Саха саарына Тэрис. Группа авторов
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов страница 14

Название: Саха саарына Тэрис

Автор: Группа авторов

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-5750-4

isbn:

СКАЧАТЬ (В.П. Емельянов), о.д.а. Бу үлэлэр оҕо улаатан иһэр кэрдиистэринэн кутугар-сүрүгэр сөп түбэһиннэрэн сайыннарар тосхоллоох ыытыллаллар.

      2005 сыллаахха Лазарь Андреевич саха төрдө буолбут Эллэй Боотур номоххо, сурукка-бичиккэ киирбит түгэннэрин уларыппакка, «Эллэй Боотур» диэн уус-уран роман суруйбута. Бу айымньытын ааптар архыып матырыйаалларыгар уонна В.В. Ксенофонтов «Эллэйада» үлэтигэр олоҕуран суруйбута. 2017 сыллаахха Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис тус бэйэтин этиитинэн, көмөтүнэн, ыйыытынан Л.В. Федорова тэрийэр, Казахстаҥҥа Астана куоракка ыытыллыбыт VI Тенгрианство конференциятыгар, «Эллэй Боотур романа» диэн дакылаакка соавтор быһыытынан кыттан кэлбитим. Тэрис «Эллэй Боотур» айымньытыгар уол оҕо кыра сааһыттан боотур буолан ситэн-хотон тахсарыгар утумнаах уһун иитэр-үөрэтэр (уһуйар) «Барҕа» үөрэх баарын суруйар. Барҕа хайысхата: 1) итэҕэлгэ үөрэтии (сиэри-майгыны үөрэтии, ис кыаҕы сайыннарыы); 2) Орто дойдуну үөрэтии (саха төрдө, атын омук сирин-уотун, географиятын, үөрэтии); 3) боотур үөрэҕэ.

      Бу үөрэҕи анал бырайыактарынан олоххо киллэрэ сылдьар уһуйааччынан фольклорист идэлээх Д.Д. Ворогушин-Дорхоон Дохсун буолар. Уол оҕону төрүт са-халыы тыыҥҥа иитэр дьаныардаах үлэтин Майа дьаһалтатын баһылыга Д.И. Тихонов өйүүр. Баһылык уонна уһуйааччы «Барҕа» оскуола аныгы барылын оҥорор соруктаахтар. 2017 сыллаахха Лазарь Андреевич Итэҕэл сугулааныгар «Барҕа» алгыстарыгар профессор В.В. Илларионов архыыпка туттарбыт матырыйаалын туһаммыппыт.

      Бу сайын Лазарь Андреевич ытыктыыр, эрэнэр киһитэ, историческай наука кандидата А.А. Николаев «Өбүгэлэрбит умнуллубут омоон суолларынан» ыытар экспедициятыгар Алтайынан, Хакасиянан сылдьыһан кэллим. От ыйын сэттэ күнүгэр Хакасияҕа Сахсары ытык хайаҕа ол дойду ойууннара тоҕус өйдөбүлүнэн ыыппыт бэрт дьикти, киһи кутун-сүрүн тутар сиэргэ-туомҥа сылдьан кэллибит. Тэрис Сахсары диэн Өлүөнэ эбэ былыргы аата диэн этэрэ. Ыам ыйын 21 күнүгэр 1993 сылтан хас сыл аайы тиһигин быспакка Сайсары күөлгэ сиэр-туом ыытара, оттон билигин Уйусхаана салгыыр. Тэрис Сайсарыга, саха омук ытык Эбэтэ диэн, мэлдьи сүгүрүйэрэ.

      Афанасий Алексеевич «Саха сирин ытык сирдэрэ» социальнай-пилотнай бырайыагын Мэҥэ Хаҥалас ытык сирдэринэн саҕалыыр баҕалааҕын эппитэ. Миигин, Мэҥэ буоларым быһыытынан, ытык сирдэринэн маршрутта оҥор диэн көрдөспүтүгэр, 2015 сылга бахсыбыт, сэһэнньиппит Тэриһи кытта сылдьыбыт маршруппут суолун арыый кэҥэтэн оҥорбутум. Бу сайын атырдьах ыйын 16, 17, 18 күннэригэр Чүүйэ – Аллараа Бэстээх – Маандай – Дьаарбаҥ – Долоон – Моҕоллой – Урдаах – Томтор – Төҥүлү – Балыктаах – Матта – Дойду ытык сирдэринэн сылдьан олохтоохтору кытта санаа атастаһан элбэҕи билэн-көрөн кэллибит. А.А. Николаев историк быһыытынан олус дириҥ көрүүлэрдээх, инникитин ытык сир өйдөбүл тула үлэлэһэр, киэҥ, бырайыакка сыһыаннаах былааннардаах. Экспедиция тэрээһинигэр сылдьыбыт нэһилиэктэрбит баһылыктара көмө-тирэх буоллулар. Төҥүлүгэ, Балыктаахха түмсүүлэр Айыы итэҕэлинэн СКАЧАТЬ