Буулдьа суола. Май Емельянов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Буулдьа суола - Май Емельянов страница 10

Название: Буулдьа суола

Автор: Май Емельянов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-3786-5

isbn:

СКАЧАТЬ эрийэн, ити күн уоруллубут маллары уол олорор дьиэтин үрдүттэн Прокопий Васильевичтыын баран боротокуоллаан ыллыбыт. Эмсэҕэлээччини ыҥыран, малларын көрдөрдүбүт. Барыта, хата, баар эбит. Буруйдаах киһи көстүбэккэ, тохтоон сытар дьыала, саҥа сүүрээннэннэ. Бытархай күлүгээнистибэҕэ 15 сууккаҕа олорор киһибит, ыстатыйа эбинэн, үргүлдьү атын сиргэ суруогун матайдыы барар буолла.

      Итэҕэйии

      Бүлүүгэ үлэлээбитим сыл эрэ буолла. Ийэбиниин Марфа Гаврильевналыын Грабовскай уулуссаҕа икки квартиралаах дьиэҕэ олоробут. Тит Николаевич квартира бэрдэрэн, биһиги абыранныбыт. Чааһынай ыал дьиэтин курдук тиэргэннээх, оҕуруоттаах. Ыалларбыт Козловтар диэн нуучча ыала. Аҕалара Ньукулай сибээскэ үлэлиир. Ийэлэрэ Ольга дьиэтин көрөр-истэр. Кыыстара Валя оскуолаҕа үөрэнэр.

      Биирдэ Краснодарскай уобалас Армавир диэн куоратыттан телеграмма кэллэ: «Задержать гражданку Масалову Валентину Андреевну (төрөөбүт сыла, сирэ ыйыллыбыт) зпт прописанную Кызыл Сыре тчк Арест имеется» диэн ис хоһоонноох. Тит Николаевич ону толотторууну бэйэтин оперативнай үлэҕэ солбуйааччытыгар В.Д. Кириллиҥҥэ сүктэрбит. Василий Дмитриевич Масалованы туттара миигин ыытта.

      Пааспар остуолуттан ханна олорорун, ханна үлэлиирин сурунан ыллым. Таарыйа барар массыынаны булан Кыһыл Сыырдаатым. Үлэлиир сиригэр быһа тиийдим. Гааһы көрдүүр тэрилтэҕэ сэкирэтээрдиир эбит этэ. Бу туох эрэ ыарахан буруйу оҥорбут, дьонтон саһа сылдьар дьахтар мин туҥуй санаабар модороон көрүҥнээх, сүүрэлии сылдьар албын харахтаах эҥин буолуохтааҕа. Ол эрэн олох атын сирэйдээх-харахтаах киһи олороро. Санныгар түһэ сылдьар хараҥатыҥы кугас баттахтаах, тупсаҕай көрүҥнээх, сөбүгэр толору эттээх, орто уҥуохтаах эдэр дьахтар көрбөтөх киһитин көрөн:

      – Кимиэхэ кэллиҥ, туох наадалааххын? – диэн бэрт эйэҕэс куолаһынан ис киирбэх киэҥ харахтарынан утары көрөн олорон ыйытта.

      – Мин милииссийэттэн сылдьабын. Эйигин дойдугуттан көрдүүллэр, бэйэҥ да сэрэйэр инигин? Быһатын эттэххэ, эйиэхэ кэллим, – диэн, онно-манна муннарбакка, кэлбит сорукпун көнөтүнэн билиһиннэрдим.

      – Уой, мин онно туох да буруйум суох ээ. Уонна ханна да саһа сатаабатаҕым. Манна кэлээт пропискаламмытым.

      – Ити барыта үчүгэй, биһиги ону билэбит. Ол эрэн, миигин кытта барсан дьыалаҕын быһаарыстаххына табыллар.

      – Хайдах ыллым да барыамый? Кэргэннээхпин, оҕолоохпун.

      – Уоппускаҥ суотугар көҥүллэтэн күннэ ыл. Кэргэҥҥин, оҕоҕун бөһүөлэктээҕи милииссийэҕэ ыҥыр. Биирдэ аһыыр өйүөтэ уонна уларыттар таҥаста аҕаллын, – диэн ханна да ыыппаппын биллэрдим.

      Масалова боппуруостарын суһаллык быһаарсан бүппүтүн кэннэ милииссийэҕэ бардыбыт. Дьоно кэлэн атаардылар. Дьокуускайтан суһал сырыылаах теплоход кэмигэр кэлэн Бүлүүлээтибит. Аара, таах иһиэхтээҕэр, туохха түбэспитин туһунан ыйыталастым. Ону кини маннык диэн кэпсээтэ.

      Биир балай да тэрилтэҕэ кассирынан СКАЧАТЬ