Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кыргыс толоонугар көрсүһүү - Данил Макеев страница 3

Название: Кыргыс толоонугар көрсүһүү

Автор: Данил Макеев

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6639-1

isbn:

СКАЧАТЬ уоҕа хараабыта, муоһаны истэр буолбута. Күөлгэ өссө биирдэ эргийэн, сүүрбэккэ, сиэлэн тамайар буолбутун кэннэ айан суолугар салайан киллэрбиттэрэ. Ити курдук күн аайы өсөһөн туран көлүйэн сыыйа мөхсөрө аҕыйаан, айааһыргыыра тохтоон барбыта. Хаар барыыта ат атынан буолбута.

      Сайын окко киирэн баран, аны охсорго айааһаабыттара. Төрүтчүтүнэн охсорго үөрүйэх, элбэх аты айааһыырга ойоҕос ат буолбут бөдөҥ-садаҥ Бороҥкууһу көлүйбүттэрэ. Улаанай, сыарҕаҕа көлүллэ үөрэммит буолан, көлүйэллэригэр туран биэрбитэ. Онтон хаамтарбыттарыгар охсор тыаһыттан сиргэнэн чохчойо-чохчойо түспүтэ. Бороҥкуус кинини кытары тэҥҥэ сүүрсүбэккэ, түөрт атаҕынан дьирэччи тэбинэн, хомуутугар сыҥааҕыттан ыйанан баран, сарылыы-сарылыы соһулла испитэ. Охсору уонна бэйэтинээҕэр быдан улахан Бороҥкууһу соһон төһө өр сүүрүөй, сотору эстэн хаалбыта. Ол эрээри өрүтэ тура, туора-маары ойуоккалыы сатаабыта. Ол кэмҥэ Бороҥкуус ыйылыы-ыйылыы арҕаһыттан хабыалаабыта. Ити курдук мөхсөөрү, сүүрээри гыннар эрэ, кырдьаҕас ат быһыта хабыалаан биэрэ испитэ. Онон Улаанай омурҕан устата айааһырҕаан баран, сыыйа охсор татыгырыырыгар үөрэммитэ. Иккис омурҕаҥҥа төрүтчүтүнэн атын аты көлүйбүттэрэ. Бу сырыыга Улаанай улаханнык мөхсүбэтэҕэ. Киэһэ уу чоккурас буола тириппит соноҕоһу сыгынньахтыы туран Баһылай:

      – Дьэ, нохоо, аны ат атынан буоллуҥ. Сарсын наһаа мөхсүбэт инигин, – дии-дии күөх отунан көлөһүнүн соппута, иб-ибигирэс буолбут холун, «Кыһыл өрт» диэн холкуостарын аатын бастакы буукубаларын кытарбыт тимиринэн сиэтэн түһэрбит бэчээттээх буутун имэрийбэхтээбитэ. Ити «КӨ» диэн бэчээти Баһылай бэйэтэ таптайан, иһэрдэн, уһун тимир уктаан оҥорбута. Онон холкуостарын сылгылара бары итинник бэлиэлээх этилэр.

      Улаанай айааһанан үтүөкэннээх көлүүр ата буолбута эрээри, Баһылайтан ураты кими да билиммэт этэ. Барыларын тииһинэн, туйаҕынан көрсөрүн абааһы көрөн, кэлин ким да миинэ, көлүнэ сатаабат буолбута. Онон кыһыннары, сайыннары Баһылай илиитигэр киирбитэ. Баһылай сайылыкка тахсыы саҕана буор оһоххо тимири уһаарара, ол тааһын биэс-алта көстөөх сиртэн сыарҕаҕа тиэйэн, эбэтэр акка ыҥырдан аҕалара. Онтунан кыһын холкуос араас тэрилин оҥорон, буор сыбахтаах кыракый балаҕаҥҥа кыстык тыаһа чаҥыйан олороро. Онтон сайын косилканан от оҕустарара. Кини кыһа уотугар кытарбыт, тимир суоһугар хараарбыт тарбахтардаах хатыылаах ытыһынан хоҥоруутун, моонньун имэрийдэҕинэ, Улаанай таптатан хараҕын симэн, баһын ньолбоччу туттан баран туран биэрэрэ. Оттон кыһынын кырыаччынан түүтүн тараатаҕына, моонньун токутан, түөрт атаҕын бадьаралыы үктээн, кутуругун хоппоччу туттан адьас хамсаабакка турара. Кэлин били улаан дьүһүнэ сүтэн, түүтэ-өҥө муус маҥан буолбута.

* * *

      Баһылайдааҕы Мальта диэн тимир суол станциятыгар тиэрдэн сыл аҥаара курдук үөрэтэ түһээт, фроҥҥа аһарбыттара. Ленинградскай фроҥҥа тиийбиттэрэ аҕыйах хоноотун кытта, өстөөҕү утары улахан кимэн киирии саҕаламмыта. Баһылай кыргыһыыга СКАЧАТЬ