Ийэлэриэм, мин кэллим!... Арчылан
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - Арчылан страница 7

Название: Ийэлэриэм, мин кэллим!..

Автор: Арчылан

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6602-5

isbn:

СКАЧАТЬ кини ии-тиэх оҕо… буолбатах ээ… Кини мин… мин оҕом… Кини… кини… оҕобут… – Мотуруона, эмискэ эһэ харбаан ылбыт күлбүһэҕин икки илиитинэн мускуйа-мускуйа, тардыалатан саҥарда.

      – Уоскуй, хотуой, уоскуй, – Эдьиий Даайа, өндөх гынан, күлбүһэҕи ылан туора уурда. – Маны мускуйбуккуттан туох даҕаны уларыйыа суоҕа. Хата, ол түбэлтэ туһунан сиһилии кэпсээ эрэ, күлэ-аралдьыйа түһүөҕү? – удаҕан, мэҥин имэринэн ылан баран, туох даҕаны буолбатаҕын курдук, налыйыаҕынан налыйан, чэйин иһэн сыпсырыйа олордо.

      Мотуруона даҕаны өр күүттэрэ сатаабата, сыыйа холкутуйан кэпсээн барда.

      – Кыра оҕолоох тулаайах дьахтар булчут-алчыт, отчут-масчыт, үлэһит эр киһитэ суох олороро олус ыарахан, сатаммат даҕаны. Эмиэ бэйэм курдук тулаайах хаалбыт, ол гынан баран лаппа аҕа саастаах, үс оҕолоох Ыгдаа ыйыппытыгар сөбүлэнэн ойох барбытым. Олохпут табыллыбатаҕа. Сотору кэминэн кини куртаҕынан ыараханнык ыалдьыбыта. Ас барбат буолбута. Куораттан тахсыбыт Улбуоп луохтуур оннук диэбитэ. Кини уһун көҥдөй туруорбутунан аһата сатаахтыырым. Өрүттээхтээбэтэҕэ. Кыһын таҥаралаабыта. Биһиги эмиэ тулаайах хаалбыппыт…

      – Ыгдааны билээн. Оччотугар Ампаардаахха олордоххут дии?

      – Онно. Сэниэтик олорбут киһи этэ. Оҕолоро, улахаттара сиппит дьон, кырдьаҕас эдьиийдэрин кытта бэйэлэрэ хаалбыттара. Оттон мин…

      – Эн кыайыгаскын-хотугаскын, холку, намыын майгылааххын, эбиитин намчыгын, тупсаҕайгын. Итиэннэ эдэргин. Сулумах сылдьар эр дьон оннук тулаайах дьахтары өр соҕотох сырытыннарбат буолуохтаахтар. Ойох ыла сатаабыт элбэх буолуо? – Эдьиий Даайа кэпсээни ньымсатык арыый атын хайысхаҕа иэхтэ. – Уонна, оттон, син туох эмэ сүөһүлээх-астаах хааллаҕыҥ дии?

      – Син баара, – Мотуруона чахчы бааччы сэргэхсийэ түстэ. – Үс ынахтаах, биир оҕустаах, биэлээх эҥин этим. Уонна, кырдьык, ол дьыл сааһыгар Кукаарыс оҕонньор ыйыттарбыта. Бүлүү куоратыгар олохтоох, хаһаактартан төрүттээх оҕонньор. Биэс уонуттан эрэ тахсыбыт да буоллар, түөһүн тылыгар диэри түспүт күрдьэх курдук күрэҥсийбит бытыктааҕа, хаар маҥан баттахтааҕа. Өр иҥээҥнээбитэ. Сотору-сотору кэлэрэ. Кэһиитин кыбына сылдьара. Хап-хачыгырас, көмүрүө курдук баахыла аҕалара. Тоҥсуо котоку, хаһан минньигэһи амсайбыта кэлиэй, бэрт түргэнник Кукаарыска атыыланан, киниттэн күнэ-ыйа тахсар буолан хаалаахтаабыта. Уолум истиҥ сыһыанын көрөн, мин даҕаны сөбүлэммитим…

      – Онно Бүлүүгэ көстүгүт этэ дии? Кукаарыс улахан, астык дьиэлээх диэччилэр…

      – Оннук, Бүлүүгэ көһөн күккүрээбиппит. Сүөһүбүн аймахтарбар хаалларбытым. Оҕонньор чахчы үчүгэй дьиэлээҕэ. Нууччалыы охсуу дьиэ. Кырыыһалаах, ыстаабыналаах. Таҥара дьиэтин таһыгар турар. Кырааскалаах муостата, ойуулаах истиэнэтэ, киэҥэ-куоҥа, ырааһа – барыта дьикти. Биһиги оччугуй туруорбах балаҕаммыт кэнниттэн оннук улахан, мааны дьиэҕэ олорор хайдах эрэ этэ. Дубук-дабык туттуу бөҕөтө, – Мотуруона тугу эрэ санаан мүчүйэн ылла. – Онтон Тоҥсуо дьыссаат диэн оҕону көрөр-харайар СКАЧАТЬ