Байанайдыын көрсүһүү. Валерий Андросов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Байанайдыын көрсүһүү - Валерий Андросов страница 2

Название: Байанайдыын көрсүһүү

Автор: Валерий Андросов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6117-4

isbn:

СКАЧАТЬ тымныыта күүһүрдэн күүһүрэн иһэр. Оһоҕум да хоттороору хаайар, балааккам иһэ аҥаарыгар диэри кырыа буолбута бэриммэтэ. Олоруом дуо, табаларбын аҕалтаан, бэриэтчити уонна хос табаны тутан көлүнэн, бултуу айаннаатым. Били, бөлүүн оҕонньор тайахтары бултас диэбит толоонугар тиийдим. Тоҥ үүт курдук кыһыҥҥы тунаархай күн үрэх киэҥ талах толоонун барбах сырдатар. Табалар тыыннарыттан будулуйар туман быыһынан инним аанньа көстүбэт. Маннык сатаныа суох диэн табаларбын хааллартаан, хайыһарынан толоону киэҥник эргийэ хайан көрөргө сананным. Өр хаампатым, өйдөөн көрбүтүм, толоон ортотун диэки, үрдүк талахтар кэтэхтэринэн, биир сиринэн хойуу тыын туман буолан будулуйан көстөр. Үс сүүс миэтэрэни кыайбат сиргэ, талах быыһыгар, тайахтар арҕастара хараарыҥнаһар. Аһыы да тураллара биллибэт, дьиҥэр, эрдэ аһаан баран сытар кэмнэрэ ээ. Оҕонньор эппитин өйдүү биэрээт, уун-утары аа-дьуо хайыһарынан киирдим. Көбүс-көнөтүк хааман балачча чугаһаатым. Син чуолкай соҕустук биир тайах агдаката көстөр буолбутун кэннэ харабыыммын ылан ытан хабылыннардым, сүтэн хаалла, ол кэм иккиһэ талаҕы кыйа ырааска утары сиэлэн таҕыста. Турунан кэбистэ, доҕорун кэтэспиттии кэннин хайыһар. Миигиттэн балтараа сүүс эрэ миэтэрэлээх сиргэ үчүгэй баҕайытык ойоҕоһунан турар. Бачча баайыллыбыт бэлэҕи мүччү тутумаары эмиэ кыһаллан кыҥыы охсоот, ытан түһэрдим. Хата, турбут сиригэр оҕунна. Үөрүү бөҕө буоллум. Биир чахчы иннибэр сытар, иккиспин көрө ыстанным. Син ыраахтан ыппыт эбиппин, балачча хаамтым. Бастакы ыппыт тайахпын чуут сыыһан кэбиһэ сыспыппын, эбиитин өрөппүт эбиппин. Хата, сиһин уҥуоҕун тосту ыппыппын. Булду эрэйдээбэккэ хос ыттым. Дьэ, доҕор, үөрүү бөҕө: булт тосхойдо, үс ыал кыстыыр этин бултаан кэбистим. Бу санаатахха эчи дөбөҥүн, ааспыт күннэрим харахпар көстөн аастылар. Кыыл табалары эккирэтэн төһөлөөх күүһү-уоҕу бараабыппыный. Дьэ, илэ да буоллун, түүлбэр да буоллун Байанай бэйэтинэн ыалдьыттаан барбыт эбит. Били, кулгаахтарын саба тутуом, истибэт оҥоруом диэбитин санаан ыллым.

      Үлэ бөҕө буолла, борукка-сорукка диэри астастым. Тайах улахан, кыыл табаны сүлэр, астыыр курдук буолбатах. Оннук үөрэн-көтөн, эт бөҕөлөөх дьоммор көстүм. Байанай туһунан кэпсиэхпин тоҕо эрэ туттуннум. Түүл да буоллун, илэ да буоллун – кэлин кэпсиэм дии санаатым. Ол эрээри Байанайдыын көрсүһүүбүн саныы-саныы испэр наһаа үөрэбин. Байанай киһи аайы көстүбэт. Элбэҕи ыйыппатахпын эрэ диэн кыра хом санаалаахпын. Иккистээн көстөрө, дьэ, саарбах.

      …Кулун тутар үүннэ. Хатыыстыырга үгэскэ кубулуйбут таба бырааһынньыга буола турар. Мууска киһи баһаам, улуус араас муннуктарыттан табаһыттар кэлбиттэр. Арааһынай бэйэлээх киэргэллээх табалар бааллар. Кэлии ыалдьыттар да элбэхтэр, атыы-тутуу, ырыа-үҥкүү бөҕө. Күн ортото ааһыыта таба сүүрдүүтэ саҕаланна. Маҥнай оҕолор уучаҕынан ойуттулар, онтон дьахталлар ыстаннардылар. Эр дьон бөлөҕүнэн сүүрдүүгэ күрэхтэстилэр. Бүтэһигин кырдьаҕас табаһыттар сиэллэриигэ бардылар. Кэргэмминээн, оҕолорбунаан түһүлгэни кэрийэ хаамсабыт, таба сүүрдүүтүн кэмигэр бэйэбит ыстаадабыт дьонугар ыалдьан, биэтэккэ хаһыы-ыһыы бөҕө буоллубут.

СКАЧАТЬ