Кытылга кыыс ытыыра. Галина Нельбисова
Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кытылга кыыс ытыыра - Галина Нельбисова страница 8

Название: Кытылга кыыс ытыыра

Автор: Галина Нельбисова

Издательство: Айар

Жанр:

Серия:

isbn: 978-5-7696-2135-8

isbn:

СКАЧАТЬ style="font-size:15px;">      – Кэм буолуо, эн ыксыырыҥ биллэр этэ. Оччоҕо хайдах буолабыт? – Лариса куолаһыгар ыксыырыҥ бэрт эбит диэн сэмэлээһин иһилиннэ.

      – Сарсын эн хайдах бириэмэлээххинэн Кыыс Кырдалыгар көрсүһүөххэ, – Светлана өртөн былааннаабыт буолан этэ оҕуста.

      – Кыыс Кырдалыгар даа? Айыкка, бачча куйааска таһырдьа дуо? – Лариса соһуйуу-өмүрүү бөҕөтүн түһэрдэ.

      – Бу үлүгэр самаан сайын сатыылаан турдаҕына ама дьиэҕэ хаайтаран олоруохпут дуо? Кыра ыһык, чэй ылыахпыт. Хонууга олоро түһүөхпүт буоллаҕа дии. Дьонуҥ көҥүллүүллэр ини?

      – Дьэ эн эрэ буолаҥҥын бу оҕолор көҥүллүүллэр. Чэ сөп. 11 чааска миэхэ көрсүөххэ. Сарсыҥҥа диэри!

      Сарсыныгар Лариса тиэргэнигэр көрсүһэн, хас да сыл көрсүспэтэх дьүөгэлиилэр сиэрдэринэн, омуннаахтык куустуһан, сыллаһан Кыыс Кырдала диэн үрэх үрдүгэр турар айылҕа биир маанылаан оҥорбут кэрэ миэстэтин диэки хаамсыбыттара… Уруккуну-хойуккуну, оҕо саас, оскуола доҕотторун ахтыһан атахтара уруккуттан да кэлэ үөрэммит сиригэр түргэнник тиийбитэ.

      – Оо, дорообо, Кыыс Кырдала барахсан! Наһаа да ахтар сирим буоллаҕыҥ эбээт! – Светлана бөлкөй талахтарынан тулаламмыт кырдалга кыыс оҕолуу кылыйбахтаан ылбыта.

      – Айыккабыын, куорат чүөчэтэ диэх курдук. Эниэргийэҥ бөҕө, аны аэробикалаан бардыҥ дуу? – Лариса, модьу-таҕа буолан куйааска хаампытыттан аҕылаабыт киһи быһыытынан, «дьэ олорор сирбин буллум ээ» диэбиттии, лаҕыччы олорунан кэбиспитэ.

      Светланалаах Лариса бастакы кылаастан бииргэ үөрэнэн оскуоланы бүтэрбиттэрэ. Уу тэстибэт дьүөгэлиилэр этэ. Арай кинилэри, этэргэ дылы, улахан олох аартыгар тахсыы, бэйэ туспа суолун солонор кэм-кэрдии кэлиитэ араартаабыта. Светлана үөрэҕэр өрүү үчүгэй буолан, ол кэмнээҕи сиэринэн совхоз үлэтигэр хабыллыбакка, тута үөрэххэ киирэ Дьокуускайдаабыта. Оттон Лариса төрөөбүт совхоһун туругурда, этин-үүтүн элбэтэ, уйгутун уһанса үлэлии хаалбыта. Оскуолаттан доҕордоспут табаарыс уоллааҕа. Онтун армияҕа атааран, Светата эмиэ үөрэххэ баран, бастаан чуҥкуйуох курдук гынан иһэн, олоҕун саҥа укулаатыгар үөрэнэригэр тиийбитэ. Биир да өрөбүлэ да, бырааһынньыга да суох ферма үлэтэ сөп оҥороро. Билигин санаатахха, сабыс-саҥа оскуоланы бүтэрбит, оччо улахана, күүһэ, кыаҕа суох көрүҥнээх нарын-намчы кыргыттар эмискэ үлэ да бөҕөҕө тиксэр эбиттэр ээ. Былаан, бырыһыан сырсыыта сэниэлэрин эһэрэ. Эдэр, син доруобай буоланнар тулуйдахтара. Үлэлиэхтээх икки сылын түмүктээн дьэ туохха эрэ үөрэммит, идэлэммит киһи диэн саныы сырыттаҕына, табаарыһа Виссарион армияттан кэлбитэ. Ахтыспыт эдэр дьон омуннаах соҕус көрсүһүүлэрэ ыал буолар туһунан быһаарыныыга аҕалбытын өйдөөбөккө да хаалбыттара. Икки өттүттэн дьонноро «үөрэммэккэ ыксаатыгыт» диэн мөҕүттэн-мөҕүттэн баран, хайыахтарай, кэскил тэринэр оҕолорун сиэр быһыытынан тэрийэр түбүккэ түспүттэрэ. Виссарион үрдүк үөрэх туһунан санаан да көрбөт этэ, оскуоланы бүтэрэригэр үөрэнэн ылбыт трактор ыытарга бырааптааҕын килиэбин хааччынар идэлээх курдук хата бэрт холкутук сананара. Онон тута үлэлээн барбыта. Лариса сотору ыарахан буолан хаалан СКАЧАТЬ