Байанайдыын көрсүһүү. Валерий Андросов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Байанайдыын көрсүһүү - Валерий Андросов страница 9

Название: Байанайдыын көрсүһүү

Автор: Валерий Андросов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6117-4

isbn:

СКАЧАТЬ табаарыспын көрдөөтүм. Буоларын курдук, оҕо бөҕө мээчиктээн көрүлүү сылдьар, хаһыы-ыһыы, ыскамыайкаҕа олорон көрө түстүм, санаабар табаарыспын күүттүм. Оҕолортон ыйыта сатаатым да, оонньууларыгар буолан, хата, киһини түҥнэри көтө сыһаллар.

      Дьэ онтон саамай дьээбэтэ буолла. Мээчик мин диэки төкүнүйэн кэлбитин тута сатаатым да сатаммата… Биир уолчаан сүүрэн кэлэн миигин курдаттыы дьөлө сүүрэ турда… Куттанаммын, соһуйаммын таһырдьа ыстанным, номнуо хараҥарбыт. Итиччэ өр олорбут буоллаҕым дуу спортзалга?

      Дьиэбэр сүүрэн тиийбитим – бары утуйбуттар. Кэргэним хоһугар ытыы сытар… Ороҥҥо чугаһаан: «Туох буоллуҥ?» – диэн ыйытабын, кууһабын, сыллыыбын… Мин диэки эргиллэн көрөр да, тугу да саҥарбат, ытыыр эрэ. Аттыгар кууһан сыттым, доҕорум туох буоллаҕай диэн муодарҕыы саныы-саныы сытабын, эбиитин бэйэм хоргутан бараары гынным. Иннинээҕини саныы сатаатым да олох өйдөөбөппүн, тыаттан саҥа кэлбит буолуохтаах этим дии. Уу да кэлбэт уһун ыар түүн буолла, кыыһыран кэргэммин илгиэлээн көрдүм, хамнаппат да эбиппин. Олох иирээри гынным дуу диэн, таһырдьа ыстанным.

      Эмиэ да кыһын диэтэххэ ичигэс курдук. Хаардыы турар. Соно, бэргэһэтэ суох уулуссам устунан төттөрү-таары хаамыталаатым, арай утары Киимчик иһэр, идэтинэн итирик. Кыратык өйүнэн булкуллар орто саастаах маннааҕы олохтоох. Эмиэ да өйдөөх, эмиэ да акаарычаан курдук, бу диэн тугу да үлэлээбэт, наар арыгы эрэ эккирэтэр эр киһи дьэ баар. Ол иһин дэриэбинэҕэ дьон соччо аанньа ахтыбат, эдэр, оҕо өттө эбиитин дьээбэлиир, үөхсэр. Дьэ Киимчик да баҕалаах эбит, дорооболосто, итирик диэн көрбүтүм, хата киһим өйдөөх курдук.

      «Куттаныма, сотору дьонуҥ кэлэн ылыахтара, тоҕус хонуккар диэри сылдьымахтаан, кэрийбэхтээн хаал, – диэн киһини соһутта. – Мин эйигин атаарсыам, маҥнай бары куттанааччылар, соһуйааччылар, начаас ааһыа!» – диир… Эс! Тугу-тугу эмиэ кэпсээн булкуллан эрэр диэн кыыһырдым, ама өлөн баран сылдьар үһүбүн дуо?! Киһибин тиэрэ анньан бара турдум.

      Эмиэ дьиэбэр киирэн ийэбин уһугуннардым, ийэм эрэйдээх мээнэнэн уун-утары көрөн олороохтуур. Тугу да саҥарбат, ыйыта сатыыбын. Ыксаан ытаатым, ама, хайдах маннык өлөн хаалыахпыный диэн. Хоспор ыстанан киирэн кэргэммин кууһа сытан өр да өр марылаччы ытаатым…

      Сүүрэн аҕай иһэбин. Уулуссалар быыстарынан, туора суолларынан түргэн да түргэнник… Киимчиги булан ыллым, уоскуйан, маҥнай бырастыы көрдөстүм, дьэ уонна: «Тугу билэргин кэпсээ!» – диэтим. Аны киһим кыыһырбыт, итирэ охсубут. «Мэһэйдээмэҥ!» – диир. Хата, кылгастык кэпсии оҕуста:

      – Тыаҕыттан айаннаан кэлэн иһэҥҥин сүрэҕиҥ тохтообут этэ, «Бураҥҥар» соннук олорбутунан өлбүт этиҥ. Өрүскэ уу баһа киирбит дьон булбуттар этэ.

      – Тоҕо? Хайдах? Үчүгэй этим дии!

      – Мин хантан билиэхпиний, эһиги суолгутун, эһиги бириэмэҕитин, айыкка, мэһэйдээмэҥ! – орулуур.

      Суох, эппитин курдук уоскуйбатым, хайдах маннык судургу баҕайытык эмискэ өлөн хаалыахпыный? Киһи уҥуоҕар баар буола түстүм. Чахчы СКАЧАТЬ