолан, эн ат үрдүгэр олоро сылдьан талбыккынан көрүлүүгүн, сорох ыал сааҕын күрдьэн муҥнанар, сааһын тухары хотонтон тахсыбат…
– Ээ, эн, акаары, тугу өйдөөтөҥүй. Мин туох киһибин сааһыҥ да тухары өйдүөҥ суоҕа. Эн миигин дьаарбайар эрэ курдук саныырыҥ буолуо да, оннук буолбатах. Хор, мин бүтүн улууска биллэр сылгыһыт буолабын, ол чааһыгар ким даҕаны миигин кытта кыайан тэҥнэспэт. Ити бүгүн утуктуу-айанныы испиппин көрүмэ, мантыкаҥ, кыыла турдаҕына, хата атын оҕо буолуоҕа: туох гынаары Кириһээн баай сылгыһыта буолбут үһүбүн? Хор, үөһэттэн оҥоһуулаах, анатыылаах кэриэтэ киһибин. Сааһым тухары сэнэхтик сылдьыбытым. Сылгыһыт буолуом иннинэ сааһыт этим… Ол эн олоҕуҥ диэн эмиэ олох буолуо дуо? Хор, ону өйдөөхтөөбөккүн, – сөпкө да эттим диэбиттии, өссө толкуйдуур курдук, халлааны өрө мыҥаан көрө олордо.
– Өйдүүбүн ээ, Хабырыыс…
– Ытаары гынныҥ буолбат дуо уонна өйдүүбүн диигин…
– Суох, мин ытаабаппын… – диэхтээтэ, өссө ордук төҥкөйө-төҥкөйө, Өкүлүүн. – Оо, Хабырыыс, аньыытын ньии, мин сордооҕу сатаатар эн аһымматыҥ… Хайа дьоллоохтор бииргэ олороннор, ыал буолаллар… Бу эйиэхэ эргэ тахсыбытым уонча сыл буолла, ол тухары биирдэ эмэтэ ойох-эр курдук кэпсэттэхпит, доҕордостохпут, бэйэ-бэйэбитин аһыныстахпыт, таптастахпыт дуу… Сатаатар биирдэ киирэн хоммоккун…
– Ээ, таптаһыы диэн… туох таптаһыыта баар буолуон сөбүй? Биһиги ааппыт эрэ эрдии-ойохтуу… Мин эйиэхэ букатын туора киһибин: мин буоллаҕына бастыҥ сылгыһыппын, маанытык үөскээбит киһибин, эн буоллаххына хотон киһитэҕин, ол кэлэн хайдах сатанан, ханнык эмэ паараҕа дылы, – дии-дии, сылгыһыт ытыһын имэриннэ.
– Оттон… син бэргэһэлэммиппит буолбат дуо?
– «Бэргэһэ» буолаахтаан. Ол Өндүрүүс оҕонньор мээлэ холбооттоон кэбиспитэ диэн…
Им-ньим, саҥата суох ах баран олордулар.
Нөҥүө тыа быыһынан сылгылар сырсан ааһаллар, ону Хабырыыс сүтэриэр диэри көрөн олорон баран: «Хамнаһыҥ төһөнүй?» – диэн ыйытта.
– Төгүрүк СКАЧАТЬ