Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кыргыс толоонугар көрсүһүү - Данил Макеев страница 5

Название: Кыргыс толоонугар көрсүһүү

Автор: Данил Макеев

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6639-1

isbn:

СКАЧАТЬ итинник долгуйуо, уйадыйыа суоҕа эбитэ буолуо. Маарыын атын көрөөт, сүрэҕэ түөһүттэн субу төлө көтөн тахсыах курдук битигирии түспүтэ, тыына хаайтара сыспыта. Онтон Улаанай кинини билэн өрө мөхсө түспүтүгэр, дьонтон да кыбыстарын умнан, бэл, хараҕын уутун кыамматаҕа. Билигин онтуттан саата саныыр… Эр киһи, саллаат аата хараҕын уутун кыаммакка ытаан бахсырыйа турдаҕа үһү. Хата, дьоно кини туругун өйдөөн туох да диэбэтэхтэрэ. Бэйэлэрэ да сүрдээҕин долгуйдулар быһыылааҕа. Түспүт сирдэригэр кэлээт, Баһылайы тугунан да аралдьыппакка атын кытары бодьуустаһарыгар кыах биэрбиттэрэ. Оттон Баһылай күнү быһа Улаанай таһыттан арахпакка, дойдутугар эрдэҕинэ кыһын кырыатыы, сайын охсорго көлүйэ сылдьан кэпсэтэрин курдук сахалыы саҥаран, кэпсэтэн адьас чугас киһитиниин ирэ-хоро сэһэргэспиттии дуоһуйбута. Улаанай хаҥас холугар харыстан ордук бүүрэ оспут баас онно баара. Арааһа, сэнэрээт эмтэркэйэ тэлэ көтөн ааспыт быһыылааҕа. Онтун таарыттарбат этэ, дьигиҥнии, холун этэ тардан илибирии түһэрэ.

      Сынньалаҥҥа турбут биэс күннэрэ Баһылайга сэрии буолуоҕуттан саамай үчүгэй, эттиин-хаанныын, куттуун-сүрдүүн сылаанньыйбыт, олоҕун тухары умнуллубат түгэнинэн буолбута. Биир киэһэ тревоганан туруоран инники кирбиини кыйа соҕуруу диэки илдьибиттэрэ. Баһылай Улаанайы инники – уҥа өттүгэр көлүйбүтэ. Бэйэтэ сиэр дьүһүннээх хаҥас аты мииммитэ. Түүнү быһа айаннаан, халлаан сырдыыта тыаҕа тахсан тохтообуттара. Күнү быһа хорҕойон туран баран, киэһэ хараҥарбытын кэннэ эмиэ айаҥҥа туруммуттара. Ити түүн тустаах сирдэригэр тиийэн буускаларын туруортаабыттара. Баһылай орудиены туруохтаах сирдэригэр илдьээт, кэтэххэ тахсан биэрбитэ. Аттарын сыгынньахтаабакка, бирикээс кэллэ да позициятыгар ойутардыы бэлэм турбута. Бу диэки баһаам күүс мустубут быһыылааҕа. Чугас-чугас араас калибрдаах орудие батареялара биир ситим буолан илим хотоҕоһунуу субуллубуттар этэ. Сарсыарда эрдэ халлаан сырдаан эрдэҕинэ, иннилэригэр үүт тураан сиик үллэн олордоҕуна, хас эмэ сүүһүнэн орудие тэҥҥэ эстэн халлаан хайдар хабараан тыаһа дэлби ыстаммыта. Аттар соһуйан чохчос гына түспүттэрэ, иннилэрин хоту ыстанан кэбиһээри быыппастыбыттара, Баһылай ыһыытаан-хаһыытаан, буойан нэһиилэ уоскуппута. Дьэ, доҕоор, онтон чаас аҥаарыттан ордук кэмҥэ сир сиҥнэр, халлаан хайдар үлүгэрэ буолбута. Аттар биир кэм кулгаахтарын ньылаҥната, дьигиҥнии, өрүтэ тэпсэҥэлии турбуттара.

      Артиллерийскай бэлэмнэнии бүтээтин кытары, Баһылайга позициятыгар тиийэ охсоругар бирикээс кэлбитэ. Аттарын эргитэ тардан, дьонугар ыстаннарбыта. Расчет номнуо орудие атахтарын хомуйан бэлэм турара, ону передокка холбоно охсон, дивизионнарын холуоннатыгар суолга тахсыбыттара. Сотору хоҥнорго бирикээстээбиттэрэ. Ити икки ардыгар туман көтөн иннилэригэр ыраах, сибилигин аҕай тыһыынчанан сэнэрээт дэлбэритэ тэппит, өһөх буруо өрөһөлөнөр, сэрии тыаһа ньиргийэн олорор сирин диэки барбыттара…

      Хас да күн тохтоло суох кимэн киирии буолбута. Биир күн Баһылайдаах батареяларын адьас инники кирбиигэ киллэрбиттэрэ. Ыксал бөҕөнөн СКАЧАТЬ