Байанайдыын көрсүһүү. Валерий Андросов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Байанайдыын көрсүһүү - Валерий Андросов страница 7

Название: Байанайдыын көрсүһүү

Автор: Валерий Андросов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6117-4

isbn:

СКАЧАТЬ тэлгэһэ иһигэр мэниктээн сүүрүү-көтүү, сэриилэһэ оонньуу сырыттылар. Оҕонньор күлүк сиргэ, сөрүүҥҥэ хотуурдары таптайаары табахтаан бусхата олорор. Чолоччу көрбүт уон биирдээх уолу эһэтэ ыҥыран ылан сорудахтаата. Эргэ хаптаһын сарайга ыытта. Истиэнэҕэ субуруччу хатаммыт мас долбууртан кыстык аҕалыахтааҕа эбитэ үһү. Төбөтүн оройунан көрбүт Уолчаан аанньа өйдөөбөкө хата хос ыйытааччы буолла, мэник мэйиитигэр оонньуутун ойуута өссө да салҕана турара. Эһэтэ маска батары охсуллубут, өтүйэ өнчөҕөр маарынныыр тимири ыйан көрдөрдө. Сиэнэ хараҕар хатанан, кыстык быһыытын-таһаатын умна иликкэ диэбиттии сарай диэки ойо турда. Күҥҥэ, ардахха, сааскы салгыҥҥа сиэммит, кэтит хаптаһыннарынан оҥоһуллубут хара хаптаҕай сарайтан уолчаан тоҕо эрэ оҕо эрдэҕиттэн куттанара, хаһан да иһин киирэн көрбөтөх сирэ.

      Туох баар хорсунун хомунан, сүгэ сылдьар мас саатын утары туппутунан сарай икки кэтит ааннааҕыттан арыый кыратын киэҥник тэлэччи арыйда. Быылы кытта булкуллубут массыына арыытын сыта муннугар билиннэ. Бириһиэнинэн сабыллыбыт эһэтин эргэ матасыыкыла турар. Хаҥас истиэнэ устатын тухары хаптаһын долбуур, түгэх өттүгэр – халыҥ быылынан бүрүллүбүт кинигэлэр. Долбуур хас да этээстээх, арааһынай тэриллэр, сапчаастар, уһанар сэп эгэлгэтэ орун-оннуларын булан сыталлар. Уол хараҕа хаһан да көрбөтөх тэриллэрэ сорудаҕын умуннарыахча буоллулар.

      Ол быыһыгар туспа хоруопкаҕа эргэ ботуруоннар сыталлара болҕомтотун барытын тартылар. Санаатыгар тыытыллыа суохтааҕын харбаан эрэрэ ханан эрэ ырааҕынан элэс гынан ааста. Хортуон хахтаах ботуруоннар көтөн эрэр кус ойуулаахтара. Куостук өйүн-санаатын олох атын, аптаах сиргэ илтилэр. Убайа аах сааскы кус булдуттан кэлэн кэпсиир сырыылара бу тиллэн кэллилэр. Уолчаан кус саҥатын, кынатын тыаһын кытары истибиккэ дылы буолла.

      – Хайа нохоо, Куостук, ханна дьөлө түстүҥ? – эһэтэ сүтүктээбит саҥатыттан соһуйан ойон турда. Мааҕын көрбүт тимирин, хата, тобулу көрөн орто долбууртан булан ылла. Кыстык аллараа өттө, маска киирэрэ сытыы тумсулаах буолар эбит дуу дии санаата. Ботуруону миэстэтигэр уураат, түргэн үлүгэрдик эһэтигэр ыстанна.

      Эһэтэ хайгыы-хайгыы сиэнигэр хотууру хайдах, тоҕо таптайарын көрдөрдө. Куостук хараҕа эрэ көрөр, өйө-санаата олох атын сиргэ. Быыс булан аптаах сарайга өссө киириэн баҕарда. Онтон бырааттара сүтүктээннэр аттыгар элиэтии сырыттылар.

      – Куостук, оонньоон бүттүҥ дуо? – даллаҕар кулгаахтаах, киччэччи кырыллыбыт төкүнүк төбөлөөх быраата аттыгар аалыҥныы сатаан баран ыйытта.

      – Баран бэйэҕит оонньооҥ, үөдэттэр, мэһэйдэһимэҥ, хотуурга быстаары, – холдьохто эһэлэрэ. – Убайгыт хотуур таптайарга үөрэнэр. Бу маннык хотууру умса тутан, биитин тэнитэҕин, кыстык устатын тухары сытыары сыһыаран аа-дьуо таптайан иһэҕин. Тимирэ тэнийэн арыый чарааһыыр, оччоҕо игиинэн кыратык да аалаат, хататтаан эрэ кэбиһэҕин.

      Оҕонньор балачча өр сиэнин үөрэттэ. Уола тугу эрэ ыйытыах дьүһүннээх турарын өйдүү көрдө:

      – Тугуй? Өйдөөбөккө тураҕын дуо? – күллэ оҕонньор. Эһэтэ СКАЧАТЬ