Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов страница 10

Название: Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6136-5

isbn:

СКАЧАТЬ аһаан бүтэн баран, хоспор киирэн соҕотоҕун олордохпуна, Платон көтөн түстэ. Мичээрдээбит. «Хайа, аахтыҥ дуо?» – диэтэ, онтон аттыбар олорунан кэбистэ. – «Ааҕан». – «Туох диэтиҥ?» Мин өс-саҕа буолан: «Ол туох диэх үһүбүнүй?» – диэтим. Ити итинэн ааста.

      Онтон биирдэ, эмиэ соҕотоҕун олордохпуна, Платон киирэн кэллэ уонна эттэ: «Эн, арааһа, кыбыстаҕын, бэйэҕин бэйэҥ кыайан быһаарыммаккын быһыылаах. Мин адьас кырдьыкпын этэбин. Уонна эйигин тиэтэппэппин, эн үөрэххэр мэһэйдиэхпин баҕарбаппын. Хата, көмөлөһөөрү гынабын. Мин аны сайын соҕуруу үөрэнэ барабын. Онуоха диэри быйылгы үөрэххин бүтэр, ол кэнниттэн биһиги күһүөрү холбоһуох тустаахпыт. Итини үчүгэйдик сыта-тура толкуйдаа». Мин эмиэ туох да диэн быһаарыммаппын.

      Ол да буоллар, улам бодоруһан, сыстыһан истибит. Киинэҕэ бииргэ сылдьабыт, арыт маҕаһыыннарга барабыт. Арыт Күөх Хонууга киирэн дьаарбайабыт, пистолетынан сыал ытабыт. Платон брауниннааҕа. Кини миигин ытарга үөрэтэр.

      Биирдэ Платон эттэ: «Ээ, туох ааттаах баҕайытай! Икки өттүттэн мэһэйдэтэрбит туох да суох, холбоһуох». Мин: «Ким билэр…» – диэнинэн аһарынабын. Платон ону истибэт: «Киэһэ үлэбиттэн кэлэрбэр, мин дьиэбэр баар буолаар».

      Наһаа мунаардым, дьүөгэбэр, Адамов милиционер кэргэнигэр, Наташаҕа таҕыстым. Наташа сүрдээх хорсун, уруккута бартыһаан дьахтар этэ. Наташа өрө күлүбүрүү түстэ: «Тыый! Олус бэрт буоллаҕа дии. Холбос, холбос! Платон Алексеевич – наһаа үчүгэй киһи. Дьолгун мүччү түһүмэ. Үөрэххэр да көмөлөһүө». Киэһэ Платон эмиэ көтөн түстэ: «Хайа, эмиэ суоххун дуу?»

      Итинтэн биир хонук ааста дуу, икки хонук дуу, сыттыгым анныттан сурук, күлүүс тылын уонна элбэх баҕайы харчыны булан ыллым. Платон: «Наташаҕа таҕыс, көмөлөһүннэр, киэһэ аста астааҥ», – диэбит. Наташа оччону истэн баран, куорат маҕаһыыннарын ылан кэбистэ. Оһох отунна, астаан-үөллээн сырылатта-бырылатта. Бэйэтэ миигин туох иһин ыыппат: «Платон сибилигин кэлиэ, тохтоо-тохтоо».

      Ити курдук бутулла олордохпуна, Платон көтөн түстэ. Үөрбүт, чаҕылыҥнаабыт: «Дорооболоруҥ!» – диэтэ. Онтон бокуойа суох саба түһэн уураан-сыллаан барда. Ол икки ардыгар Наташабыт аһа остуолга тардыллан бэлэм буола охсубут.

      Сыбаайбабыт манан бүттэ. Ити 1930 сыл сэтинньи 6 күнүгэр этэ.

      Платоннуун биһиги сэттэ сыл биир ый 23 хонук устатыгар бииргэ олорбуппут. Мин эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сиппит-хоппут, олох уонна охсуһуу итиитин-буһуутун билбит-көрбүт киһиэхэ кэлбитим. Икки кэргэн тухары дьиэ-уот, күннээҕи олох-дьаһах боппуруостарыгар даҕаны ким баҕарар чопчу сүрүннэниэхтээх кэмэ ини ити. Онон даҕаны, биһиги олус эйэлээхтик, наһаа тапсан олорбуппут. Платону мин дьиэҕэ-уокка «паапа» диэн ыҥырааччы этим, оттон кини миигин үксүн «тооруом» диэччи этэ, кыргыттара «паапа» да «паапа».

      Көрө түһүүгэ, Платон уҥуоҕунан кыра киһи этэ. Дьон ол да иһин Ойуунускай кыратын, хатыҥырын урут бэлиэтээн этээччилэр. Ити гынан баран, эр киһитэ да өтөн эрдэҕэ, миигиннээҕэр өндөс курдуга. Оттон миигин саха дьахтарыгар эдэрбэр-сэнэхпэр СКАЧАТЬ