Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов страница 6

Название: Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6136-5

isbn:

СКАЧАТЬ Слепцов

      Платон оҕо эрдэҕинэ

      Боотуруускай улуус Таатта, Чурапчы буола илигинэ, Нээстээр Слепцов, кулубалыы сылдьан, Чурапчы диэкиттэн Петр Петров диэн киһини, элбэх оҕолооҕун иһин, үлэһит-хамначчыт дьон буолуохтарын сылыктаан бэйэтин нэһилиэгэр аҕалан хамначчыт оҥостор. Кини үс оҕотун, ини-бии Петровтары: Хоочугур Өлөксөйү, Дойоҕолук Охонооһу, Хара Сүөдэри, – Нээстээр оҕонньор ийэтин ууһун хаҥатаары, бэйэтин араспаанньатын биэрэн, Слепцовтар дэтэр.

      Алексей Нээстэргэ хамнаска оттуура, кэргэнэ хаһааска ынахтарын ыыра. Бастакы кэргэнэ – бэйэтин нэһилиэгин Күнээйи аҕатын ууһун Местников диэн киһитин кыыһа этэ. Киниттэн Трофим, улахан Никита, кыра Никита диэн үс уолламмыта. Бу оҕолоро улааталларыгар тиийбэккэ ийэлэрэ өлөн хаалбыта. Ити кэнниттэн Алексей Дьүлэй нэһилиэгиттэн Дьэбдьэкиэйэни ылбыта. Дьэбдьэкиэйэттэн бастакы оҕото – Платон, онтон Улахан Маайа, Василий, кыра Маайа, Марина, Иван төрөөбүттэрэ.

      Алексей өтөҕө Таатта үрэх куулатыгар Муҥха Дэлбэрийбит диэн тоҕойго баара. Үрэх көлүйэтигэр ойбоннооҕо. Платоннаах өтөхтөрүгэр буор оһохтоох балаҕан дьиэлэрэ билигин да турар. Сайылыктара Тохтобул хоту саппыйатыгар этэ.

      Платон аҕата саамай күнүгэр кыралыын-бөдөҥнүүн уон биэс ынах, икки биэ сүөһүлэнэ сылдьыбыта эбитэ буолуо. Ыанар ынаҕа биэстэн орпотоҕо. Саталынан хайа да үлэттэн көрөн турбатах, ааттаах куйуурдьут, тууһут, отчут-масчыт киһи этэ. Оттон саҥа-иҥэ, кэпсээн өттүттэн маппыт, мас көнө оҕонньор. Улахан сут дьылларга Алексей үгүс оҕолорун куйуур, туу балыгынан ииппитэ.

      Ийэлэрэ Дьэбдьикиэйэ ыраас хааннаах толуу дьахтар этэ. Сут дьылларга, сааскы быстарыыларга ас-таҥас көрдөһөр, кэлэр-барар киһилэрэ диэн ийэлэрэ. Бэдэрээти быһаарсааччы, дьиэҕэ-уокка бас-көс киһилэрэ эмиэ кини.

      Алексей мадьаҕар атахтаах, нүксүгүр, кыра уҥуохтаах, 1916 с. кулун тутарга эбитэ буолуо: ампаарын таһыгар буор куонда оҥостубутугар соҕоҕунан сиэмэ астаары, биэс түүтэҕи түһэрэн баран, иккиһин кырынан, бурдугу тохтубутун хомуйан, аҕыйах куолаһы илиитигэр туппутунан, кирилиэс оҕолооҕун сыыһа үктээн, ампаарын үрдүттэн сууллан түспүт да, өлөн хаалбыт. Хоолдьугун булгу түһэн өллө дииллэрэ.

      Платон кыра сылдьан Пантелеймон Слепцов диэн чугас ыалын олоҥхотун, ырыатын арахпакка истэрэ. Онтон 8–9 сааһын диэки дьиэтин иһигэр оҕолорго ыллыыр, олоҥхолуур, тас ыаллар оҕолоругар ыҥырыллар буолан барбыта. Улахан да дьон сэҥээрэр буолбуттара. «Уус тыллаах, үчүгэй ырыалаах-хоһоонноох», – дэтэр буолта.

      Платон үгүс тэбэнэтэ суох, сэмэй оҕо этэ. Арай биирдэ дьиибэлэммиттээх. Бадаҕа, оскуолаҕа барыан иннинээҕи сайын этэ. Ыаллар сайылыкка тахсыбыттарын кэннэ кыһыҥҥы балаҕаннары кэрийбиппит. Күөгү уола Мииппэр Манчурин өтөҕөр биир кырааскалаах мас таҥараны, Саахарыма Татыйаана эмээхсин дьиэтигэр икки кырааскалаах мас таҥараны үлтү тэпсэн, хайыта сынньан, алдьаталаабыппыт. Платон миигиттэн үс сыл аҕа этэ, онон кини тугу СКАЧАТЬ