Араас быһылаан сөп буола-буола тахсара. Ол быыһыгар киһи күлүөх да курдук түгэннэрэ баар буолааччы. Күһүн биирдэ исполком бэрэссэдээтэлэ А.Е. Старостин Хара Алдантан эрийдэ:
– Хаандыга диэкиттэн өрүһү батан сатыы нуучча киһитэ иһэр үһү. Кыра ботуоҥка сүгэһэрдээх уонна харабыыннаах дииллэр. Ону булчут Самсонов кыра сиэнэ кыыс көрбүт уонна «эһээ курдук саалаах диэбит» диэн ыксаллаах быһыыны-майгыны үөскэттэ. Ити кэмҥэ, кырдьык да, Хаандыгаттан хаайыылаах күрээн туттарбакка сылдьара. Ол иһин, кини сырыттаҕа диэн түргэнник тутар-хабар бөлөх уолаттарын хомуйа охсоот, Хара Алданнаабыппыт.
Олохтоох былааһы көрсөн, киһибитин хайдах, ханна тутарбытын сүбэлэстибит. Тыынан барыаҕы, ыраахтан көрөн, саһан эрэйдиэн сөбө. Ол иһин аара тоһуйарга быһаардыбыт. Кэтэһэргэ тоҕоостоох сир баар эбит. Суоттааһын быһыытынан сарсын киэһэ ол сиргэ тиийэн кэлиэхтээх. Сарсыарда милииссийэ уолаттары кэтэһиэхтээх сирдэригэр илдьэн түһэртээтибит. Кырдьык да, олус табыгастаах сир эбит. Биир өттө өрүс, иккис өттө үрдүк быраан. Өрүс сүнньүнэн иһэр киһи ити тоһууру хайдах да мүччү түспэт сирэ.
Мин чахчы кытылынан киһи иһэрин чопчулуохпун баҕаран, мотуордаах тыыга олорсон өрө уһуннум. Син балай да айаннаатыбыт, киһи баара көстүбэт. Суол-иис көрөөрү, ыраахтан иһэр дьон быһыытынан, кытылга «сынньана» тахса сырыттыбыт. Кумахха эргэ саппыкылаах соҕотох киһи суола аллара диэки ааспыта чуолкайдык көстө сытара. Биһиги төннөн, дьоммутугар тиийэн, сатыы киһи чахчы иһэрин кэпсээтибит уонна бүтэһик төгүлүн ыйыы-кэрдии биэрэн баран ааһа турдубут.
Киэһэ сэбиэт хонтуоратыгар кэтэһэн олордохпутуна, аптамааттаах, түөс куйахтаах уолаттар киирэн кэллилэр. Биир бытыктаах, орто уҥуохтаах, бэрт мөкү таҥастаах, кыракый сүгэһэр оҕолоох нуучча киһитин аҕалбыттар. Онно ыйыталаһан билбиппит, Хаандыгаҕа ону-маны үлэлээн баран, сөп буолан, сирэйин хоту балыктаан аһыы-аһыы айаннаан иһэр көччүр киһи эбит. Сиэбиттэн докумуонун ылан көрдөрдө. Хаандыга милииссийэтин кытта сибээстэһэ сырыттым, киһи тордуохтаһара туох да суох буолан биэрдэ. Ханнааҕы СКАЧАТЬ