Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов страница 9

Название: Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6136-5

isbn:

СКАЧАТЬ бииргэ олороллоро, Платон Алексеевичтаах эмиэ. Платон Алексеевиһы кытта утарыта көрсөн манна кэпсэппитим, манна билсибитим. Оччолорго кини иккис кэргэнэ Татьяна Дмитриевна баара, наһаа ыарытыйара.

      Съезд үлэтигэр кыттыбытым. Төһө да сүүрбэччэбин аастарбын, былыргы килбик тыа кыыһа буоллаҕым. Итиэннэ куорат аата куорат, муммут кус оҕотун курдук эбиппин. Аны Ойуунускайтан толлорум диэн биир өлүү. Ойуунускай мин көрөрбөр хамыһаар. Киһим ону ол диэбэт, бииргэ батыһыннара сылдьар. Сарсыарда съезпитигэр аргыстаһан барабыт, киэһэ дьиэбитигэр бииргэ төннөбүт. Күнүс тугу да булан аһаабакка сылдьар киһини: «Кэл, ас баар, бииргэ аһыах», – диэн аны аһатар. Биэсэлкэттэн соммун ыла охсон биэрэр, кэтээн туран таҥыннарар. Симиттэрим иһин хайыахпыный, аҕа саастаах киһи, хамыһаар тылын истэрбэр тиийэбин. Улахан тойон буолан баран, наһаа да көнө, судургу киһи диэн испэр сөҕөбүн эрэ. Кэлин дьиҥнээхтик билсиһиибитигэр, баҕар, бу көрсүһүү эмиэ суолталаммыта эбитэ буолуо.

      Ойуунускайы аан бастаан 1920 с. Чурапчыга көрбүтүм. Ойуунускай дойдутугар Тааттаҕа баран иһэн, Чурапчыга тохтообута, чугас эргиннээҕи олоҥхоһуттары мунньан олоҥхолоппута. Биһиги, хас да кыыс уонна уол буолан, олоҥхо истэ, Ойуунускайы көрө барбыппыт. Аҕабыыт дьиэтин киэҥ саалатыгар киһи бөҕө мустубут этэ. Улаҕа биһиги билэр киһибит Эрилик Эристиин олорор. Кини аттыгар сырдык ыраас сэбэрэлээх, байыаннай таҥастаах, куругар бэстилиэттээх киһи ачыкыта чаҕылыйар. Оҕолор: «Ойуунускай. Ойуунускай ол олорор», – дэһэ-дэһэ үтүрүйсэллэр. Ол икки ардыгар биһиги дьон, анньыалаһыы-үтүрүһүү күүһүрдэ быһыылаах, уокка оттор мас кыстаабыттарын сууллардыбыт, мас тыаһа өрө лиһигирээтэ. Дьон барыта биһиги диэки эргилиннэ. Ойуунускай эмиэ. Ойуунускай онтон Эрилик Эристииҥҥэ тугу эрэ эттэ. Эрилик саҥата дуорайда: «Оҕолоор, бу диэки кэлиҥ, манна миэстэ элбэх». Уолаттарбыт олоҥхо истэ хааллылар, оттон биһиги, кыргыттар, таһырдьаны булбуппутугар үөрүстүбүт. Дьэ, хаһан эрэ кутталбыттан атахпынан куоппут киһибин кытта сэргэстэһэ хаампытым, кэпсэппитим хайдах эрэ дьикти этэ. Дьылҕа оҥоһуута диэҥ дуо ону? Суох, оччолорго биһиги икки ардыбытыгар киһи санаатын тутара туох да суоҕа.

      Съезтэн төннөөт, общественнай олоххо өссө күүскэ кыттабын. Оччолорго актыбыыс дьахталлар бары биир пуорма таҥастаахпыт. Хара дьууппа, үрүҥ куопта, кыһыл былаат, лэппээһиннээх баттах. Итиэннэ түөспүтүгэр Ленин оҕо эрдэҕинээҕитэ ойууламмыт значогун анньынабыт…

      Күһүнүгэр элбэх оҕону, ол иһигэр миигин, оройуон салалтата Иркутскайга дуу, Читаҕа дуу үөрэххэ ыытарга быһаарар. Мин баҕарбыт баҕам туолар буолла диэн үөрүү бөҕө. Ол эрээри, дойдубуттан наһаа ыраатыыһыкпын диэн испэр дьулахаччыйабын. Ити сырыттахпына, кэлин А.Ф. Бояров кэргэнэ буолбут Маршинкевич диэн врач дьахтар миигин кутугунатар: «Ээ, онно барыма, ырааҕа бэрт. Хата, эмчит үөрэҕэр Дьокуускайга медтехникумҥа киир, ол быдан ордук буолуоҕа».

      Мин ити сүбэни ылынан куораттыыбын. Үөрэнэ. Бу сырыыга эмиэ, атын ханна барыахпыный, Кампеевтарга түһэбин, кинилэргэ дьиэлэнэбин. СКАЧАТЬ