Название: Кытылга кыыс ытыыра
Автор: Галина Нельбисова
Издательство: Айар
isbn: 978-5-7696-2135-8
isbn:
– Өссө атын таптал баар дуо, хотуой? Кэпсээ, Света, кэпсээ.
– Баҕар, эн билигин истэргэр солуута да суох соҕус кэпсээн буолара дуу. Билбэтим. Ол эрээри, чэ, иһит. Эдэр сааспыт биһигэр – Кыыс Кырдалыгар да үктэммиччэ ностальжилыым. Мин ол сайын манна дойдубар практикалана кэлбитим. Улуус киинигэр балыыһаҕа сиэстэрэлээн сайылаабытым. Эн манна иккис кыыскар уоппускаҕа олорор этиҥ. Элбэх сыл ааспытын кэннэ санаатахха, ол мин олохпор хаһан да хатыламмат, умнуллубат кэрэ сайын ааспыт эбит. Быһата, Виталий диэн уоллуун билсибитим. Көрдө көрөөт, сүрэхпин туттарбытым. Оруобуна таптал туһунан ыралана саныыр буолуохпуттан идеал оҥостор уолбар маарынныыра. Дьикти уйаҕас баҕайытык көрөр арылхай харахтааҕа, истиҥ бэйэлээх мичээрдээҕэ. Аны хас да киһи бэлиэтээн эппитинэн, бэйэ-бэйэбитигэр олус маарыннаһар үһүбүт. «Ити убайыҥ дуу, табаарыһыҥ дуу?» – диэн ыйыппыттаахтар. Ону баара дьылҕабыт биһиэхэ күн сиригэр көрсүһэн ааһарга бэрт аҕыйах да күнү анаабыт эбит. Ол аҕыйах күммүтүн, үрүҥ түүннэрбитин, хаһан да арахсыа суох дьон курдук, сиэттиһэ сылдьан атаарбыппыт. Кини армияттан саҥа кэлбит этэ, атын улууска училищеҕа туттарса бараары бэлэмнэнэрэ. Арахсар күммүт-дьылбыт чугаһаабыта. Биир киэһэ манна дьиэбэр кэлэн уһун киэһэни быһа сыттыгым илийиэр диэри арахсарбытыттан айманан хараҕым уутунан сууммутум. Бэйэм бэйэбиттэн сөхпүтүм. Уолтан, тапталтан ытыам диэн хаһан да санаабат этим. Арааһа, букатыннаахтык тэйсэрбитин биттэнэн эрдэттэн олус айманнаҕым буолуо.
Үөрэххэ барарыгар авиапорка атаарбытым. Сүрэҕим ыарыылаахтык нүөлүйэн эрэ хаалбыта, тулам барыта кураанахсыйа түспүтэ. Суруйсуох буолбуппут да, хайдах эрэ букатыннаахтык арахсан эрэрбитин сэрэйэр курдугум. Аҥаардастыы айманан, санаабар дьоллоох күннэрбин сылаанньыйа сааһылаан ол сайыны атаарбытым. Өрүс кытылыгар киирэн кэллэхпинэ, ахтылҕаным өссө күүскэ киирэрэ. Биһиги теплоходунан айаннаан иһэн билсибиппит. Ол кыра теплоходу билигин көрдөхпүнэ, Виталий биһикки «Титаникпыт» дии саныыбын. Аргыый, мичээрдии-мичээрдии, утары хааман иһэрин өйбөр оҥорон көрөн, онтубуттан дьоллонон, аргыый долгуйа устар эбэбин одуулаан өөр-өр олорорум.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.