Саха саарына Тэрис. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов страница 17

Название: Саха саарына Тэрис

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5750-4

isbn:

СКАЧАТЬ Айыы дьиэтигэр маннык үлэлэр ыытыллаллар. Ол курдук 300 туому оҥоруу, ыраастааһын, уруу, үбүлүөй алгыһын оҥоруу, араас ыарыылары эмтээһин уонна арыгыттан эмтэнии курдук киирэллэр.

      – Ыраастаныы диэтиҥ, ону быһааран биэриэҥ дуу…

      – Дьиэни-уоту, саҥа акылаат түһэр сирин ыраастаан биэрэбит. Саҥа эбэтэр сүүрэ сылдьыбыт массыынаны атыыластахтарына эмиэ ол сиэрин-туомун толоробут. Ону таһынан бохоруонаҕа сылдьыбыт дьон биһиэхэ кэлэн ыраастанан бараллар.

      – Ханнык туомнары оҥороҕутуй?

      – Оскуола оҕолоругар туом оҥоробут, онно сылга үстэ-түөртэ сылдьыахтарын наада. Устудьуоннарга анаан алгыс оҥоробут. Кэлбит дьоҥҥо сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах сүбэлэри биэрэбит. Олохторугар ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөбүт. Таҥха кэмигэр анаан, онно аналлаах тэрээһиннэр сылын аайы ыытыллаллар. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, ыраастаныы ханнык баҕарар көрүҥэ ыытыллар. Кэргэн тардыы, оҕо кутун иҥэрии, дьоҕуру арыйыы курдук туомнар эмиэ оҥоһуллаллар. Хара суоллары быһыы (түбэлтэни, түүлү), үлэ көрдөөһүн, үлэҕэ табыллыыга эмиэ көмөлөһөбүт. Олус элбэх туомнар оҥоһуллаллар, онон сүрүн туомнарын ити кылгастык билиһиннэрдим.

      – Сыл аайы дьылынан, күнүнэн көрөн сиэр-туом ыытар анал сирдээх эбиккит дии.

      – Биһиги сыл аайы эбэтэр хас да сылга биирдэ итинник анаан-минээн сиэр-туом оҥорор, сылдьар сирдэрдээхпит. Ол курдук куорат аннынан устар Өлүөнэ өрүс, соҕурууҥҥу Ытык Хайа, Чочур Мыраан, Хотугу Ытык Хайа, Хаҥаласка Эллэй бастаан тохтообут сиригэр Бахай хонуутугар баар анал таас, Кууллаты сэргэтэ, Сайсары күөл буолаллар.

      – Биһиэхэ тоҕо итэҕэлгэ аналлаах дьиэбит тарбахха баттанар аҕыйаҕый?

      – Арассыыйаҕа нуучча дэриэбинэлэрэ бары таҥара дьиэлээхтэр, Кавказтарга бары дэриэбинэлэр минареттаахтар. Онтон биһиги таспытыгар олорор бүрээттэр, калмыыктар эмиэ итэҕэлгэ тутуулара элбэх. Онтон саха 500 дэриэбинэлээх. Олорго үс гыммыт бииригэр эрэ саха дьиэтэ баар. Итэҕэл дьиэлэрэ уончаны да кыайбат. Ол аата сахалар итэҕэл өттүгэр сылтан сыл хаалыыбыт улаатан иһэр. Билигин киһи диэн итэҕэллээх киһи буолар. Онтон биһиги киһи буолар хаачыстыбабыт кыччаан иһэр. Хаалыы туохха көстөрүй? Киһилии сиэри туттарбыт кыччаан иһэр. Уоруу, кырбааһын, киһиэхэ кырыктаах сыһыан дэлэйдэ. Уулуссаларбытыгар билигин «чуумпу сэрии» бара турар. Итэҕэл тиэмэтин быыбарга ордук көтөҕүөхтээхпит. Биир ыйытык туруохтаах: «Эн саха итэҕэлигэр хайдах сыһыаннааххыный?» – диэн. Итэҕэли өйдүүр киһи айылҕаны алдьатыыны утарыа, дьоҥҥо эйэлээх буолуо, дьону өйдүүр майгыны тутуһуо. Онтон итэҕэли утарар киһи бэйэтин таҥара оҥосто сатыыр. Киһини барытын хам баттаан туран дьаһайа сатыа.

      – Итэҕэл туохха үөрэтэрий уонна ис дьиҥэ туохха сытарый?

      – Киһи сиэрдээхтик олоруохтаах. Айылҕаҕа уонна дьоҥҥо эйэлээх буолуохтаах. Бэйэ-бэйэтигэр көмөлөсүһүөхтээх. Бу буолар итэҕэл дьиҥнээх ис хоһооно. Ол иһин былыргылар этэр этилэр: алгыһы абааһы хоппута суох диэн. Үтүөнү оҥоруу – махталлаах. Оҕолоох саха киһитэ куһаҕаны оҥорортон куттанар – бу куһаҕаны оҥорбутум оҕобор тиийиэ диэн. Үтүөнү оҥорортон үөрэр – үчүгэйи оҥорбутум оҕобор тиийиэ СКАЧАТЬ