Байанайдыын көрсүһүү. Валерий Андросов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Байанайдыын көрсүһүү - Валерий Андросов страница 3

Название: Байанайдыын көрсүһүү

Автор: Валерий Андросов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6117-4

isbn:

СКАЧАТЬ кулгааҕар ол мэһэйдээн чуора олох мөлтүүр», – диэтэ. Кырдьык даҕаны, киһи бэйэтэ да ырааҕы истээри, ытыстарын холбоччу тутан кулгааҕар даҕайдаҕына, бэйэҥ тыыныҥ сырдыргыыра отой тугу да иһитиннэрбэт ээ. Ол саамай тымныы, дьыбар сэтэрээбит кэмигэр буолар эбит. Дьиҥнээҕин билэн, кыратык хомойо санаабытым эрээри, сүбэһит-амаһыт үтүөкэн доҕордоммуппуттан күн бүгүнүгэр диэри үөрэбин. Оҕонньор билигин 90 сааһыгар сылдьар, ол да буоллар бултуур-алтыыр. Мин тыыннаах Байанай кырдьаҕаһым дьоҥҥо-сэргэҕэ улаханнык ытыктанар.

      Атамаан моонньоҕон

      Кураанах кустартан ханныга саамай улахан эбитий? Биир саас маннык түбэлтэ буолан турар. Өрүспүт эрдэ ырбыыланан, көҕөннөрү муус устар сүүрбэтиттэн номнуо бултаан бардыбыт, бураанынан сааһыырбытыгар эрдэ көһөн кэллибит, балаакка тиирэн, бородуукта бөҕө холболоон, дугдалары сөргүтэн, олох бэлэм буоллубут. Көҕөннөр үс күн, үс түүн биллэн баран ааһан хааллылар, биир да кус көппөт кэмэ. Таах күнү-дьылы ыытымаары, сарсыарда аайы бэс тумулбутугар улардыы тахсабын. Ол саҕана үтүө сарсыарда сүүрбэччэ улар тэҥинэн охсор буолара, бииргэ эмэ үөмэн киирэн туоһапканан ытан ыларым. Оннук ыам ыйын бастакы күнэ буолла, убайым хаһаас бытыылка арыгы хостоото, кыттыгаспыт Баһылай эмиэ биири таһаарда. Балааккабыт айаҕар кыракый остуолга ас-үөл тардан, күҥҥэ сыламныы-сыламныы, аһаан-сиэн бардыбыт. Иннибитигэр өрүспүт ырбыыта номнуо кип-киэҥ байҕал буола ирбит. Үөрэ-көтө баллыгыраһа олордубут. Арай таҥнарыттан халыҥ үөр моонньоҕон сирилээн кэллэ, мэктиэтигэр остуолбут кэннигэр саспыта буоллубут. Иккитэ, үстэ эргийээт, ырбыыбытыгар кэлэн түстүлэр. Балааккабыт турар эмпэрэтэ үрдүк буолан, сыыллан киирэн одууластыбыт, сүүсчэкэ кустаах үөр. Сир-халлаан барыта моонньоҕон иһиириитинэн туола түстэ, чуумпуран турбут кытылбыт сэргэхсийэ түстэ. Дьэ, доҕоттор, хайдах гынабыт? Ырбыыбыт кэҥээбитэ сүрдээх, доруоп сааларбыт тэппэт сиригэр түһэн олороллор. Мин балааккаҕа сыыллан киирэн халампаас ылан, хас кус баарын ааҕа сыттым, убайдар тугу эрэ сибигинэһэллэр, маскхалааттары хостоотулар. Арай ол одуулаһа сытан өйдөөн көрбүтүм, биир аарыма улахан моонньоҕон атыыра уста сылдьар, үөлээннээхтэриттэн омуннаатахха үс төгүл бөдөҥ эбит. Убайдарга эппитим, халампааһы былдьаһа-былдьаһа сөҕүү бөҕө. Миигин, быһый киһини, чугас кустуур күөлбүтүгэр ыыттылар, биир дугдабытыттан туоһапкалары ыллара. Начаас эргиллэн кэллим, былаан Барбаросса, балаһыанньа байыаннай буолбут. Биһиги икки убайбынаан маскхалааттаах, туоһапкалардаах өртөөҕү талахтар быыстарынан үөмэн аллара эмпэрэ анныгар киириэхтээхпит, онон ытар дистанциябытыгар чугаһатыахтаахпыт, эбиитин кустар чугаһыы түһэллэрин көһүтүөхтээхпит. Баһылай, аптамааттаах киһи быһыытынан, эмпэрэ үрдүгэр күөрэтиигэ хаалар буолла, баҕар, үрдүнэн көтөн таҕыстахтарына диэн. Билигин сирэйдэрбит боччумун көрөр киһи күлүө эбит, саатар орто холуочук буойуттар, дьэ байыаннай садаанньабытыгар бардыбыт. Доруоптар уостарыгар хаар симиллибэт гына тирээпкэлэри анньыалаатыбыт, туоһапкаларбытын СКАЧАТЬ