– Василий Дмитриевич, Масалова тылыттан-өһүттэн иһиттэххэ, отой да буруйа суох быһыылаах. Ыытан кэбистэхпитинэ хайдах буолуой, баран, бэйэтэ быһаарыстын ээ, – диэн бэйэм санаабын быктардым.
– Хайдах буолбут киһигиний?! Ол буруйдаах киһи тылын итэҕэйэҕин дуо? Хаайыыттан куотаары тугу баҕарар лахсыйыахтара. Чуолкайдык эппиттэр буолбат дуо, тутуҥ, хаайыҥ диэн. Сойуус үрдүнэн итинник телеграммалары толорбокко оннук-маннык толкуйдуу сылдьар буоллахпытына буруйу оҥорууну кытта хайдах охсуһабыт?! Ити санааҕын бырах. Хата, тутуллубутун туһунан тахсан телеграммата оҕус, хаалларын туһунан уурааҕы ыыта оҕустуннар. Бүттүбүт, табаарыс младшай лейтенант.
Мин итинник диэхтээҕин эрдэттэн сэрэйэр этим. Кини бэйэтэ кытаанах майгылааҕын таһынан олохтоммут сокуону тутуһарын дуоһунаһа да эрэйэн эрдэҕэ. Телеграмма биэрэ охсубатым. Начальникпар Тит Николаевичка тахсан, Масалованы туппутум туһунан сиһилии кэпсээтим.
– Тит Николаевич, кэлэн иһэн, Масалованы кытта туох буруйу оҥорбутун туһунан ыйыталастым. Мин санаабар, киһи хаайыах буруйун оҥорботох курдук. Ону ааһан быйыл дьахтар сыла. Оскуолаҕа киирэ илик саастаах кыыстаах. Хайдаҕын да иһин, хаайыыттан босхолуохтара.
– Бу киһи албакаат буолан бүппүккүн дии. Эдэр киһи, кыраһыабай дьахтары көрөн, сүрэҕиҥ уйулҕата хамсаабыт дуу? Чэ, ити мин дьээбэрэн эттим. Чахчы, эн интуицияҥ итинник эппит буоллаҕына, оттон биһиги үлэбитигэр курдаттыы таайыы, сэрэйии кырата суох миэстэни ылар, маннык гыныахха. Почтаҕа баран, телеграмма ыыппыт дьону кытта кэпсэт. Масалова туох буруйу оҥорбутун туоһулас. Онтон быһаарыахпыт, – диэн түмүктээтэ.
Бэйэбин босхолоппут курдук сананан, почтаҕа тэбинним. Армавиры кытта сибээс, сакаастаатахха, биир нэдиэлэнэн бэриллиэ диэтилэр. Эчи, уһунун. Тугу да ситиспэккэ төнүннүм. Үлэ кэннэ дьиэбэр тиийэн, ийэбэр алаадьы оҥортордум. Киэһэ кэлэн, дьуһуурунайынан Масаловаҕа бэрдэрдим.
Сарсыныгар Тит Николаевичка киирбиппэр ыксаама, кэтэһиэххэ диэтэ. Мин ыксыырым сүр, күнүн аайы кинини кытта ньээҥкэлэһэр бириэмэм суох:
– Масалова манна олорбот диэн телеграммата охсуохха уонна бэйэтин ыытан кэбиһиэххэ, баран быһаарыстын ээ, – диэн этии киллэрдим.
– Дьэ, ыксал киһигин, доҕор, – Тит Николаевич тохтуу түһэн толкуйдаата. – Кэргэнин ыҥыр уонна Армавирга диэри билиэттэ ылларан, сөмөлүөккэ киллэрэн ыыт. Уонна дойдутугар барбыт диэн телеграммата оҕус, – диэн мин этиибэр сөбүлэһэн, дьаһал биэрдэ.
Масалованы хаайыыттан таһааран, кэргэнигэр эрийтэрдим. Кэргэнэ киэһэ кыыһын кытта кэллилэр. Авиапорду кытта кэпсэтэн, Дьокуускайынан Армавирга диэри аһаҕас күннээх билиэт ыллаттардым. Нөҥүө сарсыардатыгар босхолоон, Тойон Хонууга таһааран Дьокуускайдаттым. Василий Дмитриевич СКАЧАТЬ