Саха саарына Тэрис. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов страница 1

Название: Саха саарына Тэрис

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5750-4

isbn:

СКАЧАТЬ исламҥа биллэн ааспыт. Кэлин, аан дойду үрдүнэн өлүү культа баһыйбытыгар, Айыыга сүгүрүйүү үгүс норуокка мөлтөөбүт. Бэрт хойутуу «Живая этика – Агни йога» быһыытынан тилиннэрэ сатааһын бара турар.

      Саха дьоно былыр-былыргыттан тыыннаах олоҕу өрө тутан кэлбит омук. Ол да иһин «Айыы аймаҕа аһыныгас, Күн дьоно көмүскэс» диэн эрдэҕэ. Саха киһитин муҥутуур үрдүк идеала – Айыы киһитэ. Кэлэр кэмҥэ, сарсыҥҥылаах олоххо тардыстар киһини Айыы киһитэ диэн ааттыыр.

      ХХ үйэ бүтүүтэ—ХХI үйэ саҕаланыыта маны хос көбүппүт киһибит – Тэрис. Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис (12.01.1952—29.12.2017) филология билимин кандидата, биллэр дьайаанньыт, сахаһыт. 1989 сылтан «Саха кэскилэ» общественнай-политическай хамсааһыны тэрийсэр уонна салайар. Суверенитет идеятын сайыннарыыга уонна туруулаһыыга элбэх сыратын биэрбитэ.

      Л.А. Афанасьев-Тэрис биир сүрүн үлэтэ норуот утумнаах дириҥ санаатын үөрэтии этэ. Онуоха баҕалаахтары түмэн, «Кут-сүр» кыһаны төрүттээбитэ. Итинтэн ыла «Кут-сүр» оскуола, общественнай Академия үөскээн, саха улахан санаатын – Айыы санааны, тыыннаах олоххо сүгүрүйэр үгэһи үөрэтии саҕаламмыта. Бу түмүгэр тыыннааҕы өйдүүр дьоҕурбут – Айыы үөрэҕэ тиллибитэ.

      Үтүө үгүс өйдөөх киһини

      Үрүҥ айыы үөскэтэн,

      Үөрэҕи өбүгэ сахаҕа

      Үөдүтэр буолла?! —

      диэн Алампа убайбыт амалыйыытын Тэрис отуттан тахса сыл устата бэйэтин тус дьулуурдаах олоҕунан турууласта. Ити түһүүлээх-тахсыылаах, утарсыылаах-өйөбүллээх түгэннэрин ааҕа барбакка, бүгүн «Айыы үөрэҕэр» ураты болҕомто ууруоҕу баҕарыллар – Тэрис тоҕо итини бигэргэтиигэ үгүс сыратын биэрбитэй диэҥҥэ…

      Атын омуктар курдук, саха тус улахан санаалаах дуо, баар буоллаҕына, ол тугуй диэһиҥҥэ киһи эрэ барыта ылбычча тиийэн кэлбэт. Тэрис ити таһымҥа тахсыбыт биир сүрүн төрүөтэ норуот өйүн-санаатын үөрэтиитэ-ырытыыта буолар. Ийэ өй туохха тирэнэрин көрдөөһүнэ кинини Айыы санааҕа аҕалбыта. Бу санаа норуот тыыннаах олоҕу олоруутугар муҥутуур төрүт буоларын кини бигэтик өйдөөбүтэ.

      Синкретизм. Айыы санаа синкретизм иһигэр сылдьара. Тоһоҕолоон эттэххэ, атын араас утарсыылаах анаарыылары, көрүүлэри кытта суулаһан, уопсай биир тиһиккэ баара. Ити уопсай тиһиктэн саха философиятын уонна итэҕэлин бутуурдаах өйдөбүллэрэ үөскээбиттэрэ.

      Ол курдук, философия синкретизмыгар атын-атын философскай көрүктэр, итэҕэл синкретизмыгар тус-туспа итэҕэл үөрэҕэ, сиэрэ-туома баалларын билбитэ. Мантан сиэттэрэн, Айыы санааны синкретизмтан араарар уонна ийэ өйү сайыннарарга үөрэх гынар сорук турбута. Бу саамай уустук быһаарыныы этэ.

