Син биир күүтэр эбиппин…. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Син биир күүтэр эбиппин… - Галина Нельбисова страница 5

Название: Син биир күүтэр эбиппин…

Автор: Галина Нельбисова

Издательство: Бичик

Жанр:

Серия: Билиҥҥи кэм прозата

isbn: 978-5-7696-3406-2

isbn:

СКАЧАТЬ даҕаны, бурдук тардар, муус көтөҕөр, от мунньар, бурдук быһар, бугул угар киһи кини буолта. Аны санаатахха, туох да олус сылайар, илистэр эбит. Туой хотуолуур, түүн аанньа утуйбат буолта. Мин хайдах сытан хаалбакка сылдьыбытын бэркиһиибин. Киһи да иҥиирдээх буолар эбит этэ. Оттон ийэм күтүр: «Бачча эдэр эрээри айгыстан оҕолор, ар дьаалы хотун, оттон киһи эрэ хат буолар баҕайыта», – диирэ. Мин даҕаны, акаары, испэр: «Олус да айгыстар ээ», – дии саныырым.

      Онтон сайын Амма диэн алта көстөөх үрэххэ Аанчык биһигини оттото утаардылар. Бу алта көс сиргэ түүннэри-күннэри аҕыс ыйдаах дьахтар хааман киирдэ. Оҕуһу миин дии сатаан кэбиһэбин, мииммэт. Сатаатахха оҕуспут айаас кунан этэ. Киирэн оттоотубут. Аанчыгым, урут кини тугу да саҥарбат бэйэтэ, туой атаҕым, баһым ыалдьар, сүрэҕим көбөр, тулуйбаппын диир буолла. Арай биир киэһэ күн киириитэ тахсан чаанньыгын өрөн баран отуутугар сыта түстэ. Мин утуйдаҕа диибин, онтукам аны санаатахха ытаабыт эбит, быһыыта. Онтон мин отууга таҕыстым. Онуоха туран, ааттаһар курдук, сүрдээх үчүгэйдик саһарчы көрбүтүнэн хааман кэлэн, санныбар илиитин ууран баран: «Мыычаар, доҕорум оҕотоо, аһын даа, кыайан тулуйарбыттан аастым, – диэтэ уонна: – Бостуой эргэ бараммын, хаарыан дьонум, ийэм, аҕам, доҕотторум, ханна эрэ баар буоллугут… Саатар биирдэ баҕас эһигини көрдөҕүм дуу, мин бу муҥнана сылдьабын…» – дии-дии, уйаара-кэйээрэ суох оҕолуу ытаата. Онно мин киһи эмиэ уйадыйан икки хараҕым уута лэппээским үрдүгэр таммалаабытын өйдүүбүн. Ону санаатахпына, билигин даҕаны сүрэҕим ыалдьар. Кырыйдаҕым аайы өссө ордук уйадыйан иһэргэ дылыбын, – диэн баран оҕонньор эмиэ харбыт курдук ах барда, хараҕын уута чаччаарыйбыт иэдэһин устун сүүрэн түһэн сыттыгар халыйда…

      Уол муннун тыаһа утуйда быһыылаах. Оҕонньор, ону сэрэйдэ гынан баран, кыһаммата. Кини хоонньугар ыстанан тахсыбыт куосканы имэрийэ-имэрийэ, киниэхэ кэпсиир курдук, аргыый кэпсии сытта.

      – Онтон дьэ күһүнүгэр от-мас сайын барахсан кэлиитигэр чэлгийэ симэммит күөх нуоҕай өллүргэтэ тохтон-хоронон барда, көҕөрөн көстөр торҕо тыа күкээрэн, сэндээрэн көстөр буолла. Сэмэнэп саҕана хас эмэ хонугу мэлдьи өһөөн-сааһаан туран ардах бөҕө түстэ. Күн-ый дьаабыта биллибэт буолла. Күөх халлаан күлэр ньуура сабыллан, хараҥаран, хараара сытыйбыт от түгэҕинэн отуу оҥостубут курдук, бүрүйэ сүүдүрүүннэннэ.

      Дьэ ол күннэргэ мин Аанчыгым өлөр охтуутун охтубута. Күнүһүгэр ыалдьа-ыалдьа, уу баһа, ынах ыы сылдьаахтаабыт эбит. Ону биллэрбэккэ кистээбитэ. Кини ол хоргуһа дуу, хоргуппутун күүһэ эбитэ дуу, ону билбэтим. Ол түүнүгэр, сарсыарда таҥара сырдаан эрдэҕинэ, Аанчыгым быыһаммакка эрэ барбыта.

      Билигин даҕаны, бу отут сыла туолан эрдэҕинэ, миэхэ бу баар курдук кини иэйэн-туойан, ынчыктаан кулуннуу мөхсө сытара…

      Эрэйдээҕим сыыһа баттаҕын куруук тараанара, онтуката үрэллэн, биир кэм лаглаҕай гына иилистэн баран сыттыгар ыһыллан, туох да күүһэ-көмөтө суох, сирэйин ооккото муннуктанан, ыарыы бөҕө кэбилээн, дьүһүн-бодо СКАЧАТЬ