Название: Байанайдыын көрсүһүү
Автор: Валерий Андросов
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-6117-4
isbn:
Кэлин эһэтэ сарайга киирэ сылдьан сууллубут кинигэлэрдээх ыскаабы көрөн дьаарыстаабыт этэ, онтон сиэнэ ханнык сурунааллары ылбытын сэрэйбитэ. Маҥнай түөкүннүү быһыыламмытыттан кыдьыгыран ылбыта да, соторунан буруйа кыратын өйдөөбүтэ. Эбиитин сорох булт сурунааллара ампаарга харалла сыппыттарын булан киллэрэн саала төгүрүк остуолугар ыһа тардыбыт. Куостук үөрбүтүн туораттан көрө сылдьан, оҕонньор бэйэтэ да дьолломмут этэ.
От кэмэ саҕаланан, ходуһаларга үлэ күөстүү оргуйда. Куостук улахан дьону кытта тэҥҥэ от мунньуста, лэкээ бугуллары түстүүргэ да үөрэннэ. Киэһэтин, отууга хоно сытан, сурунаал кыбыныылаах буолара. Кыра бырааттара убайдара оттоһо барбытыттан тэһийбэккэ, күнү-күннээн бүтэй күрүөҕэ иилистэн күүтэн тахсаллара. От бүппүтүн кэннэ эһэлэринээн салгыы кус оҕолуу хааларын билээхтээбэттэр буоллаҕа. Атырдьах ый ортото отчуттар кэлитэлээтилэр. Оҕолор Куостуктарын суохтаан дьонноруттан ыйытан сураһан да биэрдилэр.
Оҕонньор сиэнинээн иккиэн хааллылар. Эһэтэ Куостукка биир уостаах уон алталаах сааны сэрэхтээхтик туттарга үөрэтэн баран, хаста да сыал ыттарда.
– Дьэ тоойуом, ити күөлбүт атаҕар киэһэ аайы кус оҕолорун таһаарарын көрбүппүт дии, билигин оҕолоро улаатан кынакка турдулар буолуо. Онон сарсын эрдэ туран онно барыахпыт! – оҕонньор сиэнин үөртэ. Куостук кустар ханан баалларын хаста да көрбүт этэ, өссө биир түүн саата суох үөмэн тиийэн өр одууласпыт, кыҥастаспыт эбит. Утуйар уута көтөн, отууга өр мөхсө сытта, идэтинэн киэһэ аайы ааҕар сурунаалларын да тыыппата, сарсын дьэ дьиҥнээх булка барсара долгутан.
Эһэтэ сиэнинээн хойуу туман быыһынан, тула өттө охсуллубут ходуһалаах, кытылларынан чараас үрдүк оттоох күөлгэ аа-дьуо үөмэн киирдилэр. Эргэ самныбыт дугда элээмэтигэр киирэн кирийэн хааллылар. Дьон кэлэн иһэллэрин истэн, күөлгэ икки ийэ ууһа кустар саһан, чуумпуран хаалбыттар. Өр-өтөр буолбакка, онтон-мантан устан таҕыстылар. Күөлү биир гына субуруһа сылдьан аһаан, суунан бардылар. Куостук СКАЧАТЬ