Ийэлэриэм, мин кэллим!... Арчылан
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - Арчылан страница 3

Название: Ийэлэриэм, мин кэллим!..

Автор: Арчылан

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-6602-5

isbn:

СКАЧАТЬ түрдэччи сабыстыбыт, быччаччы, күлтэччи көрбүт уола, хара баттаҕа арбайан-сарбайан, кулгаахтара таллайан, көтөн түстэ.

      – Тоойуом, Тоҥсуо, хайа, бу хантан аҕылаан-мэҥилээн сүүрэн кэллиҥ? Туох буолла? – Мотуруона, ымманыйа мичээрбитин кистии, намыыннык ыйытта.

      Тоҥсуо, турулус-ирилис көрөн, далбаатана-далбаатана:

      – Кинилэр… кинилэр миигин «Хонооску уола» диэтилэр!.. – диэн ис-иһиттэн уордайан төлүтэ биэрэн хоруйдаата.

      Мотуруона били ымманыйбыта, ньуолах түүнү силлиэ илдьэ барбытыныы, биирдэ мэлис гынан хаалла – кубарыс гынаат, ытыгын кытыйатыгар төлө тутта, субу аҕай тэрбэйэ оонньообут кыламаннарын умса түһэрэн, төбөтүн хоҥкутта, санныларын кумутта.

      Уол, ону көрөн, ах барда:

      – Ийээ, ийээ, туох буоллуҥ?..

      Дьахтар, курустук өрө тыынаат, утары хааман тиийэн, уолун түөһүгэр сыһыары тардан ылла, итиэннэ:

      – Оттон, тоойуом, Хонооску эн дьиҥнээх айбыт аҕаҥ эбээт… – диэн баран, уолун кытаанах будьурхай баттаҕын имэрийдэ.

      Истиэм эрэ диэбэтэҕин истэн, соһуйан, уолчаан хараҕа эбии быччайда.

      – Ол хайдах оннук?! – диэтэ, онтон ийэтин илиититтэн төбөтүн арааран, өһөспүт борооскулуу, сургуччу көрөн күлтэриҥнээтэ. – Кини… кини… – өрүтэ бөтүөхтүү-бөтүөхтүү саҥарда. – Кини буор хаартыһыт уонна күөх көппө дии! Син биир ити мээнэ ону-маны баллыгырыыр Байбааскы оҕонньор курдук!

      – Ол Байбааскыбыт оннук айылаах оҕонньор буолбата ини?.. – Мотуруона уолун уоскутаары, аралдьытаары тыл кыбытан көрдө эрээри, биирдэрэ соччо-бачча уоскуйар санаата суох буолан биэрдэ.

      – Кыҥнары Кынаачайдаах ампаардарын иннигэр мустан олороллор. Уоллара Уйбааскы ыҥырбытыгар ыт оҕото көрөөрү сылдьыбытым. Аттыларынан ааһан истэхпинэ, ол Байбааскы оҕонньор таба көрөн: «Һок-сии! Адьас аҕатын курдук уол дии! Хонооску илэ бэйэтинэн тиийэн кэллэ диэтим эбээт!» – дии-дии күлэн күллэрэстиир. Түөһэйээри гыммыт быһыылаах! Ол сымыйата дии, ийээ? – уолчаан ийэтин сирэйин өрө мыҥаата. – Хайдах оннук буолуоҕай?.. – саҥата титирэстээн ылла. – Кини, ол Хонооску, киһиргэс дии! Күөх сүрэх! Күөх көппө! Хаабы аҕата Уоһук, холкуоспут бэрэссэдээтэлэ, Байбааскыны этэрин курдук! – мунньахха уоттаах-төлөннөөх араатардар далбааталаналларын курдук омуннаахтык уҥа-хаҥас далбаатанна. – Мин кинилэргэ сонно тута: «Ханнык даҕаны Хонооску уола буолбатахпын!» – диэн хаһыытаан бытарыппытым. Оттон кинилэр күлэн алларастаһаллар. Өссө Байбааскы баҕайы, чүрүччү көрө-көрө: «Тоҕо да бэрдэй! Үкчү Хонооску курдук омуна-төлөнө оргуйан олорор!» – дии-дии күһүгүрүүр. Кинилэр, кини Хонооскулуун, албынчык саһыллар дии! Мэлдьи албыннаан, түөкэйдээн тахсаллар дии! Тыалырбалар! Оннук дии, ийэкээ?! – уолчаан ийэтин илиитин харбаан ылла. – Ити кинилэр түөкүннэрэ дии? Суох?.. Суох… – илиилэрин арааран, санньыччы түһэрэн, сукуччу туттан, атах ороҥҥо тиийэн, икки илиитинэн төбөтүн саба туттан умса түһэн олордо.

СКАЧАТЬ