Тута начальникпытыгар эрийдибит. Буруйдаах киһини туппуппут туһунан дакылааттаатым уонна Петрова умайыыга туох да сыһыана суоҕун быһыытынан хаайыыттан босхолуулларыгар көрдөстүм.
– Эн онно кыһаллыма. Кини буруйа элбэх. Кыратык өйдөнө түстүн. Бириэмэтигэр тахсыаҕа, – диэтэ.
Голованов уорууга буруйун толору билиммитэ. Уот чахчы алҕас, сэрэҕэ суохтук чүмэчи уотуттан барбыта дакаастаммыта.
Криминалистика араас түгэниттэн
Буруйу арыйыыга криминалистика биир сүрүн хайысханы ылар. Ол да иһин, институкка үөрэнэ сылдьан, бу салаанан утумнаахтык дьарыктаммытым. Бүлүүгэ үлэлии сылдьан, хаартыска оҥорор хоско, буруйу оҥорооччулартан ылыллыбыт маллары хомуйан криминалистика хоһун оҥорбутум. Манна булт сааларын арааһын хомуйбутум. Ол курдук, 32-н 8 калибрыгар тиийэ булт саалара баара. Буулдьанан эстэр бинтиэпкэлэр, харабыыннар, туоһапкалар араастарын хомуйан, истиэнэҕэ ыйаабытым. Биир ботуруоҥҥа төһө доруобунньук киирэрин көрдөрөр долбуур баара. Итини тэҥэ быһахтар, кастеттар, фотоаппарааттар ууруллубуттара.
Сайын биир сарсыарда сопхуос отделениетын тарбыйах көрөөччүлэрэ үлэлэригэр кэлбиттэрэ: хас да торбос хаан-билик буолан охто сыталлар, хас да байааттаҥныы сылдьаллара үһү. Ол туһунан суһал тыллабыр киирбитэ. Мин дьуһуурунай буолан, ол быһылааҥҥа барсыбатаҕым. Киэһэлик дьоммут туох да түмүгэ суох төннөн кэллилэр. Начальник хоһугар бөлөх ыстаарсайа Алексей Прокопьевич маннык диэн кэпсээтэ:
– Өлбүт тарбыйаҕы бэтэринээринэн эттэттибит. Онно туоһапка буулдьата көһүннэ. Ол гынан баран, туоһапканан буолбакка, атын саанан ыппыттар. Тоҕо диэтэххэ, буулдьатын эрилгэнэ (нареһа) аҕыйах.
Тит Николаевич истэн олордохпутуна ИДьМ-ҥа криминалистика отделыгар эрийдэ. Ону итиччэ эрилгэннээх ханнык эрэ омук бэстилиэтэ баар диэтилэр. Биһиги сэриигэ сылдьыбыт киһи аҕаллаҕа дэстибит. Мунньахтан тахсан иһэн, Алексей Прокопьевичка эттим:
– Оттон «Белка» эрилгэнэ хаһа буолла?
– Ээ, кырдьык да, бэрэбиэркэлээн көрүөх эрэ, – киһим хараҕа сырдаан өрүкүнэйэ түстэ.
Криминалистика хоһуттан «Белканы» ылан, кумахха тахсан ыттыбыт. Эрилгэнин ахсаана чуо сөп түбэстэ. Сарсыныгар баран, буруйдааҕы булан илдьэ киирдилэр. Маҥнай утаа нэһилиэк салайааччылара: «Буруйдаах булуллуохтаах уонна сууттанан хаайыыга олоруохтаах! Тыыннаах тарбыйахтары ытар киһи киһини да ытан кэбиһиэн сөп!» – диэн күүстээх модьуйууну туруорбуттара. Суутун саҕана киниттэн ордук үчүгэй киһи суох буолбута, барыта алҕас тахсыбыт аатырбыта. Кэлин истибиппит салайааччыларбыт уруулара буолан биэрбит этэ. Суут саалатыттан босхоломмута, кыһалаҥ үлэҕэ ууруллубута.
Буруйу арыйыыга техника тэрилин мэлдьи туттарбыт. Ордук магнитофоҥҥа суруйууну. Буруйданааччылар көрдөрүүлэрин суукка тиийэн, ардыгар уларытан бутууру таһаараллара. Ол иһин ордук ыарахан, иһэ хараҥа дьыалаларга силиэдэбэтэллэр бастакы доппуруоска, сирэй көрүһүннэриигэ магнитофону сөбүлээн тутталлара. Быһылаан буолбут СКАЧАТЬ