Итэҕэл сугулааннарын И.И. Шамаев иилээн-саҕалаан ыытан кэлбитэ, кини кэнники сылларга тэрийэр дьон баар буолбута үчүгэй, ыытааччы эрэ курдук буоллум диэн үөрүүтүн үллэстэрэ. Бу кэнники сылларга Саввинов А.В.-Алгыстаах Өлөксөөн, Тэрис кэнниттэн, «Айыы итэҕэлэ» тэрилтэ үлэтин сүрүннүүр. Кини сүрүннээһининэн Аммаҕа, Намҥа, Боотулуга, Булгунньахтаахха уо.д.а. сирдэргэ Айыы дьиэлэрэ үлэлээн эрэллэр.
Айыы итэҕэлин сэһэнньитэ А.Н. Павлов-Дабыл ый аайы нэһилиэнньэҕэ Айыы үөрэҕин үгэс сыллааҕы эргиирин өйдөбүлүнэн сэһэннэри ыытар, Саха араадьыйатыгар анал биэриилээх, хаһыаттарга суруйар. Дьокуускай куоракка Арчы дьиэтин духуобунай хайысхаҕа үлэтин чопчулуур үлэ барар.
«Кут-сүр» түмсүү ааспыт үйэ 90-с сылларыттан, номоххо киирбит Эллэй Боотур саҕаттан саҕаламмыт, итэҕэлтэн үөскээбит Үрдүк Айыылары кытта алтыһар, ситимнэһэр ыһыах үйэлээх үгэһин олоххо киллэриини саҕалаабыта. Бу үтүө үгэскэ олоҕуран Аллараа Бэстээххэ «Төлкө» эр дьон түмсүүтэ саха дьонун өйүн-санаатын түмэр, сааһылыыр, сүрэҕи сүүдүтэр былыргы ыһыах сиэрин-туомун сөргүтэргэ дьулуһаллар. Кинилэр айылҕабыт уһуктар – сайыҥҥы уһун күннээх бэс ыйын 21—23 күннэригэр, былыргы сиэринэн-туомунан ыһыах ыыталлара үгэскэ убулуйда. 2014 сылга төлкөлөр сирдэригэр Айыы итэҕэлэ – уон икки сыллаах мөһүлгэ өйдөбүлүгэр олоҕуран, Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэр ыһыах аартыгын Л.А. Афанасьев бэйэтинэн тахсан арыйбыта, Үрүҥ Айыы Тойоҥҥо сүгүрүйэр тоҕус дабатыылаах алгыс сиэрин-туомун оҥорбута.
Тэрис Айыы үөрэҕэр хас биирдии Айыыга норуотун өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн, дьоҕурун-сатабылын, этин-сиинин сайыннарар, кэрэһилиир санаа кэрдиистэрин түмэн тиһик гынан сурукка-бичиккэ киллэрбитэ олус туһалаах. Бу үөрэх саха олоҕун бары эйгэтин хабар: сиэр-майгы сыһыана, олох тэринии, төрүт майгыны олохсутуу, ыал кэскилэ, арыгыны тэйитии, ыччаты тоҕус моһолтон сэрэтии туһаайыыта, төрүт алаас хамсаныытын тиһигэ, ытык сирдэргэ сыһыан, саастарынан Айыы туомнара ситимнээн өйдөнөр, ылынар гына кинигэҕэ барытын сааһылаан суруйбута норуотугар сүдү бэлэх – алгыстаах олоххо сирдиир үлэлэр.
Лазарь Андреевич туруоруммут сыалын, санаатын тэрийэн олоххо киллэрэр сатабыллаах дьоҕурдааҕа.
Сахалыы халандаарынан алтынньы ый түмсүүнү төрүттүүр, или олохтуур суолталаах. Айыы үөрэҕинэн былыр бу кэмҥэ Улуу добдурҕа буолара, онтон аныгы кэмҥэ эти-сиини көрүнэллэр, санааны билсэллэр, саҥа былааннары оҥороллор, уруккуну кэриэстииллэр, кэлэри кэрэһилииллэр диэн өйдөбүллээх. Ол сиэринэн 2006 сыл алтынньы ый 14 күнүгэр Дьаҥхаады нэһилиэ-гин олохтоохторун көҕүлээһиннэринэн, И.И. Шамаев салайааччылаах «Саха омук» общественнай киин, Л.А. Афанасьев-Тэрис, А.Н. Павлов-Дабыл СКАЧАТЬ