Ийэлэриэм, мин кэллим!... Арчылан
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - Арчылан страница 5

Название: Ийэлэриэм, мин кэллим!..

Автор: Арчылан

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6602-5

isbn:

СКАЧАТЬ туруорда.

      Аан арыллыбытыгар саас ортолоох, от күөҕэ былаатын төбөтүгэр эрийэ бааммыт дьахтар киирэн кэлэн, тута сылдьар хара кыллаах дэйбииринэн дьалбыйда.

      – Дьаҥы-дьайы таҥнары дьалбыйдаҕым, туора силэйдэҕим буолуохтун! Туох сонун, Мотуруона? Кэпсиэ! – халтаҥ сонун уонна тирии хаппарын көхөҕө ыйаата.

      – Улахан сонун суох. Эн кэпсиэ? Биһиэхэ барыта кэммитинэн. Бээ, билигин чэйбин аҕалыам. Эн манна аас, эдьиэй, – Мотуруона киирбит дьахтары биллэрик олоххо ыҥырда уонна оһоҕор чэйин ыла барда.

      Бу «эдьиэй» диэбит дьахтара киниэхэ төһө-хачча эдьиий буоларын, дьиҥэр, Мотуруона билбэт, ырааҕынан ханан эмэ биир хаан хабыылаах, биир тымыр-сыдьаан тардыылаах буолуохтарын сөп – биир түбэ дьоно буоллахтара. Ол эрээри бу түбэлтэҕэ ол туох даҕаны суолтата суох. Чугас эргин дьон барыта бу, мэктиэтигэр, сорох түгэҥҥэ кыым сардыргыырга дылы сытыы чоккуруос харахтаах, уҥа иэдэһигэр биэстээх алтан кэппиэйкэ саҕа төп-төгүрүк мэҥнээх дьахтары «эдьиэйтэн» атыннык ааттаабат. Бэл, бэйэтиттэн лаппа саастаах кырдьаҕастар оннук дииллэр. Оттон бэйэлэрин ыккардыларыгар сэмээр Эдьиий Даайа диэн ааттаан кэпсэтэллэр.

      – Миэхэ даҕаны оннук айылаах соһо сылдьар сонунум суох. Кэпсээн кэмчи. Өлүөр олоробут, амабыт. Ол буоллаҕа дии, сүрүнэ диэн. Этэҥҥэ буоллахха, атына даҕаны бэтэрээ сэгэтинэн буолар куолута, – Эдьиий Даайа оннун булан олордо. – Бу Хоту Күндэҕэ тиийэ сырыттым. Онно халдьаайытын саҕатыгар ураты эмтээх суорат от үүнэр. Уонна төннөн иһэн билсэ-көрсө диэн таарыйдым.

      – Ээ, сөбө-сөбө. Таарыйбытыҥ олус бэрт дии, – Мотуруона хончоҕордорго чэйин кута-кута сэҥээрдэ. – Чэ, чэйдээ, эдьиэй.

      – Чэйдээн бөҕө. Балай эмэ сири хаамтым ээ, хотуой. Омос санаатахха, онно үүммүт суорат от, манна үүммүт суорат биир буолуохтарын сөп курдук этэ даҕаны, дьэ, улахан уратылаах буолар. Сир-дойду иччитэ ааттыын Аан Алахчын диэн эбээт. Барыта ала-тала. Үкчү буолбат. Аны туран, күнүттэн-ыйыттан эмиэ тутулуктаах. Бу суорат от, бэс ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри биир кэм силигилии тыллар даҕаны, от ыйыгар ордук уохтанар. Ону даҕаны сүмэтэ баччаларга, Ый толонугар, муҥутуу хойдор. Киһи-дьахтар имэҥэ-дьалыҥа эмиэ туолбут Ыйга күүскэ киирэр буолбат дуо, Мотуруона-а? – удаҕан дьахтар хараҕар көрдөөх кыымнар кылахачыстылар.

      – Ээ, дьэ, буолуо-буолуо… – биирдэрэ ылбат-биэрбэт ыккардынан хоруйдаата, былаатын көннөрүммүтэ буолла.

      Эдьиий Даайа ону көрөн мүчүк гынан ылла, лэппиэскэ тоһуттан дагдаҕа умньаан айаҕар угунна.

      – Чэ-чэ, хотуой, кырыллыбытынан кыыс курдук кыбыста, кэмчиэрийэ олоруоҥ дуо? Сонуҥҥун ыһа-тоҕо кэпсээн ис. Дабыыт холкуос үлэтигэр сылдьар дуо?

      – Онно-онно. Тутуу маһын тиэйиигэ сылдьаллар. Сыдыбылга норуот дьиэтин туталлар дии. Онно. Үрдүгэр хоно сылдьан үлэлииллэр.

      – Билэн-билэн. Эһиги холкуоска киирбиккит хайдах эбит?

      – Бэйэ дьаһанан олороро табыллыа суох диэн, манна көһөн кэлээт да киирбиппит. СКАЧАТЬ