Название: Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан
Автор: Группа авторов
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-6136-5
isbn:
Улахан уол Тэрэпиин эдэригэр сэллик ыарыыттан өлбүт. Улахан Никиитэ кыһыл дружина байыаһа буола сырыттаҕына, бандьыыттар тутан, 1922 с. өлөрбүттэр. Кыра Никиитэ 1913 с. сэллик буолан өлбүт.
Дьэбдьэкиэйтэн төрөөбүт аҕыс оҕоттон П.А. Ойуунускай улаханнара. Ойуунускай бастакы кэргэнэ Хоочугурдааҕы кытары чугас ыаллыы олорбут Тэлэгэччийэ Өлөксөй (Сокольников) диэн аҕалаах алта оҕолоох ыал биир маанылаан улаатыннарбыт кыыстара Сүөкүччэ диэн этэ. Кинилэр ис сүрэхтэриттэн таптаһан холбоспут буоланнар, олохторун олус эйэлээхтик, дьоллоохтук саҕалаан иһэн, Сүөкүччэ сэллик ыарыыга ылларан, бэрт эдэркээн сааһыгар ииннэммитэ. Ойуунускай иккис кэргэнэ – Мэҥэ Хаҥалас кыыһа, аатырар кыһыл партизан Халлааскы Бөтүрүөп тобулута кырбаан, өлөрө сыһан араарбыт дьахтара – Татьяна Дмитриевна Александрова. Сөбүгэр үөрэхтээх, киэҥ өйдөөх-санаалаах дьахтар эбит. Кинилэр алта сылы кыайбат кэм устата дьоллоохтук олорбуттара. Татьяна Дмитриевна урут тобулута кырбаммыта таайан, 1929–1930 сс. диэки сэллик ыарыынан ыалдьан, кыра оҕотунуун утуу-субуу өлбүттэрэ. Платон Алексеевич үһүс кэргэнэ Чурапчы Болтоҥотугар Дириҥ Күөлгэ төрөөбүт, суруйааччы Күн Дьирибинэ балта, Чочоолоптор кыыстара Борисова Акулина Николаевна диэн этэ. Акулина оҕо эрдэҕинээҕи хос аата Саппыана Өкүлүүнэ диэн сурахтааҕа.
П.А. Ойуунускай эмиэ ийэтинэн балайда ыраах аймаҕа Николай Ефимович Попов билигин Ытык Күөлгэ эргиэн тэрилтэтин салайа-дьаһайа олорор, ыал аҕата. Онтон биһиги Баайаҕа Ыарҕа-Андросовтар Ойуунускай сыганнарынан буолабыт. Дьэ, ити курдук, Платон Алексеевич ийэтинэн төрдүн-ууһун, хаан-уруу аймахтарын тустарынан кылгастык кэпсээтэххэ итинник.
М.Н. Слепцова-Егасова
Бииргэ үөскээбиппит
Мин аҕам Нээстээр Платонович Слепцов 81 сааһын туолан баран, кулаахтааһын саҕана Ойуун күөлүгэр Түмэппий Сиипсэп ийэтин аахха сытан өлбүтэ. Биһиги кыстыкпыт Көрдүгэн диэн сир, чугас аймахпыт Бүөтүр кыстыга – Дэлбэрийбит. Бүөтүрдээх улахан дьадаҥы ыал этилэрэ. Кини Өлөксөй диэн уоллааҕа. Өлөксөй кыра эрдэҕиттэн хара үлэ арааһын билэн, ыар үлэҕэ миккиллэн улааппыта. Наһаа судургу, өс киирбэх, көнө, мэктиэтигэр кэнэн курдук киһи этэ. Оҕо эрдэҕиттэн Хоочугур диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Ити, бука, бэйэтин быһыытыттан-таһаатыттан, хаамыытыттан төрүттэммит быһыылааҕа. Дьадаҥы эрэйдээх СКАЧАТЬ