      «Кут-сүр» оскуола маныаха синкретизм эрдэтээҥҥи көстүүлэрин үөрэтэн, чинчийэн барар. 1705 сыллаахха Голландияҕа бэчээттэммит «Айыыбыт биһиэнэ Мэҥэ таҥара үрдүгэр» диэн сахалыы постулаты, 1825 сыллааҕы бүтүн Россиятааҕы юридическай докумуоҥҥа киирбит үс символы – Үрүҥ айыы, Святой дух (иччи), Аар тойон диэннэри, Аар Айыы тойон диэн Миддендорф (1842—1845), Маак (1853—1855) экспедицияларыттан матырыйааллары. Бу матырыйааллары религиознай култууралаах, үөрэхтээх специалистар итэҕэл бары канона, символа бигэ туруктаах кэмигэр хомуйбуттара. Холобур, 1705 сыллааҕыны ыллахха, саамай эрдэтээҥҥи ре-лигиознай постулат буолар. Итиннэ этиллэринэн, Айыы – жизнь суолтата таҥаратааҕар таһыччы улахан. Россия императорын канцеляриятыгар киирбит 1825 сыллааҕы юридическай докумуоҥҥа Айыы эмиэ инники. Айыы кэнниттэн иччи. Үһүскэ – Аар таҥара.

      1843—1845, 1853—1855 сыллардааҕы географическай экспедициялар көрдөрүүлэринэн, таҥараны Айыытааҕар инники тутуу, Үрүҥ Айыыны намтатыы, Аар таҥараны үрдэтии саҕаламмыта көстөр. Саха сиригэр маннык религиознай уларытыыны олохтообут киһинэн епископ Нил буолар. Кини тыыннаах олоххо сүгүрүйүүнү намтатан, өлүү культугар бас бэриннэрээри таҥара – Аар тойон суолтатын күүһүрдүбүтэ.

      Сити кэмтэн ыла саха өйүгэр-санаатыгар сыыйа духовнай симбиоз олохсуйан барар. Айыыны, иччини, куту-сүрү таҥаранан солбуйуу уонна таҥаранан бүк баттааһын.

      Симбиоз. Бу үс көрүҥнээх. Бастакыта – мутуализм. Өйдөбүллэри хас биирдии киһи бэйэтэ хайдах саныырынан тойоннуур. Онуоха таҥараны чорботууну ким да утарбат. Буолуохтааҕын курдук сыһыаннаһар. Иккиһэ – комменсализм. Симбиоз бу өрүтүгэр нэһилиэнньэ сорох араҥата өлүү өттүн аҥаардастыы күүркэтэр. Оттон атына итиниэхэ кыттыбат. Үсүһэ – мазохизм. Бу туһаайыы икки суоллаах. Бастакыта – тыыннаах олоххо, айыыга, иччигэ сүгүрүйүүнү сэнээһин. Ол оннугар өлүү культугар – таҥараҕа бас бэринии биһирэнэр. Оттон иккиһигэр – таҥараһыт кими баҕарар мөрөйдүүрэ көҥүл.

      Онон саха дьонугар XIX үйэ иккис аҥаарыттан саҕалаан, Айыы өттө үтүрүллэн, таҥара өттө өргөйбүт, өргөстөммүт. ХХ үйэ бүтүүтэ—ХХI үйэ саҕаланыытыгар симбиоз бу үс көрүҥэ Айыы үөрэҕин утарбыта. Итини ааһан, ХIХ үйэ иккис аҥаарыгар епископ Нил саҕалаабыт үлэтин Аар Айыы итэҕэлэ, Айыы таҥара итэҕэлэ, Таҥарианство диэннэринэн сайыннара сатааһын бара турар. Бу барыта тыыннаах олох символын Айыыны, иччини суох оҥорорго дьулуһуу буолар.

      Ол да буоллар, тыыннаах олоххо СКАЧАТЬ