– Ииктээри гынабын, – диэтэ. Иван Григорьевичка этэн баран киһибин кытта таһырдьа таҕыстым. Дьиэ таһыгар тэпилииссэ турара. Киһим ол кэннигэр киирэн хаалла. Аан аттыгар кэтэһэн турдум. Дьиэ олбуордаах, ханна да барбат ини дии санаатым. Чочумча буолаат, киһим саа тутуурдаах, биир батарантаас кыбыныылаах бу тахсан кэллэ. Ол бириэмэҕэ Иван Григорьевич дьиэ иһиттэн бүтэн таҕыста. Киһибит саатын уоһун биһиги диэки туһаайбытынан утары кэлэн:
– Ытаттаан кэбиһиэм! Хамсаамаҥ! Гириинньэ да уола буол! – диэн Иван Григорьевичка саана-саана олбуор аанын кэннинэн аһан тахсан барда.
Уулуссаҕа тахсан кэннин эрэ көрөн хааллыбыт. Иван Григорьевич:
– Саата баран ылыахха! Хайаан да туттахха табыллар, – диэт, матасыыкылын үрдүгэр түстэ. Дьуһуурунай чааска тиийэн кэпсээбиппитигэр:
– Ханна да барыа суоҕа. Киһини ыппат киһи, сарсыарда тутуохпут, – диэн Иван Степанович оргууй аҕай унаарытта.
Иван Григорьевич, сибилигин тиийээт тута охсор төһө да баҕалааҕын иһин, кырдьаҕас киһи тылын ылынна. Сарсыарда өйдөммүтүн кэннэ, дьон утуйа сыттахтарына, аймахтарыттан аҕалан, бытархай күлүгээннээһиҥҥэ дьыалалаабыттар этэ.
Күһүн кус көҥүллэниэн аҕай иннинэ браконьердааһыны утары үлэлииргэ дьону аттарыы буолла. Миигин кытта биһиги суоппарбыт Константинов Коля барсар буолла. Сарсыарда ааттаах эрдэ туран, Дьокуускайдыыр суолунан бардыбыт. Өкүндүгэ бииргэ үлэлээбит табаарыспытын В.Н. Трофимовы уһугуннара тиийдибит. Чэй иһэн баран айан суолугар тахсан турдубут. Арай аҕыс миэстэлээх ГАЗ-ик Дьокуускай диэкиттэн иһэр. Биһиги тохтотон, суоппартан докумуонун көрдөөтүбүт. Массыына иһигэр дьон толору олороро көстөр. Коля массыынаны эргийэ барда:
– Хайа, бу тугуй? Браконьердыы сылдьар эбиккит буолбат дуо?! – диэн соһуйбут саҥата иһилиннэ.
Онно эргийэ тиийбитим – массыына иһигэр саа, кус бөҕөтө. Дьоммут тугу да саҥарбаттар. Саалары хомуйан, бэйэбит массыынабытыгар уктубут. Мин кинилэр массыыналарыгар олорсон, милииссийэҕэ тиийдибит. Онно тоҕус киһини боротокуоллаан, тоҕус сааны уонна 70-ча куһу, биир хомуллар кыра тыыны тутан, булчуттар тэрилтэлэригэр илдьэн биэрдибит. Биирдии улахан көҕөнү махтал быһыытынан биһиэхэ туттартаан ыыттылар. Дьолбутугар, браконьердар арыгылара эрдэ бүтэн, ол күн өйдөөх биһиэхэ түбэспиттэрэ. Ол иһин туох да утарсыыны оҥорботохторо. Арай итирик буоллуннар…
Чернышевскай бөһүөлэккэ өлөрүү буолбутугар түүн кэлэн, буруйдаах гарааска киирэн, биһигини саалаах кэтэһэн олорорун билбиппит. Чуҥнаан баран, кими да онно чугаһаппакка кэтэһэ түспүппүт. Аан быыһынан көрөн, утуйбутун кэннэ киирэн тыраахтар хабыынатыттан туох да эрэйэ суох туппуппут. Өскөтүн итирик, милииссийэлэри кытта ытыалаһыам, таах бэриниэм суоҕа диир киһини сонно тута сатаабыппыт буоллар, туох тахсыа эбитэ буолла?..
Биирдэ СКАЧАТЬ