Ийэлэриэм, мин кэллим!... Арчылан
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - Арчылан страница 9

Название: Ийэлэриэм, мин кэллим!..

Автор: Арчылан

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6602-5

isbn:

СКАЧАТЬ быһыыны-майгыны көрөн, уолбут ыһыы-хаһыы бөҕөтүн түһэрбэт үһү дуо? Мэктиэтигэр, тиэргэҥҥэ сытар ыттарбыт ойон туран үрэн моргуспуттара. «Оо, дьонноор, бу көрүҥүтүүй! Охтор Дабыыт биһиги ороммутугар кэлэн сытар! Баҕайы! Бар мантан! Бар диибин!..» – диэн сарылыыр…

      Эдьиий Даайа айаҕын саба тутта-тутта күлэн ыгдаҥалыы олордо.

      – Сайылык дьоно бүтүннүү ойон таҕыстылар?.. Көрбүт киһи баар ини!.. Һуу, быарым быстаары гынна дии, хотуой…

      – Оннук «саат-суут» кэнниттэн, хайыахпытый, Дабыыт биһикки сыһыаммытын хайыы үйэ кистии сатаабат даҕаны буоллахпыт дии…

      – Ол «саат-суут» суоҕа буоллар, эр-ойох буолбакка, үөмэ сылдьыа этигит. Куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат диэн, дьэ, маннык түбэлтэни этэн эрдэхтэрэ эбээт.

      – Дьэ, этимэ, эдьиэй. Киһи эмиэ да кыбыстар, эмиэ да күлэр ээ… – Мотуруона, ис-иһиттэн сырдаан, дьолунан сыдьаайа күллэ.

      Эдьиий Даайа, кинини көрө-көрө, эмиэ мичилийэн ахан олордо. Онтон Мотуруона уоскуйбутун кэннэ олоҕуттан турда.

      – Чэ, хотуой, олорон хааллым дии. Дьонум күүттэхтэрэ буолуо. Барыам этэ. Эн даҕаны киэһээ ыамыҥ бу кэлбит. Ынахтарыҥ маҥыраһан эрэллэр. Тоҥсуоҕа миигин сырытта, ыйыталаста диэн этээр.

      – Сөп, эдьиэй. Эйиэхэ хайдах махтаныахпын билбэп- пин ээ.

      Мотуруона ыалдьытын тиэргэн ааныгар диэри атаарда уонна тиэтэйэ-саарайа титиигэр барда.

* * *

      1942 сыл, бэс ыйын бүтэһик күннэрэ. Дьокуускай. Даркылаах тиксиитэ.

      Хомоҕой тыллаах эппитинии, сырылатан-сырбатан күн да күн. Элиэнэ эбэ уута күн уотугар дьирибинии оонньуур. Кытылга, тиксиини толорон, дьон бөҕөтө тоҕуоруспут. Ким эрэ ытыыр, ким эрэ хоҥнон баран эрэр «Киров» борохуот палубатыттан далбаатыыр дьоҥҥо хардаран утары далбаатыыр, тугу эрэ хаһыытыыр. Үрэр турбалаах уонна барабааннаах музыканнар уонча киһилээх бөлөхтөрө ханнык эрэ маршы оонньуур.

      Оттон ойоҕолуу ыга анньыллыбыт хас даҕаны аалтан-баарсаттан баркаас хаптаһынынан оҥоһуллубут тыраап устун, кымырдаҕас курдук өрө-таҥнары тиэстэн, таһаҕас сүөкээннэр үлэ күөстүү оргуйар. Ол төкүнүтэн таһаарбыт буочукаларын, сүгэн аҕалбыт дьааһыктарын-куулларын эмиэ кэлэ-бара турар тэлиэгэлээх аттарга, таһаҕасчыт массыыналарга тиэйэллэр.

      – Миитээ, Мииккэ-э, этэҥҥэ эргиллээр!.. Мин күүтүөм!.. – тиксии кытыытыгар, сыыһа үктээн, ууга түһэн хаалыахтыы киирэн турар кыыс чаҕаархай хаһыыта ол тыас-уус, хаһыы-ытабыл, аймалҕан ортотугар бэрт чуордук быыһылаан иһилиннэ.

      – Олус үчүгэй кыыс быһыылаах, – Баһылай, өрүс салгыныгар өрүкүйэр будьурхай баттаҕын тарбахтарынан өрүтэ анньан ыла-ыла, аттыгар далбаатыы турар доҕоругар эттэ.

      – Тоҕо «быһыылаах»? Чахчы үчүгэй кыыс.

      – Үчүгэй-үчүгэй, – Баһылай өс киирбэх сөбүлэһэ оҕуста. – Уонна кини эйигин булгуччу күүтүөҕэ. Оттон мин итинник атаарар, күүтэр кыыһым суох… – тугу эрэ ситэ саҥарбакка ах баран хаалаат, харса суох далбаатанна, онтон эмиэ доҕорун диэки хайыста. – Миитэрэй, кырдьыгынан СКАЧАТЬ