Название: Син биир күүтэр эбиппин…
Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Бичик
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
isbn: 978-5-7696-3406-2
isbn:
Бүөтүр оҕонньор барытын үөрэ-көтө иһиттэ. Оттон сиэртибэҕэ тиийэн баран, уларыйан курус гына түстэ. Онтон курун чиҥэтэ-чиҥэтэ эттэ:
– Дьэ билигин бу баһамыыктар сиэннэр табыгастаах тугум да суох. Ол эрээри, бөхсүннэххэ, син сээкэй тахсар оҕонньоробун. Хайа уонна мин тылбын эһиги ылыннаххытына, мин даҕаны толкуйданан көрүөм буоллаҕа дии, – диэтэ, күлэн күһүгүрүү-күһүгүрүү.
Оҕонньор санаатын ситэн, дьиэтигэр баран иһэн, биир чоҥкучах алаас үрдүгэр турар быыкаайык балаҕаны көрөн баран сиргэ силлээтэ.
– Тууй-сиэ! Бу ыт, бука, мэйиим быһаҕаһа баар эбээт! Көр, бу Доропуун түөкүнү уонна Кириһээни эмиэ кэпсиэх буолан бараммын умнан быһа сытыйан иһэбин дии! Төннүөм дуу, хайа үөдэний?.. Ээ чэ, атым да илистииһи, кэнники дьыала быһыытынан оҥорторон, суруйтаран киллэриэм, – диэн баран, айаннатан күпсүтэ турда…
Киэһэтигэр кыһыҥҥы кылгас күн эрдэ киирдэ. Сыыйа-баайа им сүтэн, боруоран барда. Күнүс көрдөххө өрө оргуйар туман өһөҕүрэн, хараҥа былыт курдук сабардаан, хаайдарбын-күөйдэрбин диэххэ айылаах, ыаһыра үтэн кэллэ.
Кыараҕас алаас үрдүгэр, тыа быыһыгар, кутуйах илдьи тыыппыт эргэ нэгин курдук быыкаайык тулаайах балаҕантан сэдэх соҕустук кыым тахса турар этэ.
Ким эрэ бурдук тардар быһыылаах – таас тыаһа кыыкырдыыр уонна им-дьим, атын саҥа-иҥэ биллибэт. Онтон дьиэ иһин өҥөйөн көрдөххө, биир бэрт ырыган, иҥиирэ эрэ күрэҥниир, көхсүгэр түөрт сиринэн түөн чэрдээх киһи, ырбаахытын устан баран, суол аанын чанчыгар бурдук тардан аала турар. Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, санаарҕаабытыгар сөп киһи эбит, тааһын да тыаһа, кини бэйэтин санаатыныы, аргыый аҕай аалар.
Бу балаҕан иһигэр таас тыаһыттан ураты киһи кулгааҕа-хараҕа иҥнэрэ атын туох да баара биллибэт. Таас эрэ тыаһа, аргыый лоһугураан, чочугураан кэлэ-кэлэ, эмиэ аргыый аалан, кыыкырдаан барар.
Арай имик-самык умайа турар уот сырдаан ылбытыгар кыһайан көрдөххө, оһох чанчыгар биир аҕыс-сэттэ саастаах, чачархай баттахтаах оҕо мас ат оҥорон оччоһо олороро уонна биир чороччу улаатан эрэр кыыс оҕо, үстээх-түөртээх уолчааны көтөҕөн баран, атаҕын холумтаҥҥа ууран, хоруонан тымтыкка суруйа олороро. Оҕото уута кэлбит быһыылааҕа: дьааһыйан оҥоҥнуу-оҥоҥнуу, туой субу-субу уокка турар күөс диэки кылап гына көрөр этэ. Ийэлэрэ хаҥас ороҥҥо ыарыта сытара. Өтөр буола-буола дириҥ ынчыга иһиллэрэ.
Дьэ уонна им-дьим, борук-сорук.
Арай таас эрэ тыаһа аргыый аалан кыыкырдыыр, арай Охоноон эрэ санааргыыр этэ. Кини ревком буола сылдьыбыта, онтон сибиэркиирэ эбитэ дуу, эбэтэр дьахтара ыалдьан буолта эбитэ дуу, биитэр баттыгас эмиэ эргийэн, эмиэ хамначчыт буолан, киһи аатын ылбакка, сөптөөх өлбүгэ сүкпэккэ, баайдар атахтарыгар үҥэ, сааһым СКАЧАТЬ