Саха саарына Тэрис. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов страница 12

Название: Саха саарына Тэрис

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5750-4

isbn:

СКАЧАТЬ тупса туруо…

      Билигин бу итэҕэлбитин өссө дириҥэтэн, дириҥ билиини салҕаан, былыргы өбүгэ тааска хаалбыт кистэлэҥ урууна үөрэҕэ, саха омук саҥа үйэҕэ атыннык иэҕиллэн, тыыннаах буолуохтаах туругун булунар күлүүһэ аһыллыахтаах…

      Дьэ оччоҕо бүтүн Аан дойдуга бары итэҕэллээхпит дэнэр улуу омуктардыын тэҥҥэ сайдан, бииргэлэһэн бу саха диэн улуу олоҥхолоох, улахан итэҕэллээх, сэмэй, муударай омук баарын билинэр, биир хардыынан, биир тыынынан олорор, өйдөһөр кэрэ кэмнэр кэлиэхтэрэ буолуо… Оннук үйэлэри өтө көрөн, итэҕэл олугун норуотугар суруйан хаалларбыт үтүө өҥөлөөх, анатыылаах киһибит буолар бу Лааһар Андреевич Афанасьев-Тэрис.

      Бу сайдыылаах, тэтимнээх үйэҕэ итэҕэли норуокка хаалларбыт, тарбахха баттанар биир сүдү киһибитин Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэриһи умнар сатаммат.

П.Д. Ердашева,СӨ үөрэҕириитин туйгуна,норуот маастара

      Айыы Суолугар сирдьиппит

      Лазарь Андреевич-Тэрис орто туруу бараан дойдуга Айыы санаанан олорбута, айбыта-туппута, үлэлээбитэ-хамсаабыта. Кини бу олохтон барбытын да иһин, тоҕо эрэ, билигин күн сиригэр баар – норуотугар сырдык, ыраас суолдьут курдук сылдьар дии саныыбын.

      Айыы суолга сирдиир Ытык киһибит Лазарь Андреевич Афанасьев, филологическай наука кандидата, өбүгэбит кэскили кэрэһилиир санаатын кэрдиистэрин чинчийэн түмэн, «Айыы итэҕэлэ» үөрэҕин тиһик гынан, сурукка-бичиккэ киллэрбитэ. Бу үөрэх саха олоҕун бары эйгэтин хабар, ол курдук, киһи орто дойдуга сиэри-туому, төрүт үгэһи, төрүт тылы, төрүт дьарыгы, төрүт аһы, төрүт хамсаныыны бэйэтиттэн араарбакка тус олоҕор таба туһанан, Айыы суолугар сөпкө үктэнэригэр суол ыйар.

      Айыы үөрэҕэ айылҕаны кытта ыкса ситимнээх, киһи бэйэтин кыаҕын, өйүн-санаатын, күүһүн өйдүүргэ, тулалыыр эйгэни, айылҕа кистэлэҥнэрин быһааран билэргэ, олоҕу-дьаһаҕы анаарарга, өйдүүргэ кыаҕы үөскэтэр.

      Айыы үөрэҕэ киһи кутун-сүрүн туругун айыылардыын ситимнээн көрдөрөр. Биирдиилээн киһи бэйэтин кута чөл, сүрэ күүстээх, отуора олохтоох буоларын туһугар харыстанар сиэри-туому, үгэһи өйдөөн-төйдөөн, санаан туран, сарсыҥҥы сардаҥалаах, кэлэр кэскилин туһугар кыһалларыгар такайар-үөрэтэр. Бу барыта саха омук тыыннаах буолуутун, сайдыытын, чөл буолуутун мэктиэлиир. Айыы үөрэҕэ ыччаты сиэрдээх майгылаах, оттомноох, дуоспуруннаах, түс-бас буоларга уһуйар кыахтааҕын дьон-сэргэ өйдүүр, ылынар.

      Мин саха норуотугар Айыы суолбутун ыйбыт сүдү киһилиин, Лазарь Андреевичтыын, култуура уонна духуобунас эйгэтигэр үлэлии сылдьан алтыспыппыттан киэн туттабын. Кини үлэлэрин мэлдьи ааҕарым. Тэрис киэҥ далааһыннаахтык, хабааннаахтык үлэлиириттэн олус сөҕөрүм уонна ханна эрэ наһаа үрдүккэ сылдьан үлэлиирэ, олус муударай дьоннуун алтыһара буолуо диэммин толло саныырым. Онтон Тэристиин алтыһан баран, кини киһи быһыытынан олус чараас, уйан сүрэхтээх эбит дии санаабытым. Үөһээ салалта киниэхэ СКАЧАТЬ