Син биир күүтэр эбиппин…. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Син биир күүтэр эбиппин… - Галина Нельбисова страница 15

Название: Син биир күүтэр эбиппин…

Автор: Галина Нельбисова

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия: Билиҥҥи кэм прозата

isbn: 978-5-7696-3406-2

isbn:

СКАЧАТЬ умуһахтаах эбит) илдьэн уура-уура уонна хатырыгынан саба тардан кэбистэ.

      Бу икки ардыгар оҕонньорбут түҥ-таҥ буолан барда.

      – Күн төһө буолла? – диэн ыйытан саайда.

      – Күн буолбатах, түүн ээ, – диэтэ Дьаакып. Ону биирдэрэ «түөртүүр ынах» диэн иһиттэ.

      Бу түөһэйбит оҕонньор кимий диэтэххэ, кырдьык даҕаны күнүн саҕана оччотооҕу үйэҕэ киһи аатыран сылдьыбыт ааттаах Уот Уйбаан бэйэтэ этэ. Дьиҥ төрдө-ууһа быстар дьадаҥы, уус дьон этилэр. Хас да сыл устатыгар Лаамыга, тайҕаҕа сылдьыбыта. Онтон «көнөн» кэлэн, иккис ойоҕун киһиттэн арааран ылбыта. Бэрт сытыы өйдөөх, ыпсарыылаах, уоттаах тыллаах киһи этэ. Аҕа бэлэмигэр хаалбыт, ынах кэннин кэтиири эрэ билэр дьонтон атын киһи этэ. Сут дьылга уу таһаарар массыына оҥорторон, онон ходуһатын угуттаабыта. Быа миэлиҥсэтэ оҥорон, улуус бурдугун кини тартарбыта. Эдэр эрдэҕинэ көнөтө-туруорута, хоодуота да сүрдээҕэ үһү. Кыраттан сылтаан Семенов диэн сэтээтэли сирэйгэ биэрэн баран, дьыалаҕа ылларбакка, куотан хаалбыта үһү. Сааһын тухары, туох да үөрэҕэ суох эрээри, албакаат эбит. Чугастааҕы баайдар, куттанан, аахсар киһилэрэ кини эбитэ үһү. Ыраахтааҕы үйэтин саҕана сокуоннайын туолбут киһи барыта өлбүгэ сүктүн диэн мөккүһэрэ үһү. Күнүн саҕана ойууну, таҥараны даҕаны итэҕэйбэт курдук буолара. Сыылынай судаарыскайдары кытта доҕордоһор, кэрэхсээн кэпсэтэр кини этэ. Олор кинини «Сиимэнэбис» диэн ааттыыллара үһү. Кырдьыгынан, бу хараҥаҕа баттаппыт тыа сиригэр ахсааннаах киһи этэ. Оттон билигин, түүн буолбутун билбэккэ, «күн төһө буолла?» диэн ыйытар буолан сыттаҕа, төрөппүт оҕолоро аттыларыгар көрбөт, дьиэлэригэр олорпот буоллахтара, хотоҥҥо Дьаакып сордоох көрүүтүгэр биэрэн олортохторо… Кыбысталлара, сааталлара бачча эбитэ дуу, абааһы көрөллөрө, кэччэйэллэрэ бачча эбитэ дуу, ону туох да билбэт…

      Ону толкуйдаабакка эрэ оҕонньор диэки эргиллэн көрдөххө, бу сордоох оронуттан оргууй туран кэллэ. Ону Дьаакып баран сиэтэн аҕалан, бүтүннүү көстүбэт ынах сааҕа дүлүҥ олох маска, уот иннигэр, олорто уонна эттэ: «Оҕонньор, сарсын Ороһустуба эбээ, бу киэһэ алаадьыта, ону билэҕин дуо?»

      – Ээ, суох, тукаам, билбэппин, – диэтэ оҕонньор уонна, буспут куолас курдук саһара маҥхайбыт төбөтүн түөһүгэр түһэрэн, тайаҕар өйөнөн, уотун туомугар иттэ олордо…

      Дьаакып үрүҥ дьиэҕэ таҕыста.

      Хотон дьиэ иһэ эмиэ сыыйа чуумпутуйда, боруорда. Арай, туох эрэ улахан ыарыыга баттаппыт курдук, тот сүөһүлэр ынчыктыыллара иһиллэр. Сонно көрдөххө даҕаны, имик-самык, туттахха даҕаны, тыбыс-тымныы, ибис-инчэҕэй, сып-сытыган буолан, хотон дьиэ таҥнары тайахтанан, күлүгүрэн турда. Ол ортотугар бии эдэр эрдэҕинэ дьон таҥара гынан үҥпүт, илин-кэлин сүүрбүт оҕонньордоро суос-соҕотоҕун, кэрэх төрдүгэһин курдук, хохоллон олороро.

      – Туох айыым иннигэр бу курдук тутан эрэр буоллулар, ама да кырдьыбытым, түөһэйбитим иннигэр. Айыы тойон таҥара, баар буоллаххына, миигин, хаарыан бэйэлээх икки атахтаахтан туоратыллыбыты, соҕотоҕун хаалбыты, туохха да туһата суох буолбуту, СКАЧАТЬ